Салгыы
«Шаман» киинэ премьерата буолла

«Шаман» киинэ премьерата буолла

10.01.2025, 20:39
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 10 күнүгэр «Лена» киинэ тыйаатырыгар «Шаман» диэн Арассыыйа киинэтин премьерата буолла.

«Сахафильм» дириэктэрэ Алексей Егоров бары биир дьыалаҕа сулууспалаан, уруулуу норуоттар киинэлэрин сайыннара сылдьабыт диэн эттэ. Кэлбит ыалдьыттары билиһиннэрдэ.

— Быйылгы сылы үөрүүлээх сонунтан саҕалыыбыт. Хакасияҕа уһуллубут, биһиги итэҕэлбитигэр чугас тиэмэлээх киинэни тохсунньу 16 күнүттэн киэҥ экраҥҥа көрдөрөн саҕалыахпыт, — диэн кини эттэ.

«Шаман» киинэ премьератыгар режиссер Михаил Мерзликин, сүрүн оруолга оонньообут, Арассыыйаҕа биллэр артыыс Амаду Мамадаков кэлэн кыттыыны ыллылар.

— Мин Хакасияҕа аҕыйах нэһилиэнньэлээх Бея сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Христианскай иитиилээхпин эрээри, төрүттэрбэр ойууттар бааллар эбит. Онон этнографияны үөрэтэн саҕалаабытым.

Бу киинэ ойуун эрэ туһунан буолбатах, дьон сыһыанын туһунан, — диэн режиссер кэпсээтэ.

— Хакасияҕа элбэхтик сылдьабын. Туризм сайдан эрэр, саҥа кэм ойууннарабыт дэнээччилэр элбээтилэр. Бастаан документальнай киинэни устубуппут, онтон уус-уран киинэни устар санаа үөскээбитэ.

Саха сиригэр бу үһүс сырыым. Дьиҥнээх кыһыҥҥы хатан тымныыны астынан, дуоһуйан сылдьабын. Итэҕэлгэ, үгэстэргэ майгынныыр өрүттэрбит элбэхтэр, дьиэбитигэр сылдьар курдукпун, — диэн Амаду эттэ.

Бу киһини толкуйдатар, дириҥ ис хоһоонноох киинэ. Ойуун аналын, аныгы олох көстүүтэ буолбут, дьон мөкү, сидьиҥ кыдьыктарын туһунан элбэҕи толкуйдатар. Ойуун анала чэпчэки буолбатах.

Ааптар түһэриитэ.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 января
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: