Салгыы
«Северный трофей» күһүҥҥү турнир ыытылынна

«Северный трофей» күһүҥҥү турнир ыытылынна

Ааптар:
08.09.2024, 12:30
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга бэҕэһээ, балаҕан ыйын 7 күнүгэр, «Сулус» ытар кииҥҥэ «Северный трофей» диэн Саха сиригэр булт саҕаламмытынан сибээстээн күһүҥҥү турнир ыытылынна.

Турнир кыттыылаахтара тус категорияларга арахсан дьоҕурдарын, маастарыстыбаларын көрдөрөн, бириистээх миэстэлэр иһин күрэстэстилэр. Кыайыылаахтары туртаска, тайахха, чубукуга, кыыл табаҕа, эһэҕэ лицензияларынан, мэтээллэринэн, сыаналаах бириистэринэн наҕараадалаатылар.

«Чубуку биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр трофейнай кыыл буолар. Онон «Сахабулт» генеральнай дириэктэрэ бу тэрээһини «Северный трофей» диэн ааттаабыта. Күрэхтэһиигэ лицензиялары бириис гынан туруоран, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ булчуттара күөн көрүстүлэр», — диэн Саха сирин снайпиҥҥа федерациятын бэрэссэдээтэлэ Александр Данилов эттэ.

Турнирга 70-тан тахса киһи кытынна, атын эрэгийиэннэр бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ бааллар.

Сиһилии манна ааҕыҥ.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 64% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: