«Шаманка-Вьюга» — саҥа килииби билсиҥ
2024 сыл саҕаланыыта “Шаманка-Вьюга” диэн килиип күн сирин көрдө.
Ырыа тылларын СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Өлүөхүмэ улууһун олохтооҕо Эдуард Корнилов суруйбут.
Ырыаһыт, мелодист, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ Марианна Макарова-Барахсаана бу хоһоону ис сүрэҕиттэн сөбүлээн, матыып айан бэйэтэ толордо. Ырыа аранжировкатыгар ырыаһыт, талааннаах муусукаан Иннокентий Готовцев үлэлээтэ. Бу хайыы үйэ-дьон таптаан ыллаһар ырыатын Михаил Эверстов Марианна Макарова толоруутугар уһулан, «Дархан- PRO» устуудьуйаҕа оҥоһуллан таҕыста.
Барахсаана кэпсээбитинэн, кини лиирик-бэйиэт Эдуард Корниловтыын бииргэ үлэлээбиттэрэ ырааппыт. “Килиипкэ билигин Москваҕа олорор, былырыын Нерюнгри куоракка айан-тутан ааспыт, «Берег Дружбы» бэстибээл билиһиннэрбит бэйиэтэ, бөлүһүөк уонна худуоһунньук Ирина Малич хартыыналара киирдилэр. Килиип уһуллуутугар өйөбүл буолбут дьоммор-сэргэбэр, айар үлэм сэҥээрээччилэригэр махталбын биллэрэбин”, — диэн Барахсаана кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: