Сеулга иэдээн буолла

Share

Соҕуруу Кэриэйэ Сеулугар иэдээн буолла. Ол курдук, Хэллоуиҥҥа аналлаах биэчэргэ үтүрүһүү буолбутугар, 149 киһи өлбүтэ билиннэ, чопчу сыыппара биллибэт. 

Эрдэтээҥҥи дааннайынан 146 киһи өлбүтэ уонна 150 киһи араас эчэйиини  ылбыт. Баһаарынайдар, быыһааччылар иккитэ төхтүрүйэн туран эчэйбит дьону көрдөөн быыһаабыттар. Барыта 848 быыһааччы үлэлээбит.

Үтүрүһүү бэҕэһээ, алтынньы 29 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 22:22 чаас диэки (Москва киэнинэн 16:22) Сеулга Итхэвон оройуоҥҥа Hamilton диэн отель аттыгар буолбут. Переулок киэҥ уулуссаҕа тахсар эбит эрээри, суол түһүүлээх уонна кыбычыын  эбит. Ону тэҥэ, үктэлэ тэҥэ суох буолан, дьон онтон иҥнэн охтуохтарын эмиэ сөп. Төһө да үтүрүһүү буолбутун үрдүнэн дьон мустуута тохтооботох. Итхэвон оройуоҥҥа Хэллоуиҥҥа аналлаах биэчэрдэри өрүү тэрийэллэр эбит. Бу күн муусуканы күүскэ тыаһыппыттар, элбэх дьон араас мааскалаах кэлбиттэр. Үтүрүһүү саҕаламмытыгар кыбычыын переулокка турар дьон кэннинээҕилэргэ төттөрү сыҕарыйалларыгар көрдөспүттэр. Ол эрээри, муусука аһара улаханыттан сылтаан дьон көрдөһүүтүн ким да истибэтэх диэн Рёнхап агентствота иһитиннэрэр. Сеул салалтата балаһыанньаны быһаарыыга тута ылсыбыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

7 часов ago