“Щепкиннэр” кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов
… Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри сааһын ситэн, аармыйаҕа сулууспалыы баран хаалбыт.
“Сулууспалаан кэлээт, бырааттарбын-балыстарбын кытта күһүҥҥүттэн хаттаан оскуолаҕа үөрэнним. Оҕолортон кыбыһыннарбын да хайыахпыный, салгыы үөрэххэ туттарсыахпын наада буоллаҕа. Хата, үөрэхтэригэр дьалаҕайдык сыһыаннаһааччыларга “эксээмэммин туттарбатахпына, эмиэ маннык кэлэн олоруом” диэн тыыннаах холобур буолбутум быһыылааҕа. Үөрэҕэр тардынааччы биллэ элбээбит этэ”, – диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр бүгүҥҥү “Итии чэй” рубрика дьоруойа.
Сэһэргэһээччибин кытта билсэн кэбиһиҥ – Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын эдэр артыыһа Петр ДОМОТОВ.
Бастыҥнарга киирсэн
– Петр, дьэ, атын киһи эбитэ буоллар, санаата да түһэн, салгыы үөрэниэ эбитэ дуу, суоҕа дуу. Онон буоллаҕына, аатырбыт Щепкин училищетын устудьуона буолан хаалыыҥ эмиэ устуоруйалааҕа буолуо?
– Ол оскуолабар биир эрэ биридимиэккэ олох көтүппэккэ кэлэн үөрэнэн, эксээмэммин туттарбытым. Онтон Аллараа Бэстээхтээҕи Роман Брызгалов аатынан тырааныспар тиэхиньукумугар киирбитим. Онно эксээмэни туттарыыга “үөрэхтээх” буолан, хара маҥнайгыттан кыһаллыбытым. Салгыы идэбинэн үрдэтинэр былааннаах этим. Үөрэнэ сылдьан, тыйаатыр устуудьуйатыгар дьарыктаммытым. Буолаары буолан, наһаа сөбүлээн сылдьар этим. Онуоха учууталбар, билигин олох эдьиийим курдук саныыр киһибэр Мария Владимироваҕа, махталым сүҥкэн. Мария Сергеевна наһаа үчүгэйдик дьарыктыыра. Саас “Щепкин аатынан училищеҕа ”набордуу” кэлэллэр үһү, эн онно барыаххын наада” диэн хаһыат биллэриитин көрдөрбүтэ. Идэбин чопчу талбыт курдук сананан сылдьар буолан, хайдах эрэ аахайбатаҕым. Онтон Мария Сергеевна бэс ыйыгар “үөрэххэ тутааччылар кэлбиттэр, саатар баран холонон эрэ көр” диэн эмиэ санаппыта. “Чэ, бара сылдьыым даҕаны…” диэн санаанан салайтаран тиийбитим. Дьэ, абытайдаах “конкуренция” манна эбит этэ. Мин көрдөхпүнэ, анаан талан ыыппыт кэриэтэ талааннаах оҕолор. Мин Василий Шукшин “Степка” кэпсээниттэн быһа тардан аахпытым. Кэллиэспитигэр ити испэктээги туруорбуппут. Арааһа, ол оруолу оонньообута буолуо, бастыҥнарга киирсэн хаалбытым. Түгэнинэн туһанан, миигин Москваҕа үөрэнэ барарбар тэрийэн ыыппыт биир дойдулаахтарбар махталбын тиэрдэбин.
“Кэһиилээх” эдэр “щепкиннэр”
– Былырыын “Саха тыйаатырыгар саҥа “щепкиннэр” кэлбиттэр үһү” диэн үөрүүлээх сонун тилийэ көппүтэ. Талааннаах артыыстарбытын ааҕа билэр буолан, “щепкиннэр” диэни иһиттибит эрэ, сотору хайаан да ураты буочардаах артыыс баар буолуоҕун сэрэйэн, күлүкпүтүгэр имнэнэр буоллахпыт. Эһиги да төрөөбүт дойдугутугар үөрэн-көтөн, эмиэ өттүк харалаах кэллэххит.
– Түөрт сыл үөрэммит дьон быһыытынан, “кэһиибит” да ботуччу этэ: “Сон в летнюю ночь”, “Гроза”, “Старший сын”, “Дон Жуан”, “Шоколадный спектакль”. Бу биэс испэктээкпитин уһуйааччыларбыт, Москва режиссердара, туруорбут үлэлэрэ буолан, арааһа, кинилэр «буочардарын» көрөөрү буоллаҕа буолуо, саала иһэ толору буолара. Үгүс дьон билигин да “хаарыаны, ол испэктээктэри хатылаабаккыт дуо?” диэн ыйыталлар эрээри, бары араас тыйаатырдарынан арахсан хааллахпыт дии. Хантан хомуллуохпутуй?
Сонун түһүмэх
– Билигин эн “Аламай таас” сэрийээлгэ кылаабынай оруолга оонньуу сылдьаҕын. Эн, саҥа киэҥ айар суолу тэлэн эрэр киһи, киинэҕэ сүрүн оруолга оонньууруҥ дьоҥҥо биллэргэр туһалыыра буолуо?
– Биллэн турар, киинэ артыыһа киһиэхэ сонун түһүмэх. Онон Айдаар оруола – айар үлэм биир сүрүн көрүҥэ. Мииринэй куоракка уһуллубуппут. Наһаа ыраас, күөх куорат буолан, олус сөбүлээбитим. Киһи уйулҕатын таарыйар киинэ – ол иһин араас толкуй, ырытыы үгүс. Киинэ сүрүн дьоруойа биирдэ буолбут олоҕун түһүмэҕиттэн хас биирдии устуоруйа саҕыллан иһэр. Хас да сыл аастын, дьоруойдар олохторо ол кэмҥэ төннө турар.
“Уонна хаһан?..”
– Оттон соторутааҕыта Былатыан Ойуунускай түмэлигэр “Ойуунускайы ааҕабыт” диэн бэртээхэй тэрээһиҥҥэ Улуу Кудаҥсаны оонньоон күннээбитиҥ дии? Эн онно олох уратытык арыллыбытыҥ.
– Улуу Кудаҥса оруолун бэйэм талан ылбытым – “уонна хаһан?…” диэн санаа күлүм гыммыта. Дьэ, кырдьык, онно түүннэри кытта арыллыбытым диэхпин сөп. Ол эбэтэр, биирдэ өйдөөбүтүм, утуйаары сытан кытта оруолбар киирэн хаалар эбиппин. Араастаан туттан, тылбын хатылыы сытар буолбутум. Ытыктыыр артыыһым Ефим Степанов үс Кудаҥсаны – эдэрин, орто саастааҕын, оҕонньору оонньообут видеоларын хастыыта да көрөр этим. Тыйаатырым биллэр-көстөр артыыһа Елена Маркова маныаха сүбэ-ама биэрэн улахан көмөлөөх.
Улахан артыыс – дьылҕа бэлэҕэ
– Сотору кэминэн эйигин аны ханнык испэктээккэ көрүөхпүтүй?
– Эһиил саас “Прощание с Матёрой” испэктээк премьерата буолуоҕа. Онно “щепкиннэр көмүс устуудьуйалара” оонньууллар: Ефим Степанов, Степанида Борисова, Герасим Васильев… Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бары көлүөнэ “щепкиннэр” оонньуубут. Улахан артыыстары кытта оонньооһун – дьылҕа бэлэҕэ. Оннооҕор эйигин кытта көннөрү кэпсэтэллэрэ кытта үөрэх курдук. Оттон биир сыанаҕа оонньооһун – ханнык да үөрэх кыһатыгар ылбат билии, уопут.
“Барыта – иннибэр…”
– Петр, эн “бу оруолу оонньуом этэ…” диэн, бука, баҕа санаалааҕыҥ буолуо?
– Баар бөҕө буоллаҕа. Ол эрээри ону билигин манна эппэппин. Кистэлэҥ. Улаата, буһа-хата түһүүм дуу, барыта – иннибэр. Баҕар, ол кэннэ хаһан эмэ аһаҕастык быктарыам…
– “Аһаҕастык” диэбиккэ дылы, эн аһаҕас ыччаккын быһыылаах. Онтуҥ туһалыыр дуу, ардыгар мэһэйдиир дуу?
– Аһаҕаспын, баары баарынан сылдьабын. Биллэн турар, туһалыыра үгүс. Ханнык да үйэ олоҕо буоллун, хайдах баарынан бэйэтин оруолунан ол кэми оонньоон көрдөрөр киһи буоллаҕа дии, онон артыыс аһаҕас буоллаҕына сатанар.
… Айар аартыга саҥа арыллан эрэр Петр Домотовы кытта киһи кэпсэтэ олоруох киһитэ. Аһаҕаһа, билэрэ-көрөрө киэҥэ – киһини бэйэтигэр тардар сахалыы тыыннаах ыччат. Сотору кэминэн бу аат дорҕоонноохтук ааттанан барыаҕар саарбахтаабаккын. Барыта этэҥҥэ эрэ буоллун!
ХААРТЫСКАЛАР ПЕТР ДОМОТОВ ТУС АРХЫЫБЫТТАН
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: