Сэтинньигэ магнитнай буурҕалар халандаара
Сэтинньигэ магнитнай буурҕаларга тиэрдиэн сөптөөх Күҥҥэ хас да улахан эстиилэр буолаллара күүтүллэр.
Бу айылҕа көстүүлэрэ киһи доруобуйатыгар, электроника үлэтигэр уонна киһи уйулҕатыгар кытта дьайыахтарын сөп. Онон бүгүн магнитнай буурҕалар түһэр халандаарын таһаарабыт.
Сэтинньи ыйыгар сыл ахсын курдук Күн эстиилэрэ тахсара үрдүк буолуон сөп, диэ РИА новости суруйар. Бу ыйга астрологтар хас да улахан магнитнай буурҕа түһэрин күүтэллэр. Күн астрономиятын уонна лабораториятын исписэлиистэрин чахчыларынан, ый саҕаланыыта уонна бүтүүтэ ордук Күн дьайыылара күүһүрүөҕэ.
Чуолаан, сэтинньи 11, 12, 15 уонна 20 күннэригэр магнитнай буурҕалар 4 баалга диэри күүһүрэрэ күүтүллэр. Маны таһынан, сэтинньи 24 уонна 25 күннэригэр Күн дьайыыта муҥутуур үрдээн, биэс баалга диэри тиийиэн сөп. Биэс бааллаах магнитнай буурҕалар киһи доруобуйатыгар охсуулаахтар.
Күүстээх магнитнай буурҕа кэмигэр сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон-сэргэ дабылыанньалара түһүөн-тахсыан, доруобуйалара мөлтүөн сөп. Онон бу күннэргэ бэйэни кэтэнэн көрөн, ноҕуруускаламмакка сылдьыллыахтаах. Маны тэҥэ, араадьыйа, сибээс, сир аргыстарын үлэлэригэр харгыстар тахсыахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: