Бүгүн, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сэттис ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бастакы пленарнай мунньаҕын иккис күнэ. Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн мунньаҕын иккис күнэ сис кэмитиэттэр уонна хамыыһыйа салайааччыларын талыыттан саҕаланна.
Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ барыта 16 сис кэмитиэт уонна биир хамыыһыйа тэрилиннэ. Сэттис ыҥырыыга саҥа кэмитиэт – Байыаннай сулууспалаахтар, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, патриотическай иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэтэ баар буолла.
Ааспыт ыҥырыыга наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, сонуну тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр сис кэмитиэттэрэ, быйыл икки аҥы: наука уонна үөрэхтээһин итиэннэ култуура уонна сонуну тарҕатар ситимнэр хайысханан араарылынна. Оттон уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарынан аны саҥа тэриллибит Байыаннай сулууспалаахтар, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, патриотическай иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэтэ дьарыктанар буолуо.
Итини таһынан, Судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтигэр урут киирэ сылдьыбыт олохтоох бэйэни салайыныы туспа барда. Доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэт икки аҥы арахсан, Доруобуйа харыстабылын сис кэмитиэтэ уонна Социальнай бэлиитикэ, үлэ уонна дьарыктаах буолуу сис кэмитиэтэ буоллулар.
Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэринэн маннык норуот дьокутааттарын таллылар:
1. Судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэккэ – Афанасий Владимиров;
2. Бүддьүөккэ, үпкэ, түһээн уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэккэ – Юрий Николаев;
3. Байыаннай сулууспалаахтар, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, патриотическай иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэккэ – Александр Подголов;
4. Олохтоох бэйэни салайыныы сис кэмитиэтигэр – Владимир Прокопьев;
5. Экэниэмикэ, инвестиция уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтин сис кэмитиэтигэр – Павел Петров;
6. Наука уонна үөрэхтээһин сис кэмитиэтигэр – Антонина Григорьева;
7. Доруобуйа харыстабылын сис кэмитиэтигэр – Светлана Давыдова;
8. Социальнай бэлиитикэ, үлэ уонна дьарыктаах буолуу сис кэмитиэтигэр – Алена Атласова;
9. Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэ сис кэмитиэтигэр – Александр Атласов;
10. Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэккэ – Андрей Находкин;
11. Тутууга, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэккэ – Александр Корякин;
12. Урбаан уонна туризм сис кэмитиэтигэр – Алексей Корнилов;
13. Ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна успуорка сис кэмитиэккэ – Георгий Балакшин;
14. Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтигэр – Елена Голомарева;
15. Култуура уонна сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ сис кэмитиэккэ – Виктор Губарев;
16. Хонтуруоллуур кэмитиэккэ – Андрей Николаев;
17. Мандаат уонна регламент хамыыһыйатыгар – Игорь Григорьев.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…