Сэтинньигэ күнү-дьылы билгэлээһин

Сэтинньигэ күнү-дьылы билгэлээһин

01.11.2023, 11:40
Хаартыска: СИА-тан.
Бөлөххө киир:

Сэтинньиттэн олоччу кыһыҥҥа үктэннибит. Кыһыҥҥы кэм барыта 146 хонуктааҕынан биллэр, үс кэрдиискэ арахсар. Кыһын хайдаҕый да, сайына оннук диэн билгэлииллэр.

Билигин биһиги көннөрү кыһын диэн бэрт судургутук этэн кэбиһэр эбит буоллахпытына, өбүгэлэрбит дьыл хас биирдии кэмин кэрдиистэргэ араараллара. Ол курдук, кыһын 146 хонуктаах, үс кэрдиискэ арахсар.

  1. Кыһын саҕаланыыта 56 күн. Алтынньы 22 күнүттэн ахсынньы 19 күнүгэр диэри, күөл туруоҕуттан күн кылгыыра тохтуор диэри кэм. Ити кэмҥэ чыыр, муксун, бил балык ыыр.
  2. Кыһын оройо 43 күн. Ахсынньы 19 күнүттэн олунньу 1 күнүгэр диэри, кыстык кэм аҥара.
  3. Тымныы муоһун тостуута 46 күн. Олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 17 күнүгэр диэри. Күн ортото дьиэ сарайыттан хаар уута ирэн муус чопчу үөскүөр диэри кэм.

Аны сэтинньи билгэтин көрүөҕүҥ. Сэтинньи Байанай ыйынан биллэр.

Сэтинньи 2 күнэ – ыанньыйбыт былыт халлааны бүрүйдэҕинэ кыһына ичигэс, оттон тымныы бүрүйдэҕинэ — кыһына тымныы.

Сэтинньи 2 күнэ – кыһын саҕаланар, хаардыыр, киэһэлик тыалырар.

Сэтинньи 6 күнэ – саҥа ый үүнэр.

Сэтинньи 8 күнэ – балык миин курдук былытырдаҕына тымныы кэлэр. Миитэрэйэп. Идэһэ сүөһү өлөрүллэр.

Сэтинньи 9 күнэ – муус ылыыта уурайар, муус хаҥыыр, сорох сиринэн 40 см. тиийэр.

Сэтинньи 12 күнэ – ымыы чыычаах тэлгэһэҕэ мустар. Туллук тэлгэһэҕэ түһэн, от сыатын сиир.

Сэтинньи 14 күнэ – өрүс бүтэһиктээхтик турар.

Сэтинньи 15 күнэ – өрүскэ муус халыҥа 40-45 см буолан, чэпчэки уйуктаах массыынаҕа суол аһыллар. Лена өрүс Дьокуускай куорат аннынан турар, сыарҕа айана саҕаланар.

Сэтинньи 21 күнэ – сис былыт тахсан халлаан итийэр. Өскө итийдэҕинэ ахсынньы 19 күнүгэр диэри ичигэс, онтон ити күн кыраһалаатаҕына, хаардаах дьыл буолар.

Сэтинньи 22 күнэ – ый туолуута. Бытарҕан тымныылар түһүөхтэрэ. Былытырдаҕына, ахсынньы 4-гэр диэри ичигэс. Дьүкээбил уоттаннаҕына ичигэс былыт кэлэр.

Сэтинньи 23 күнэ – тымныы өрөгөйдүүр.

Сэтинньи 28 күнэ – сис былыттаах буоллаҕына, халлаан итийэр, от-мас кырыаран ылыа.

Сэтинньи 29 күнэ – үчүгэй күн – үтүө кыһыҥҥа, куһаҕан күн – куһаҕан кыһыҥҥа.

(“Күн-дьыл эргиирэ” 1992 с., “Саха төрүт культурата” 1992 с. кинигэлэртэн).

+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: