Хаартыска: СИА
Саха сиригэр 2023 сыл сэтинньитигэр 908 оҕо: 454 уол уонна 454 кыыс төрөөтө. Бу сыл 11 ыйыгар барыта 10 188 оҕо: 5173 уол уонна 5015 кыыс төрөөбүт.
ЗАГС управлениета иһитиннэрбитинэн, сэтинньигэ төрөөбүт оҕолорго саамай тарҕаммыт ааттарынан Айтал, Александр, Артём, Дамир, Дьулуур, Лев, Максим, Тимур, Эрсан, Эркин, Ярослав диэн буолбуттар.
Оттон сэдэх ааттарга: Алик, Борис, Владимир, Глеб, Демьян, Клим, Матвей, Платон, Родион, Фёдор, Яромир.
Сэтинньигэ төрөөбүт кыргыттарга саамай тарҕаммыт ааттар: Аделина, Алиса, Амелия, Валерия и Виктория. Оттон сэдэх ааттар: Агата, Варвара, Елена, Инесса, Любовь, Майя, Надежда, Полина, Яна.
Саха сирэ төрөөһүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ лиидэр буолар. Оттон киһи олоҕун орто уһуна Арассыыйа орто көрдөрүүтүн куоһаран, 73,5 сылга тэҥнэстэ. Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө миэрэлэрин, ол иһигэр «Демография» национальнай бырайыак көмөтүнэн, 2023 сыл бэс ыйыгар Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана 1 мөлүүйөн киһиэхэ тиийбитэ.
Бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, 8 чаас саҕана Хаҥалас Улахан Аанын олохтооҕо эр киһи дьиэтигэр…
Бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар быстах ардыыра, этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр…
Сулустар тугу кэпсииллэр? Астрологтар тугу билгэлииллэр? ХОЙ Ситэ быһаарыллыбатах дьыаланы аһаҕас хаалларар сэрэхтээх буолбут. Онон…
Уопсайа 500-тэн тахса араас саастаах дьон «Вместе Победим!» диэн сүүрүүгэ кыттыыны ыллылар. Бу аахсыйа онкологическай…
Дьылҕа хаан ыйааҕа билиэҕэ диэн санаа сахаларга хайдах, хаһан кэлбитин билбэтим гынан баран, хас биирдии…
2025 сылга “Үлэ киһитэ‑2025” үрдүк ааты ылбыт дьон ортотугар Бүлүү улууһуттан ийэлээх кыыс бааллара биир…