Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан.
Биэнсийэҕэ тахсыахтаах киһиэхэ Социальнай пуонда эрдэттэн үлэ бара турарын туһугар икки сыл инниттэн кэлэ сылдьарыгар биллэрии ыытар.
Киһи тус бэйэтин учуотугар көстөр үлэлээбит кэмэ уонна атын дьарыктара барыта үлэ киниискэтигэр суруллубуту кытта бэрэбиэркэлэнэр. Бу туһунан олунньу 18 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥҥэ СФР Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Марина Герман кэпсээтэ.
“Үлэтин сорох кэмнэрэ учуоттамматах буоллаҕына, киһи өссө эбии ыспыраапкалары уонна докумуоннары хомуйарыгар бириэмэлэнэр. Маны тэҥэ, СФР Саха сиринээҕи салаатын исписэлиистэрэ ситэ тиийбэт сибидиэнньэни буларга көмөлөһүөхтэрин, киирбит дааннайдары тус бэйэҥ счеткар киллэрэн, биэнсийэни анааһыҥҥа ирдэнэр информацияны бэлэмниэхтэрин сөп», — диэн быһаарда Марина Герман.
Бу өҥөнөн туһанарга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Пуонда Саха сиринээҕи салаатын клиентскай сулууспаларыгар саайтка ыйыллыбыт аадырыһынан ыйыталаһыахтарын сөп: https://sfr.gov.ru/branches/sakha/. Маны эрдэттэн, биэнсийэни ылар быраабыҥ кырата биир сыл хаалбытын кэннэ оҥоһуллуохтаах.
Биэнсийэҕэ тахсарга бэлэмнэнэр киһи клиентскэй сулууспаҕа маннык докумуоннары биэриэхтээх:
Биэнсийэ туоһуласпыт күнтэн ананар, ол эрээри ылар быраабыҥ кэлэ илигинэ бэриллибэт. Эрдэттэн докумуоннары туттарыы биэнсийэ олохтооһунугар сайабылыанньа быһыытынан ааҕыллыбат, диэн Салаа салайааччыта тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
“Биэнсийэ тус бэйэҥ биэнсийэҥ коэффициеннарыттан уонна үлэҥ ыстааһыттан оҥоһуллар, олор үлэлээбит кэмиҥ устатыгар мунньуллаллар. Ону киһи официальнайдык үлэҕэ киирэн, “үрүҥ” диэн ааттанар хамнаһы ылар кэмигэр ылар. Үлэ биэрээччилэр Арассыыйа социальнай пуондатыгар официальнай хамнастан эрэ харчыны ыыталлар. 2024 сыллаахха СФР Саха сиринээҕи салаатын исписэлиистэрэ эрдэттэн 7797 Саха сирин олохтоохторугар биэнсийэлэрэ ананар докумуоннарын бэлэмнээбиттэрэ. Биһиги исписэлиистэрбит бу хайысхаҕа нэһилиэнньэни кытта ыкса үлэлииллэр, тэрилтэлэргэ сылдьан лиэксийэлэри ыыталлар, сэминээрдэргэ, пуорумнарга кытталлар», — диэн Марина Герман түмүктээбитин Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.
Кулун тутар саҥатыгар Дьокуускай куорат Ленин проспегар 3 киһи өлүүлээх суол саахалын кэнниттэн, ГАИ парковка…
Арассыыйа састаабыгар Крым уонна Севастополь киирбит күннэрин бэлиэтиир тэрээһиннэр Саха сирин бары оройуоннарыгар ыытыллыахтара. Маныаха…
Саха сиригэр арҕаа, аллараа Өлүөнэ өрүс кытылынан, киин, соҕуруу оройуоннарга кыралаан хаардыыр, сорох сиринэн күүстээх…
Быйыл Аар Тайҕа ырыаһыта, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ С.А.Зверев-Кыыл Уола үбүлүөйдээх сылынан сибээстээн, биир…
Учуутал диэн тыл барыбытыгар да улахан буукубаттан суруллар тыл буоллаҕа. Бу билигин олорон санаатахха, биһиги…
Былыр-былыргыттан Дьааҥы сиригэр айан-сырыы олус ыарахан буолан, кэлии-барыы олох мөлтөх этэ, саҥаны киллэрии олус бытааннык…