Сэтинньи бэлиэ күннэрэ, билгэлэрэ

Сэтинньи бэлиэ күннэрэ, билгэлэрэ

01.11.2024, 14:15
Хаартыска: С.Львова.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи – Байанай ыйа. Сэтинньигэ сыһыаннаах билгэлэри, бэлиэ күннэри төһө билэҕит?

2.11 – ыанньыйбыт былыт халлааны бүрүйдэҕинэ, кыһына ичигэс, оттон тымныйан бүрүйдэҕинэ, кыһына тымныы.

6.11 – саҥа ый үүнэр.

8.11 – Миитэрэйэп. Халлааҥҥа ыанньыйбыт былыттар бүрүйэ налыйдахтарына кыһын ичигэс. Бу күн балык миинин курдук былытырдаҕына, тымныы кэлэр. Сылгы идэһэлэнэр кэм.

9.11 – муус ылыыта уурайар, муус хаҥыыр, сорох сиринэн 40 см тиийэр.

12.11 – ымыы чыычаах тэлгэһэҕэ мустар. Туллук тэлгэһэҕэ түһэн от сыатын сиир.

14.11 – өрүс бүтэһиктээхтик турар.

15.11 – өрүскэ муус халыҥа 40-45 см буолан, сыарҕа айана саҕаланар.

21.11 – сис былыт, оччоҕо ахсынньы 19 күнүгэр диэри ичигэс. Онтон ити күн кыраһалаатаҕына хаардаах дьыл буолар.

22.11 – ый туолуута. Былытырдаҕына, ахсынньы 4-гэр диэри ичигэс. Дьүкээбил уоттаннаҕына ичигэс былыт кэлэр. Бытарҕан тымныылар түһүөхтэрэ.

23.11 – тымныы өрөгөйдүүр.

25.11 – өскөтүн бу күн хаардаатаҕына, ахсынньы 4 күнүгэр сылыйар.

28.11 – сис былыттаах буоллаҕына, халлаан итийэр, от-мас кырыаран ылыа.

29.11 – үчүгэй күн – үтүө кыһыҥҥа, куһаҕан күн – куһаҕан кыһыҥҥа.

 (“Саха төрүт культурата”, “Күн-дьыл эргиирэ”, “Народный календарь якутов” кинигэлэртэн).

+1
5
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: