Сэтинньигэ тоҕо сылыйда?
18.11.2024, 14:00
Хаартыска: Мария Васильева /СИА.
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турар.
Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ Роман Вильфанд бэлиэтээбитинэн, күн-дьыл сылыйыыта Атлантикаттан кэлэр сылаас салгын дьайыытын уонна аан дойду сылыйыытын (глобальное потепление) кытта сибээстээх.
“Бу күннэргэ дойду эригийиэннэригэр барытыгар сылаас күн-дьыл турар. Бу аата Атлантика салгына Сибииргэ, онтон Уһук Илиҥҥэ күүстээхтик тарҕанар. Урукку сылларга маннык түгэн дэҥҥэ бэлиэтэнэр эбит буоллаҕына, кэлиҥҥи сылларга үксээтэ,”, диэн санаатын үллэһиннэ Арассыыйа сүрүн синоптига.
Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай гидрометсулууспа иһитиннэрбитинэн, бүгүн соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр күнүс -3… -8 эрэ кыраадыс бэлиэтэннэ.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
3
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: