Сэтинньи 21 күнүгэр хайдах халлаан турда?
21.11.2024, 17:00
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бүгүн эһиэхэ халлаан хайдаҕый? Былыттаах дуу, күннээх дуу? Бүгүҥҥү күнүнэн ахсынньы 19 күнүгэр диэри турар халлааны билгэлииллэр.
Сэтинньи 21 күнүгэр сис былыт тахсан халлаан сылыйар. Өскөтүн сылыйдаҕына, ахсынньы 19 күнүгэр диэри ичигэс, онтон бу күн кыраһалаатаҕына, хаардаах дьыл буолар диэн этэллэр.
Сарсын, сэтинньи 22 күнүгэр былытырдаҕына, ахсынньы 4-гэр диэри ичигэс турар.
Онтон ый 28-гар сис былыттаах буоллаҕына, халлаан сылыйар, от-мас кырыаран ылыа.
Сэтинньи 29-гар үчүгэй күн – үтүө кыһыҥҥа, куһаҕан күн – куһаҕан кыһыҥҥа. Сэтинньи хаалбыт аҕыйах күнүн кэтээн көрүҥ, дьылы билгэлээҥ.
+1
10
+1
+1
+1
2
+1
2
+1
2
+1
3
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: