Щепкин «көмүс устуудьуйатын» үбүлүөйдээх сыла уонна «Үүт үкчү» дьоро киэһэ
Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены 1974 сыллаахха бүтэрбит саха үһүс устуудьуйатын 50 үбүлүөйдээх сылыгар араас кэрэхсэбиллээх тэрээһин буолан, ааһан эрэр сыл көрөөччүлэргэ умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ.
Ахсынньы 20 күнүгэр «көмүс устуудьуйа» диэн ааттанар устуудьуйа үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин түмүктүүр дьоро киэһэтэ Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар буолла.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ 1974 сыллаахха «тыйаатыр уонна киинэ артыыһа» идэлээх кэлбит артыыстар күн бүгүҥҥэ диэри бииргэ алтыһар, үлэлиир доҕотторо: култуура үлэһиттэрэ, скульптордар, архитектордар, суруйааччылар, суруналыыстар, учуонайдар уо.д.а. ыҥырыллан кэллилэр.
Экраҥҥа «көмүс устуудьуйа» үбүлүөйдээх эмбилиэмэтэ (артыыстар хаартыскалара) уонна курдары көстөр быыс нөҥүө тапталлаах артыыстарбыт эҕэрдэҕэ тахсаары тураллара көстөр. Онтон ыытааччы кинилэри биирдии-биирдии ааттаталаан, артыыстарбыт көрөөччүлэригэр күүстээх ытыс тыастарынан бу тахсан кэллилэр.
Чахчыта да, «көмүс устуудьуйа» диэх курдук, бары да тыйаатыры аар-саарга аатырдыбыт испэктээктэргэ сүрүн уобарастарынан көрөөччү өйүгэр-санаатыгар хаалбыт «туйгун», «үтүөлээх», «норуодунай» бэлиэлээхтэр, судаарыстыбаннай бириэмийэлээхтэр уо.д.а. Степанида уонна Андрей Борисовтар, Изабелла уонна Анатолий Николаевтар, Наталья уонна Ефим Степановтар, Герасим Васильев, Софья Баранова, Домна Уйгурова, Куприян Михайлов, Михаил Апросимов, Зоя Попова, Петр Андреев, Борис Борисов, Афанасий Федоров, Уус Алдантан Василий Бурнашев ааттарын билбэт тыйаатыр сүгүрүйээччитэ суоҕа буолуо.
Дьоро киэһэни биир кууруска үөрэммит доҕордоро, аатырбыт режиссер Андрей Борисов испэктээккэ бэлэмнэнии бара турарын курдук, көҥүллүк иилээн-саҕалаан ыытта. Артыыстарбыт сыана икки ойоҕоһунан олордулар. Сыанаҕа араас кэмнээҕи хаартыскалар көстөллөр.
Андрей Саввич аан бастаан кинилэр тоҕо «көмүс устуудьуйа» диэн ааттаммыттарын көрөөччүлэртэн ыйытта. Бу устуудьуйа дипломнай испэктээгэр туруорбут Л.Леонидов «Көмүс харыата» диэн пьесатын аатын ылбыт эбит (Москваҕа эмиэ ахсынньы 20 күнүгэр аан бастаан көрдөрбүттэр). Ол да буоллар, көнөтүнэн да толкуйдаатахха, кинилэр тыйаатыр «көмүс устуудьуйатынан» ааттаныан ааттаналлара саарбахтаммат. 1974 сыллаахха Щепкин училищетын бүтэрбит састаабынан толору кэриэтэ бааллара (27 буолан бүтэрбиттэрэ) көрүөххэ олус долгутуулаах. Биллэн турар, 50 сыл устата уларыйбыттар, баараҕадыйбыттар, кыырыктыйбыт баттахтаммыттар… Ол эрэн, кинилэр билигин да эрчимнээхтэр, «мэниктэр-тэниктэр», оччотооҕу кэмнэрин санаан истиҥ мичээрдээх олороллорун көрөргө олус үчүгэй.
Бу күн кинилэр өрөгөйдүүр күннэрэ. Саха норуотугар барытыгар үөрүүлээх уонна долгутуулаах түгэн тосхойдо. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников саха дьоно олус сөбүлүүр артыыстарыгар Домна Уйгуроваҕа (оруобуна төрөөбүт күнүгэр) уонна Куприян Михайловка «СӨ норуодунай артыыһа» үрдүк ааты үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, тыйаатыр сүбэһитэ, чугас доҕордоро Александр Жирков, СӨ култуураҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Турантаева, Саха тыйаатырын дириэктэрэ Петр Макаров, сүрүн режиссер Руслан Тараховскай, байыаннай дьайыыттан «Бойобуой өҥөтүн иһин» мэтээллээх эргиллэн кэлбит артыыс Илья Стручков бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Артыыстарга СӨ бырабыыталыстыбатын, Ил Түмэн, Култуура министиэристибэтин, Саха тыйаатырын ааттарыттан Махтал суруктары туттардылар.
Бүгүҥҥү үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр тэрээһин «Точь в точь» («Үүт үкчү») диэн ааттаммыт. Ол курдук, артыыстары уонна эдэр-эмэн көрөөччүлэри эдэр саастарыгар эргитэн ыллылар.
Кинилэр хас биирдиилэрин оонньообут сүрүн испэктээктэриттэн быстах түгэннэри Щепкин аатынан училище 6-с устуудьуйатын бүтэрэн кэлбит эдэр артыыстарбыт үтүктэн оонньоотулар. Кырдьыга да, үгүс артыыс тас көстүүтэ, сыанаҕа туттара-хаптара майгынныырынан сөхтөрдө. Дэлэҕэ даҕаны, «Дорогуунап Ньукулай» испэктээги олус бэркэ оонньооннор Андрей Борисов бу испэктээги репертуарга киллэрэн төнүннэриэххэ сөбүн быктаран ылбытыгар көрөөччүлэр ытыстарын тыаһа хабылла түстэ. Онон, баҕар Степанида Борисова уонна Герасим Васильев оонньообут «Дорогуунап Ньукулайы» эдэрдэр оонньуулларын өссө көрөр дьоллоноойобут?
Ити курдук, бүгүҥҥү көрөөччүлэр уонна «көмүс устуудьуйа» артыыстара «Суоһалдьыйа Толбонноох», «Наара суох», «Гамлет», «Кэргэн кэпсэтии», «Дорогуунап Ньукулай», «Хаарыан хампа күөх кытылым», «Сечуан үтүө киһитэ», «Илиир Хоруол», «Улуу Кудаҥса» уо.д.а. испэктээктэргэ төннөн ыллыбыт. Хомойуох иһин, билигин биһиги ортобутугр суох артыыстар мөссүөннэрэ экраҥҥа көстөн, бары да курутуйан, ахтан-санаан ыллыбыт…
Сыанаҕа оонньооһун, атах тэпсэн олорон истиҥ сэһэргэһии тухары Андрей Борисов уруккуну-хойуккуну санатан, хас биирдиилэрин уот харахха «ойуулаан-дьүһүннээн», сороҕор уҥа-таала күллэртээн, «режиссерун оруолуттан тахсыбата».
Түмүккэ артыыстары кытары уопсай хаартыскаҕа түһүү кэнниттэн фуршет остуолун тула артыыстары кытары ирэ-хоро кэпсэтии, хаартыскаҕа түһүү салҕанан барда…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: