Сэтинньи ый билгэтэ
Сэтинньи ый күнүн-дьылын хайдах билгэлииллэр эбитий?
Сэтинньини айан суолун туруута дииллэр. Өссө сороҕор төһө да сылаас күннэр турдаллар, сэтинньи алтыс-тохсус күннэриттэн кыһын кэлэр, оттон дьиҥнээх бытархан тымныы сэтинньи 25 күнүттэн саҕаланар диэн суруйаллар.
Сэтинньи 8 күнүгэр — балык миинин курдук былытырдаҕына, тымныы кэлэр. Миитэрэйэп. Идэһэ кэмэ. Оттон бу күн хаар түстэҕинэ, саас хойутаан кэлэр, кыһын ириэрэр диэн эмиэ бэлиэтэнэр.
Сэтинньи 12 күнүгэр — ымыы чыычаах тэлгэһэҕэ мустар. Туллук тэлгэһэҕэ түһэн, от сыатын сиир.
Сэтинньи 21 күнүгэр — сис былыт, оччоҕо ахсынньы 19-гар диэри ичигэс. Ириэрдэҕинэ, ахсынньы 19-с күнүгэр диэри салҕанар, кырыа түстэҕинэ, хаар өлгөмнүк түһэр, бу күн сарсыардаттан туманнаах буоллаҕына, ириэрии буолар.
Сэтинньи 22 күнэ — былытырдаҕына, ахсынньы 4-гэр диэри ичигэс. Дьүкээбил уоттаннаҕына, былыт (ичигэс) кэлэр. Мас кырыаланнаҕына тымныы түһэр, туман түстэҕинэ ириэрэр.
Сэтинньи 28 күнэ — сис былыттаах буоллаҕына, халлаан итийэр, от-мас кырыаран ылыа.
«Айар» кинигэ кыһатыгар 2009, 2015 сылларга тахсыбыт «Саха халандаарыттан»
Хаартыска СИА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: