Сэтинньи бастакы күнүттэн саҥа ый үүнэр кэмэ

Share

Ый аайы сир аргыһа  түөрт фазаны ааһан ийэ сир олохтоохторугар араастык дьайар. Бу сылга күһүҥҥү бүтэһик ый үүнүүтэ сэтинньи 1 күнүгэр түбэһэр.

Бу кэмҥэ эспиэрдэр инникини торумнуурга уонна баҕа санаа сыалын ситиһэргэ бастакы хардыылары оҥорорго сүбэлииллэр. Саҥа ый үүнэрин кэмигэр 48 чаас устата дьикти уонна ураты  кэм үөскүүр. Киһи баҕа санаатын толорорго кыах бэриллэр. Саҥа ый үүнүүтэ тугу эмит арыйарга, араас саҥа сыалы-соругу туруорунарга, баҕа санааны буларга көмөлүүр диэн суруйаллар.

Ый хаамыыта киһи олоҕор хайдах дьайарый? Тоҕо ый халандаара суолталааҕый?

Суолтата

Киһи 70-80% ууттан тутулуктаах, мас-үүнээйи ый хаамыытынан үүнэр, муора уутун түһүүтэ уонна тахсыыта эмиэ ый күүһүнэн хамсыыр. Ол иһин ый халандаарынан салайтарар эмиэ оруннаах суолталаах буолар эбит. Алгыстар, улахан тэрээһиннэр, уруулар, малааһыннар, саҥа саҕалааһыннар ый үүнэригэр оҥорор ордук эбит, онтон ый өлүүтүгэр ыраастанар ордук.

Санаттахха, Стручков Виктор Павлович-Дуулаҕа Дьуһаал күннээҕи олоххо ыйынньык буолар ааптарскай халандаарын билиһиннэрбитэ. Кини этэринэн, ый хаамыытынан 28 хонугу 13 ыйга төгүллээтэххэ 364 күн уонна эбии биир күн ыһыах күнэ тахсар.

Киһи олоҕор дьайыыта

Сэтинньи 1-15 күннэригэр ый хаамыытынын үүнэр кэмэ. Сир аргыһа күн аайы халлааҥҥа көстөрө улаатар. Оттон сэтинньи 16 күнүгэр толору ый үүнэр. Ол кэнниттэн сэтинньи 17-29 күннэригэр ый өлүүтэ саҕаланар — бү кэмҥэ үлэ түмүктэнэригэр уонна наадата суохтан аккаастанарга табыгастаах кэм.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сэтинньи бэлиэ күннэрэ, билгэлэрэ

Сэтинньи – Байанай ыйа. Сэтинньигэ сыһыаннаах билгэлэри, бэлиэ күннэри төһө билэҕит? 2.11 – ыанньыйбыт былыт…

10 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Полиция үлэһиттэрэ уоруйаҕы туттулар

Ис Дьыала министиэристибэтин  Саха сиринээҕи салалтатын 3 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо…

39 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Уус Алдаҥҥа дроннартан хаххалыыр суорҕаннары тигэр сыах аһылынна

Уус Алдан Бороҕон нэһилиэгэр байыастарга анаан дроннартан хаххалыыр суорҕаны тигэр сыах аһылынна. «Өссө биир кэрэхсэбиллээх…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа арыгыны атыылааһын чааһын сыыйа хааччахтыыр туһунан этии киллэрдилэр

Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Султан Хамзаев арыгыны атыылааһын чааһын сыыйа дойду үрдүнэн өрөбүл күннэргэ биэс чаас…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Дьиэ кэргэн ипотекатыгар” көрүллэр үп сыл бүтүөр диэри тиийиэ

Рф Үпкэ министиэристибэтигэр быһаарбыттарынан, бырабыыталыстыба “Дьиэ кэргэн ипотекатыгар” көрүллэр лимиити бааннарга 350 млрд солкуобайынан улаатыннарда.…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Амма олохтооҕо дьахтары өлөрбүт холуобунай дьыалата суут көрүүтүгэр ыытылынна

Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин Илин Эҥэр оройуоннар икки ардыларынааҕы отделениета Амма улууһун 48 саастаах олохтооҕо киһини…

2 часа ago