Сэтинньи — Байанай ыйа

Share

Өбүгэлэрбит сэтинньини Байанай булдун-алтын кытта ыкса сибээстииллэрэ — олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр курдук саныыллара. Махталлаах булчукка Байанай хара тыа баайыттан үөрэ-көтө бэрсэр диэн өйдөбүл олохсуйбут.

Үгэс быһыытынан, норуот синоптига Тускул сэтинньини билгэлээтэ.

— Сэтинньи — сахалар саамай сүгүрүйэр ыйдарыттан биирдэстэрэ. Бу ыйга түүмэх түһэн барар. “Түүмэх” диэн син биир кыраһа курдук. Уу паара тоҥон, хаар буолар уонна сиргэ түһэр. Түүмэх, үксүгэр, былыта суох буолар. Эһиилги сыл хайдах буолуон түүмэҕинэн билэллэр. Элбэх буоллаҕына — өҥ дьыл, аҕыйаҕар курааны күүтэллэр.

Сэтинньини ыам ыйа батыһар. Ый ортотугар (14 күн) сылаас таҥаһы кэтэр күн. Халлаан тымныйар. Киһи кыһыҥҥы таҥаһын кэтэр. Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-даам буолбатах (ол ахсынньы 10‑тан саҕаланыа). Күн сиэлиинэн күрэнэн иһэр. Хараҥа улаата турар.

Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу, быһаараллар. Тибиитэ элбээтэҕинэ үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибии түһэр. Оччотугар өҥ дьылы күүтэллэр. Миитэрэйэп саҕана (сэтинньи 8 күнэ) халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына, сылаас кыһын буолар. Ыт атаҕын чиккэччи тэбинэн ойоҕоһунан сыттаҕына, хаар түһэр. Өрүс уута тура илигинэ кыстык хаар түстэҕинэ, куһаҕан дьыл кэлэр. Ойбону саҥа аллардахха уута толору тахсар, ардыгар модьоҕотун таһыгар охсор буоллаҕына, уулаах саас, итиэннэ өҥ сайын кэлэр. Уу нэһиилэ тахсар, өрө тэппэт буоллаҕына, сааһыгар үрэххэ уу кэлбэт, уута суох саас буолар.

Сэтинньи билгэтэ

Сэтинньи 2 күнэ — былыттаннаҕына, кыһына ичигэс.

Сэтинньи 3 күнэ — бу ыйга үс тибии түстэҕинэ, саас тоҕус тибии түһэр дииллэр. Онтон элбэх буоллаҕына, өҥ дьыл буолар. Аҕыйаҕар — кураан.

Сэтинньи 5 күнэ — былыта суох күн хаар кыыдамнаан, элбэх кыраһа түстэҕинэ, өҥ сыл буолар. Кыраһа кыра буоллаҕына, кураан сыл буолар диэн суруйаллар.

Сэтинньи 8 күнэ — Сэтинньи 8 күнүттэн (Миитэрэйэп күнэ), сахалыы халандаарынан, идэһэни өлөрүү саҕаланар. Миитэрэйэп күнүгэр халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына — кыһына тымныы, оттон үдүк-бадык уонна сырдыктыҥы будулҕан былыттар таҕыстахтарына, тымныы кыһыны күүтүҥ.

Сэтинньи 15 күнэ — Ый уонна Үргэл алтыһаллар. “Ырааҕынан ааһыстахтарына — сылаас, чугаһынан ааһыстахтарына, тымныы буолар” дииллэр. Муҥха бүтэр (саха ыалын халандаарыгар — Мэхээлэйэп күнэ).

Сэтинньи 22 күнэ — былыттаннаҕына, ахсынньы 4 күнүгэр диэри ичигэс.

Сэтинньи 25 күнэ — Уус Алдан улууһун Курбуһах олохтооҕо Федот Николаевич Аммосов суруйбутунан, Мэхээлэйэп Таҥара күнэ.

Сэтинньи 26 күнэ — ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-даам тымныы түһүүтэ буолбатах.

Сэтинньи 27 күнэ — саҥа үүнэр ый туруору таҕыстаҕына — тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.

Сэтинньи 28 күнэ — сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына — халлаан тымныйарыгар.

Сэтинньи 29 күнэ — соҕурууттан, арҕааттан салгыннаннаҕына — тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына — тыал-хаар түһэр.

Кэлиҥҥи сылларга күн уһаан иһэрэ билиннэ. Киин улуустарга кыстык хаар хойутаан түһэн, хойукка диэри сүөһүлэр алаастарынан сырыттылар. Соторутааҕыта хотоннорун буллулар. Аны Өлүөнэ Эбэ дьыл баччатыгар диэри устан мөлбөһүйэ сытар. Кыдьымах билигин да киирэ илик. Былырыын өрүс сэтинньи 27 күнүгэр турбута, массыыналар онон олох хойутаан Эбэни туораабыттара. Быйылгы сэтинньи эмиэ сымнаҕас ыйдар ахсааннарыгар киирииһи.

Урут баччаларга Өлүөнэ өрүскэ уу сырыыта сабыллан, кыдьымах киирэн, сэтинньи 7 күнүгэр бастакы массыыналар туорууллар этэ. 40–45 кыраадыстаах тымныы түһэрэ. Бу Арктика сылыйыытын бэлиэтэ. Хотугу Муустаах муора мууһун ириитин охсуутунан эһиил өссө сылыйаары турар. Онон бу кэмҥэ олорооччулар айылҕа тосту уларыйыыларын биирдэ буолар көстүүлэрин туоһуларынан буолабыт.

Хаартыскаҕа Ольга Пестерева түһэриитэ.

Киин улуустар

Ый устата киин улуустарга хаара кэмчи. Ол оннугар күн аайы кыра кыралаан кыраһалыыр. Ый устата баара-суоҕа 15 мм хаар түһүөҕэ. Бу ый I дэкээдэтигэр, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сылаас: күнүс –19 С кыраадыс, түүнүн –24 С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүс –24 С кыраадыс, түүнүн –28 С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүс‑30 С кыраадыс, түүнүн –35 С кыраадыс тымныы.

Бүлүү бөлөх улуустар

Бүлүү эҥээр улуустарга эмиэ хаар суоҕун кэриэтэ. 2 эрэ күн өлгөмнүк хаардыыһы, ый устата 17 мм хаар түһүүһү. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, улахан тымныы суох. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс –17 С кыраадыс, түүн –21 С кыраадыс тымныы. II дэкээдэҕэ улахан тымныы суох. Күнүһүн –21 С кыраадыс, түүнүн –27 С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн‑30 С кыраадыс, түүнүн –35 С кыраадыс тымныы.

Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга сэтинньигэ 3 эрэ күн устата өлгөмнүк хаардыыр, онтон атын күннэргэ хаара суох. Ый устата 23 эрэ мм хаардаах. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс –13 С кыраадыс, түүнүн –17 С кыраадыс тымныы. II дэкээдэҕэ күнүһүн –17 С, түүнүн –21 С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн‑24 С кыраадыс, түүнүн –28 С кыраадыс тымныы буолууһу.

Өймөкөөн улууһа

Өймөкөөн Саха сирин саамай тымныы улууһунан биллэр. Быйыл манна эмиэ урукку сылларга тиийбэт тымныы түһүөҕэ — кыһына сымнаҕас. Алтынньыга сөҥүүтэ кэмчи этэ. Сэтинньигэ хаарын олох да мэлитииһи. Ый устата 9 мм хаар түһүөх курдук. Дьэ, сүрдээх диэтэҕиҥ! Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс –26 С кыраадыс тымныы, түүн –32 С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүһүн –32 С кыраадыс, түүнүн –36 С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн –36 С кыраадыс, түүн –40 С кыраадыс тымныы.

Дьааҥы улууһа

Бу биир эмиэ тымныы улууһу быйылгы сыллааҕы сылыйыы эмиэ тумнубатах. Хаар эмиэ, атын улуустар курдук, кэмчи. Сэтинньигэ баара-суоҕа 9 мм хаар түһүөҕэ. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс –23 С кыраадыс, түүн –29 С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүһүн –30 С кыраадыс, түүнүн –34 С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн –36 С кыраадыс, түүн –40 С кыраадыс тымныы.

Абый, Муома, Халыма, Үөһээ Халыма, Аллараа Халыма улуустара 

Халыма-Индигир эҥээр улуустарга, алтынньы ыйга сөҥүүтэ олох кэмчи. Сэтинньигэ кыырпах да хаар суох буолууһу. Бу ый I дэкээдэтэ күнүс –20 С кыраадыс, түүн –25 С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүһүн –30 С кыраадыс, түүнүн –34 С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн –33 С кыраадыс, түүн –36 С кыраадыс тымныы.

Анаабыр, Өлөөн, Тиксии

Арктика эҥээр улуустарга орто хаардаах кыһын буолуоҕа. Ый устата 22 мм хаар түһүөҕэ. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс‑16 С кыраадыс, түүн –20 С кыраалыс тымныы. II дэкээдэҕэ күнүһүн –19 С кыраадыс, түүнүн –23 С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн —25 С кыраадыс, түүн –28 С кыраадыс тымныы.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago