Сэтинньи саҥатыгар көмө харчы барыта төлөнүөҕэ

Share

Бу күннэргэ элбэх өҥөнү оҥорор кииннэргэ уонна «Госуслуги» порталга быстах байыаннай хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр биир кэмнээх 200 тыһыынча солкуобай төлөбүрү оҥороллор.  

Үлэ сэтинньи 1 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх. Бу туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ вице-премьер Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.

— Саха сириттэр быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ туһуламмыт 200 тыһыынча солкуобай харчыны төлөөһүн бара турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ байыаннай чаастарга баар Саха сириттэн тиийбит дьон туһунан чахчыны СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин исписэлиистэрэ чуолкайдаһан кэллилэр. Ил Дархан сорудаҕынан сэтинньи 1 күнүгэр диэри төлөбүр барыта оҥоһуллуоҕа.

200 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрү уочарат быһыытынан: 1) кэргэнэ; 2) ыал буолуу туһунан докумуон суох  буоллаҕына, маннык өйөбүл бииргэ олорбуттара бигэргэннэҕинэ биирдэ көмө оҥоһуллар; 3) кэргэнэ суох буоллаҕына – байыаннай сулууспалааҕы кытта бииргэ олорбут сокуоннай сааһын сиппит оҕолоруттан биирдэстэригэр төлөнөр; 4) кэргэнэ уонна оҕото суох буоллаҕына – төрөппүттэригэр (эппэкииннэригэр) тэҥ өлүүлээн төлөнөр; 5) бу үөһээ ыйыллыбыт чугас аймахтара суох буоллаҕына – аҕыс-балыс, ини-бии аймахтаргыгар төлөнүллэр.

Сайабылыанньаны «Мин докумуоннарым» элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ биэриэххэ наада.

Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕар олоҕуран, байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэттэригэр 200 тыһыынча солкуобай харчынан көмөнү тэҥэ, уһуйааҥҥа  сылдьар оҕоҕо усунуос көрүллүбэт, 5–11-с кылаас оҕолоро оскуолаҕа босхо аһыыллар,  доруобуйаны тупсарар лааҕырдарга босхо путевканан туһаналлар, үрдүк уонна орто анал үөрэхтэргэ тус сыаллаах босхо үөрэх, устудьуоннарга үрдэтиллибит истипиэндьийэ көрүллэр. Байыаннай сулуупалаахтары өйүүргэ туһуламмыт миэрэлэр тустарынан сиһилии 122 төлөпүөҥҥэ эрийэн билсиҥ,диэн быһаарда Ольга Балабкина.

Recent Posts

  • Сонуннар

Дириэксийэ: Өлүөнэ муостатын тутуу кыраапыктан хаалбат

Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Саха сирэ – дьоруойдар дойдулара” бырагыраама салайааччыларга саҥа толкуйу үөскэтэр

“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…

10 часов ago
  • Сонуннар

Муниципалитеттар баһылыктарын 80 % — “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бэрэстэбиитэллэрэ

“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Саха ынаҕын иитэр туһугар

Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөҥҥө Нам Маймаҕатыттан икки массыына бэлэх от кэллэ

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…

11 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускайга өссө 50 саҥа оптуобус куорат маршруттарыгар тахсыаҕа

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Россия24” телеханаалга “Быһа кэпсэтии” бырагыраама эпииригэр Дьокуускайга тырааныспар ситимин…

12 часов ago