Сэтинньи бастакы күнүттэн саҥа ый үүнэр кэмэ
Ый аайы сир аргыһа түөрт фазаны ааһан ийэ сир олохтоохторугар араастык дьайар. Бу сылга күһүҥҥү бүтэһик ый үүнүүтэ сэтинньи 1 күнүгэр түбэһэр.
Бу кэмҥэ эспиэрдэр инникини торумнуурга уонна баҕа санаа сыалын ситиһэргэ бастакы хардыылары оҥорорго сүбэлииллэр. Саҥа ый үүнэрин кэмигэр 48 чаас устата дьикти уонна ураты кэм үөскүүр. Киһи баҕа санаатын толорорго кыах бэриллэр. Саҥа ый үүнүүтэ тугу эмит арыйарга, араас саҥа сыалы-соругу туруорунарга, баҕа санааны буларга көмөлүүр диэн суруйаллар.
Ый хаамыыта киһи олоҕор хайдах дьайарый? Тоҕо ый халандаара суолталааҕый?
Суолтата
Киһи 70-80% ууттан тутулуктаах, мас-үүнээйи ый хаамыытынан үүнэр, муора уутун түһүүтэ уонна тахсыыта эмиэ ый күүһүнэн хамсыыр. Ол иһин ый халандаарынан салайтарар эмиэ оруннаах суолталаах буолар эбит. Алгыстар, улахан тэрээһиннэр, уруулар, малааһыннар, саҥа саҕалааһыннар ый үүнэригэр оҥорор ордук эбит, онтон ый өлүүтүгэр ыраастанар ордук.
Санаттахха, Стручков Виктор Павлович-Дуулаҕа Дьуһаал күннээҕи олоххо ыйынньык буолар ааптарскай халандаарын билиһиннэрбитэ. Кини этэринэн, ый хаамыытынан 28 хонугу 13 ыйга төгүллээтэххэ 364 күн уонна эбии биир күн ыһыах күнэ тахсар.
Киһи олоҕор дьайыыта
Сэтинньи 1-15 күннэригэр ый хаамыытынын үүнэр кэмэ. Сир аргыһа күн аайы халлааҥҥа көстөрө улаатар. Оттон сэтинньи 16 күнүгэр толору ый үүнэр. Ол кэнниттэн сэтинньи 17-29 күннэригэр ый өлүүтэ саҕаланар — бү кэмҥэ үлэ түмүктэнэригэр уонна наадата суохтан аккаастанарга табыгастаах кэм.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: