Сэтинньи ыйга биэнсийэ кимиэхэ эбиллэрий?

Сэтинньи ыйга биэнсийэ кимиэхэ эбиллэрий?

Ааптар:
12.10.2024, 14:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Чох бырамыысыланнаһын үлэһиттэрин уонна сөптөөх ыстаастаах гражданскай авиация экипааһын үлэһиттэрин, ону тэҥэ алтынньы ыйга 80 саастарын туолбут аҕам саастахтарга сэтинньи ыйтан биэнсийэ кээмэйэ улаатар.

«Биэнсийэҕэ эбии төлөбүрү бу сыл сэтинньи 1 күнүттэн чох бырамыысыланнаһын үлэһиттэрэ уонна гражданскай авиация экипаажтарын чилиэннэрэ үлэлиир ыстаастара 25-тэн итэҕэһэ суох буолар түгэнигэр (дьахталларга — 20 сыл, эр дьоҥҥо — 25 сыл) ылыахтара. Онуоха үлэһит ыстааһа биэс сылга сарбыллар ‐ үлэтэ тус доруобуйатынан тохтотуллубут түгэнигэр», — диэтэ РАНХиГС эспиэрэ Линда Рыжих.

Кини этэринэн, ону кытта биэнсийэҕэ эбии төлөбүрү алтынньыга 80 саастарын туолбут аҕам саастаахтар ылыахтара. Кинилэр сэтинньи 1 күнүттэн страховой биэнсийэлэрин төлөбүрэ икки төгүл улаатыа.

«2024 сылга сааһынан страховой биэнсийэ төлөбүрэ 8134,88 солк. буолар. Онон 80 саастарын туолбут аҕам саастаахтарга ыйдааҕы төлөбүр улаатан, уопсайа 16269,76 солк. буолуо. Уһук хоту сир олохтоохторугар бу суума эбии улаатан биэрэр (оройуоннааҕы коэффициент кээмэйиттэн көрөн)», — диэн эспиэр чопчулуур.

+1
7
+1
2
+1
0
+1
0
+1
3
+1
3
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: