Кэлиҥҥи кэмҥэ Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтэ Евразияҕа биир дьоһун миэстэни ылар буолла. Түмсүүгэ Кытай, Арассыыйа, Индия, Пакистан уонна Тутулуга суох судаарыстыбалар холбоһуктарын дойдулара баар буоланнар, онуоха эбии былырыын Иран манна холбоһон, аан дойду бу түмсүү мунньаҕын хараҕын далыгар илдьэ сылдьар. Түмсүү быйылгы мунньаҕа бу нэдиэлэҕэ Индияҕа буолан ааста.
Устуоруйаттан
Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтэ норуоттар икки ардыларынааҕы тэриллии буолар. Бу түмсүүнү 2001 сыллаахха Кытай, Арассыыйа, Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан уонна Узбекистан салайааччылара тэрийбиттэрэ. Кэлин 2017 сыллаахха түмсүүгэ Индия уонна Пакистан киирбиттэрэ. Былырыын саммикка Иран холбоһуоҕун туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Ону сэргэ Белоруссия кэтээн көрөр дойду статуһуттан түмсүү чилиэнэ буоларга докумуона көрүллүбүтэ.
Түмсүүнү тэрийии туһунан өссө ааспыт үйэ 60‑с сылларыгар көтөҕүллэ сылдьыбыта да, оччолорго ССРС уонна Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ сирдэрин-уоттарын быһаарыыга биир тылы булбакка сылдьар буоланнар, бу кэпсэтии уһун болдьоххо диэри тохтотуллубута. Арай кэлин Сэбиэскэй Сойуус суох буолбутун кэннэ Кытайы кытары үлэлэһиигэ Арассыыйа уонна Азия дойдулара эбиллэннэр, “Шанхайдааҕы көрсүһүүлэр” тэриллэр буолбуттара. Бастаан миниистирдэр таһымнарыгар араас мунньах ыытыллар этэ. Онтон кэлин дойдулар салайааччылара (Кытай, Арассыыйа, Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан) түмсэр былаһааккаларынан буолбута.
Түмсүү сүрүн сыала туохханый диэтэххэ, бастатан туран, манна киирбит дойдулар экэниэмикэлэрин сайыннарыыга күүскэ үлэлэһэллэр. Ону таһынан терроризмы, сепаратизмы, экстремизмы, наркотигы тарҕатыыны утары үлэни ыыталлар. Бу дойдулар энэргиэтикэ, наука, култуура, үөрэх чааһыгар биир бырайыактардаахтар. Ону сэргэ кэлин судаарыстыбаларга куттал суох буолуутун хааччыйыыга болҕомтолорун уурар буоллулар.
Индияҕа бастакы саммит
Быйылгы саммит Индияҕа аан бастакытын ыытылынна. Үөһээ этэн аһарбытым курдук, Индия Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүгэр 2017 сыллаахха Пакистаны кытары киирбитэ. Онон бу саммикка аан бастакытын бэрэссэдээтэллиир. Индия премьер-миниистирэ Нарендра Моди мунньах кэмигэр Индия түмсүү үлэтигэр көхтөөхтүк кыттарын уонна инникитин да өссө кимиилээхтик үлэлэһэр былааннааҕын иһитиннэрдэ. Бэйэтин дакылаатыгар Индия салайааччыта дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыыга, ыччаты иитиигэ улахан болҕомтону уурарга эттэ.
Быйыл мунньах видеосибээһинэн ыраахтан буолла. Бу туһунан эрдэ Индия тас дьыалаларга министиэристибэтэ иһитиннэрэн турар. Саммикка Арассыыйа, Кытай, Казахстан, Киргизия, Пакистан, Таджикистан, Узбекистан салайааччылара кытыннылар. Белоруссия, Иран уонна Монголия кэтээн көрөр судаарыстыбалар быһыытынан тыл эттилэр. Ону сэргэ Туркменистан бэрэсидьиэнэ ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кытынна.
Дойдулар лидердэрин таһынан норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүлэртэн үгэс курдук Холбоһуктаах нациялар түмсүүлэрэ, Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрэ, Евразиятааҕы экономическэй сэбиэт, Соҕуруулуу-илиҥҥи Азия дойдуларын ассоциацията (АСЕАН), о. д.а. кытыннылар.
Путин этиилэриттэн
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дакылаатыгар түмсүү кэлиҥҥи кэмҥэ аан дойдуга биир дьоһун миэстэни ылар буолбутун бэлиэтээн эттэ.
— Биһиги түмсүүбүт кэлиҥҥи сыллартан бэттэх аан дойдуга биир дьоһун миэстэни ылар буолла. Түмсүүгэ баар судаарыстыбалар икки ардыларыгар үлэлэһии быдан тэтимирдэ уонна экэниэмикэлэрбитин бөҕөргөтүүгэ көдьүүстээҕин дакаастаата. Бу билигин, аан дойду үрдүнэн экэниэмикэҕэ да, үп-харчы хамсааһыныгар да уларыйыы-тэлэрийии бара турар кэмигэр, ордук суолталанна, — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Санатан эттэххэ, билигин Арассыыйа бу дойдулары кытары үлэлэһиитин өссө кэҥэтэн саҥа таһымҥа таҕыста. Атыыны-тутууну ыытыы былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн 37 бырыһыан үрдээн, 263 млрд. дуолларга тэҥнэспит. Быйыл өссө түөрт ый түмүгүнэн, 35 бырыһыан эбиллибит.
Владимир Путин былырыын Узбекистаҥҥа буолбут саммикка дойдулар икки ардыларыгар атыыны-тутууну ыытыыга национальнай харчыларынан төлөһүү элбээн иһэрин бэлиэтээн эппитэ. Быйыл бу хамсааһын өссө кэҥээбитин бэлиэтиир.
— Арассыыйа уонна Кытай национальнай харчыларынан төлөһүүлэрэ номнуо 80 бырыһыаҥҥа тиийдэ. Оттон Арассыыйа түмсүүгэ баар дойдулары кытары хардарыта национальнай валютанан төлөһүүтэ 40 бырыһыан буолбут. Арассыыйа дойдулар национальнай валюталарынан атыыны-тутууну ыытыыларын бөҕөргөтүүгэ көхтөөх кыттыыны ылар. Былырыын бу туһунан Самаркаҥҥа буолбут саммикка эмиэ кэпсэтэн турабыт, — диэн бэлиэтиир кини.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ дойдулар икки ардыларыгар куттал суох буолуутун хааччыйыыга Шанхайдааҕы түмсүү улахан болҕомтотун уурарын эттэ. Бу хайысхаҕа кэнэҕэскитин өссө күүһүрүөҕүн туһунан бэлиэтээтэ.
Түмүктээн эттэххэ
Саммит түмүгүн уопсай ылан эттэххэ, быйыл мунньахха экэниэмикэ боппуруостарын таһынан судаарыстыбаларга куттал суох буолуутун хааччыйыы сүрүн миэстэни ылла. Санатан эттэххэ, былырыыҥҥы саммикка Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин премьер-миниистирэ Си Цзиньпин Арассыыйаны кытары үлэлэһиитин өссө хаҥатарын, байыаннай дьыалаҕа Арассыыйаны өйүүрүн биллэрэн, арҕааҥҥы дойдуларга уйаларыгар уу киллэрбитэ.
Былырыын саммикка Арассыыйа, Кытай, Узбекистан, Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Индия, Пакистан, Иран, Белоруссия, Монголия, Турция, Азербайджан, Туркмения лидердэрэ кыттыбыт буоллахтарына, быйыл Турция уонна Азербайджан суохтар.
Быйылгы саммикка Иран түмсүү чилиэнинэн киирдэ. Онон эһиилгиттэн саҕалаан Иран түмсүүгэ толору быраабынан кыттыаҕа. Бу дойду Шанхайдааҕы түмсүүгэ киирбитэ ураты оруоллаах. Тоҕо диэтэргин Иран сири-сиксигинэн “ядернай кулууп” испииһэгэр киирбитэ ыраатта. Онон Шанхайдааҕы түмсүү быйыл өссө биир дойдунан эбилиннэ уонна кыаҕырда. Эһиилги саммит Казахстаҥҥа ыытыллара былааннанар.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…