Кыһыҥҥы иккис ыйбыт үүнэ оҕуста.
Таҥарианство итэҕэлинэн сэтинньини Дьылҕа Хаан уонна Баай Байанай дьаһайаллар.
Кыһын ырааппытынан сэтинньини тымныы буолуо диэбиппит аһара оннук буолбата. Аны нэдиэлэ кэриҥэ сымнаһыар туруо диэтилэр. Күн-дьыл туругун көрдөххө сэтинньи ый барыта да сылаас курдук.
Норуот кэрдииһинньигинэн сэтинньи 8 күнүгэр Тымныы Иччитин аҥар муоһа үүнэн барар. Тымныйар. Ол иһин былыр сылгы идэһэтин сэтинньи 8 күнүгэр тутталлара. Бу кэмҥэ муус халыҥаан, тымныйан муҥхалааһын бүтэр. Оттон быйыл арыый уһуура буолуо.
Оттон сэтинньи 21 күнүгэр Тымныы Иччитин бастакы хаҥас муоһа ситэр. Кыһыҥҥы бастакы тымныы түһэр. Кырыа кыһын бүтэр, аны кыыдаан кыһын үүнэр. Кыһыҥҥы тымныы саҕаланар. Дьон саамай ичигэс кыһыҥҥы таҥастарын кэтэллэр диэн.
Сэтинньигэ саха аам-даам тымныыта түспэт. Хойуу дьаардаах туман дэҥҥэ түһэр. Бу ыйга улаханнык түспэтэ буолуо. Дьаардаах туман эбэтэр халлааммыт -41 С тымныйдаҕына эрэ түһэр. Ол тумантан маасканы баанан көмүскэниллэр. Мааска тымныыттан эмиэ бэркэ көмүскүүр. Онон дьиҥинэн, билиҥҥи кэмҥэ ичигэс саарпык наадата суох. Ону мин мэктиэлиибин.
Күндү доҕоттор! Бука барыгытын Баай Байанай уонна Дьылҕа Хаан ыйынан.
Эҕэрдэни кытта Гавриил Угаров — Эһээ Дьыл
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…