Салгыы
Сэтинньигэ Саха сиригэр Эбигейл, Аристарх, Драгон, Пелей төрөөтүлэр

Сэтинньигэ Саха сиригэр Эбигейл, Аристарх, Драгон, Пелей төрөөтүлэр

Ааптар:
03.12.2025, 18:00
Хаартыска: pxhere
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр сэтинньигэ 793 оҕо күн сирин көрбүт — 391 уол уонна 402 кыыс. 

ЗАГС управлениета иһитиннэрбитинэн, сэтинньигэ төрөөбүт уолаттары Айтал, Александр, Артём, Дархан, Дьулуур, Лев, Максим, Эрсан диэн аатарынан элбэхтэ сүрэхтээбиттэр. Оттон ураты ааттарынан Аристарх, Драгон, Севастьян, Платон, Пелей, Максимилиан, Климент диэн ааттар буоллулар.

Аделина, Айлина, Амелия, Мичийэ, Сияна, София, Аврора диэн ааттарынан кыргыттары элбэхтик ааттаабыттар. Ураты ааттарынан Аливия, Ая, Виталина, Дарина, Карина, Станислава, Эбигейл диэн буоллулар.

2025 сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ 9514 оҕо төрөөбүт — 4846 уол уонна 4668 кыыс.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/16421

Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: