Сэтинньигэ от күүлэйэ ыытылынна
Арктикатааҕы агротехнологическай университет, бүгүн, сэтинньи 12 күнүгэр “Күһүҥҥү күүлэйи” тэрийэн ыытта. Дьокуускайга төһө да 20 кыраадыстаах тымныы турдар, 42 киһи Сайсары күөл хомуһун оҕустулар диэн СИА суруйар.
Уһуйааччылар этэллэринэн, маннык күрэстэр устудьуоннары төрүт үгэстэргэ, илии үлэтигэр үөрэтэллэр. Эдэр дьон хотуурунан оту охсору сатыахтаахтар. Күрэхтэһиигэ 6-лыы киһилээх 7 хамаанда кытынна. Бэл диэтэр, АГАТУ Өктөмнөөҕү филиалыттан кэллилэр.
Хас биирдии хамаанда 0,2 гектаар иэннээх сири 2 чаас иһигэр охсон бүтэриэхтээх. Бүгүн бэртээхэй күн-дьыл туран биэрдэ, онон охсооччулар тымныыны да билбэккэ хааллылар. Күлүмүрдэс күн, күөх халлаан уонна өрө күүрэр эдэр эрчим — өссө туох наада?
“Күһүҥҥү күүлэйгэ” ойуур комплексын уонна сири оҥоруу факультетын хамаандата муҥутуур кыайыылаах аатын ылла. Кинилэр бэриллибит сирдэрин түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык охсон бүтэрдилэр. 2-с миэстэни ветеринарнай мэдиссиинэ факультетын хамаандата ылла. 3-с миэстэҕэ историческай факультет бастакы хамаандата таҕыста.
Бары хамаандаларга сэртипикээттэри уонна харчынан бириэмийэлэри туттардылар. Бириис уопсай пуондата – 84 тыһыынча солкуобай.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: