Шахтер күнүнэн Ил Дархан эҕэрдэтэ.
Ытыктабыллаах үлэһиттэр уонна бэтэрээннэр!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан шахтер күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар бу чэпчэкитэ суох идэни талан ылбыт киһиттэн ураты хаачыстыба, үрдүк профессиональнай билии, сатабыл ирдэнэр. Өрөспүүбүлүкэ шахтердара туруоруллубут сыалы-соругу, сорудаҕы толорууга дьаныардаахтык ылсалларынан, үрдүк эппиэтинэстээхтэринэн, хорсуннарынан-хоодуоттарынан, дьүккүөрдээхтэринэн уонна үлэлэрин чахчы баһылаабыт дьон буолалларынан уратылар.
Саха сирин бары олохтоохторо хайа бырамыысыланнаһа өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан суолталааҕын өйдүүллэр. Эһиги сыралаах үлэҕит-хамнаскыт дьоҥҥо-сэргэҕэ инникигэ бигэ эрэли саҕар.
Саха сиригэр кэнники биэс сылга шахтердар үрдүк эппиэтинэстээх уонна дьаныардлаах үлэлэринэн 127,1 мөл. туонна чох хостонно. Өрөспүүбүлүкэ уонна дойду экэниэмикэтигэр бу «хара көмүс» бигэ тирэх буолар.
Бүгүн бу үлэҕэ кыһамньыларын ууран сыраласпыт Саха сирин шахтердарын улахан баай үөрүйэхтэрин, билиилэрин, сатабылларын, дьоруойдуу хорсун үлэлэрин туһанан, саҥа ньымалары олоххо сатабыллаахтык киллэрэллэр. Ол түмүгэр бэрт улахан ситиһиллэр. Ол курдук, ааспыт сыл Уһук Илиҥҥэ бастыҥнар кэккэлэригэр киирдилэр, лиидэринэн билиниилэрэ ситиһиллибитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ чоҕу хостооһун 2022 сылга 39,2 мөл. тоннаҕа тэҥнэспитэ. Ол эбэтэр, 2021 сылы кытары тэҥнээтэххэ 26,4 %- нан элбэх.
Бу үөрүүлээх бэлиэ күҥҥэ биһиги бэтэрээн-шахтердарбытыгар улахан махталбын тиэрдэбин. Саха сирэ уонна дойду бүттүүнэ киэн туттар Нерюнгри куората үөскээн тахсыбыт устуоруйата эһиги ааккытын кытта ыкса ситимнээх.
Эһиэхэ эйэлээх олоҕу, доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, бары үтүө, сырдык баҕа санааларгыт туолалларыгар баҕарабын!
СӨ Ил Дархана А.С. Николаев
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…