Салгыы
Сэтинньи 13 күнүгэр саҥа магнитнай буурҕа саҕаланар

Сэтинньи 13 күнүгэр саҥа магнитнай буурҕа саҕаланар

Ааптар:
13.11.2024, 11:00
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ халлаан туругуттан тутулуктанар дьоҥҥо күн-дьыл уларыйыытынан  сэрэхтээх буолалларыгар ыҥыраллар.

Сэтинньи 13 күнүгэр эбиэт кэннэ Ийэ сир үрдүгэр геомагнитнай дьайыылар үрдүүрэ күүтүллэр, диэн ИКИ Күн астрономиятын уонна ИСЗФ лабораторията иһитиннэрэр. Магнитнай буурҕа кэмигэр хайдах харыстанабыт?

Эбиэт кэннэ күнүс 14.00 чаастан саҕалаан геомагнитнай дьайыылар улаатара күүтүллэр. Эбиэт иннинэ, сарсыарда, магнитнай буурҕа таһыма 9 баалтан 4 баалга диэри үрдүөҕэ. Күн астрономиятын лабораториятын эспиэрдэрэ сэтинньи 13 күнүгэр магнитнай буурҕа түһэрин 25% сабаҕалыыллар, оттон күүстээх магнитнай буурҕа түһэрэ 10%-нан сыаналанар.

Учуонайдар магнитнай буурҕалары мэлдьи бэлиэтииллэр уонна кинилэр күүстэрин баалларынан сыаналыыллар. Күн эстиитин кыамтатын кээмэйин сыаналыырга Кр-индекс туһаныллар. Манна 0- тэн 9-ка диэри баалынан Ийэ сиргэ геомагнитнай дьайыылар туруга сыаналанар, ол курдук 9-тан саҕалаан күүстээх магнитнай буурҕа түһэрэ сыаналанар. Кр-индексинэн сэтинньи 13 күнүгэр 4 таһымнаах мөлтөх магнитнай буурҕа буолара күүтүллэр.

Магнитнай буурҕа кэмигэр быраастар күүстээх стресстэн, үлэттэн, хамсаныыттан куотунарга, ону тэҥэ ноҕоруусканы көрөн сөпкө үлэлииргэ сүбэлииллэр. Өскөтүн киһи магнитнай буурҕа кэмигэр киһи сылайар, сылаабайдыыр буоллаҕына, уруулга олорортон туттунуохтаах. Өскөтүн күүстээх дьайыы сибикилэннэҕинэ, балыыһаҕа тиийэн көрдөрүнэр ордук.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
14 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: