Салгыы
Сэтинньи бүтүүтэ Саха сиригэр  күн-дьыл туруга уларыйа турар

Сэтинньи бүтүүтэ Саха сиригэр  күн-дьыл туруга уларыйа турар

26.11.2024, 18:30
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

“Саха сиригэр сэтинньи бүтүүтэ күн-дьыл туруга уларыйа сылдьыа  уонна халлаан  сылаас буолуоҕа. Бу туһунан СИА-ҕа Саха сиринээҕи УГМС – Гидрометцентр начаалынньыга Татьяна Маршалик кэпсээтэ.

“Бу нэдиэлэҕэ халлааммыт бигэ туруга суох: температура уларыйа турар. Сэтинньи ый аномальнай сылаас буолла: билигин өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн үрдүнэн салгын температурата килиимэт нуорматыттан 5-12 кыраадыһынан үрдүк. Ый бүтүөр диэри Саха сирин хотугулуу-илин өттүгэр улаханнык тымныйбат. Бүгүн саамай намыһах тепература — 43 кыраадыс Өймөкөөн оройуонугар бэлиэтэннэ. Чугастааҕы күннэргэ онно уонна Дьааҥыга эмиэ сылыйыаҕа”, — диэтэ Татьяна Маршалик.

Чугастааҕы икки сууккаҕа киин, соҕуруу оройуоннарга уонна Дьокуускайга температура намтыыра күүтүллэр, тоҕо диэтэххэ, Сибиир антициклона олохтонуоҕа. Түүҥҥү температура -30…-37 кыраадыс. Чэппиэргэ уонна бээтинсҕэ, сэтинньи 28 уонна 29 күннэригэр, салгын сылаас маассата кэлэн, температура үрдүөҕэ. Нэдиэлэ бүтүүтэ -18…-20 кыраадыс.

“Арктика кытылынан циклон ааһар. Анаабыр уонна Булуҥ оройуоннарыгар тыал күүһэ 30  м/с, Тиксии буухтатыгар – 35 м/с, силлиэ түһүөн сөп. Чугастааҕы күннэргэ маннык күн-дьыл циклонтан сылтаан туруоҕа, ол эрээри бүгүн саамай буурҕалаах күн”, — диэтэ салгыы кини.

Нарыйа Пахомова

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: