Сэтинньи 25 күнүттэн олоҥхо дэкээдэтэ саҕаланыа
Саха сиригэр Олоҥхо дэкээдэтигэр 90 араас тэрээһин ыытыллыаҕа.
Бу туһунан бүгүн суруналыыстарга ыытыллыбыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ тэрийээччилэр кэпсээтилэр. Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри ыытыллар Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр быйыл 13-с төгүлүн ыытыллаллар.
— Олоҥхо дэкээдэтин биир сонун сүүрээнинэн олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ уонна тимир уустарыгар Ил Дархан истипиэндьийэтин туттарыы сиэрэ-туома буолуоҕа. Бу Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга Айсен Николаев илии баттаабыт биир дьоһуннаах докумуонунан буолар. Бастакы стипендиаттар ааттара сэтинньи 24 күнүгэр дорҕоонноохтук ааттаныахтара, — диэн бэлиэтээтэ култуура уонна духуобунас сайдыытын министирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев.
Быйылгы Олоҥхо дэкээдэтигэр улуустартан көхтөөхтүк кыттыахтара. Ол курдук, Киров 31 №-дээх дьиэтигэр баар Муусука уонна фольклор түмэлигэр Сунтаартан Наталья Эконова А.П. Амвросьев «Көҕөн кус уола Күн Ньургун» олоҥхотун толоруоҕа. Чурапчыттан «Төрүт ситим» бырайыак биһирэмин кытта «Буура Дохсун» олоҥхону олоҥхоһут Николай Григорьев толоруоҕа. Тэрээһин Өксөкүлээх аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытыллыаҕа. Маны таһынан, Тааттаттан, Дьааҥыттан кэлэн араас тэрээһиннэри ыытыахтара. 2023 сылга Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, Томтор нэһилиэгэр Тымныы хаһаайына Чысхаан Аар Айылҕаҕа ытык алгыһын аныаҕа.
Ити курдук, Олоҥхо дэкээдэтигэр анаммыт араас тэрээһиннэри сырдатан иһиэхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: