«Шизофрениялаах»  эмтэнээччилиин аһаҕастык кэпсэтии

Share

Психиатрическай ыарыылаах дьон уопсастыбаҕа тэҥ бырааба суох сананаллара кистэл буолбатах. Кинилэри үлэҕэ ылыахтарын баҕарбаттар, доҕордоһо сатаабаттар, арыт олох да куттаналлар…

Дьиҥэр кинилэр ситиһиилээхтик үлэлииллэр, эппиэтинэстээх дуоһунастаахтар, иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэннээхтэр уонна инники былааннаахтар. Ону Наркология психоневрологияҕа диспансерыгар кэтээн көрүүгэ сылдьар эмтэнээччи кэпсээнэ бигэргэтэр.
С. 40 саастаах, диагноһа – шизофрения.
-Мин 40 саастаахпын, кэнники 8 сыл устата «шизофрения» диэн ыарыылаах олох олоробун. Үгүстэр бэйэтин Наполеонунан ааҕынар, үөһээ өттүн хамсаппат ырбаахылаах эбэтэр сыҥааҕын уута сүүрэ сылдьар киһини хараххытыгар көрбүккүт буолуо. Ол гынан баран, хаалан хаалбыт өйдөбүллэри аахсыбакка, мин олоҕум уйулҕалара доруобай дьон олохторуттан улахан атына суох. Мин үлэлиибин, үчүгэй хамнастаахпын, кэргэннээхпин, дьоллоохпун.

Хайдах саҕаламмытай?

Психиатрия балыыһатыгар мин аан бастаан 2010 сыллаахха түбэспитим, дьиҥэр ыарыы бастакы сибикилэрэ өссө оҕо эрдэхпинэ баар курдуктара. Мин ыарахан оҕо саастаах, эбиитин инбэлиит оҕо этим. Баҕар, олох ыарахаттарын тулуйар туһугар буолуо, кыра эрдэхпиттэн ойуулаан көрөрүм күүстээҕэ уонна баай фантазиялааҕым. Обургу сааспар эмискэ куруук миигин ким эрэ кэтиирин, сойуолаһарын курдук сананар буолбутум. Санаабар, ханна тиийдим да, миигин кэтиир курдуктара. Онтон сылтаан куруук долгуйа, куттана сылдьарым.

Ыарыы сайдыыта

2007 сыллаахха хаайыыга (биричиинэтин этиэхпин баҕарбаппын) түбэспитим. Мин ыарыым күүһүрэн барбыта, харабылга сылдьан күүстээх стресскэ киирбитим. Бастакы галлюцинациябын -– хантан да кэлбитэ биллибэт сырдык, саһархай харахтары күн бүгүҥҥэ диэри өйдүүбүн.
Киһи туохха барытыгар үөрэнэр. Мин кэпсэтинньэҥ соҕус киһибин, онон түрмэҕэ тута чугас дьоннорбун булбутум. Бэл, кыратык аптарытыаттаммытым. Ол гынан баран, ол барыта күдэҥҥэ көппүтэ -– наар кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьар уонна бэһиэлэй бэйэм, туох да төрүөтэ суох бэйэм-бэйэбэр бүгэн уонна дьону кытары кэпсэтэртэн туора туттар буолан барбытым. Күн аайы настарыанньам уларыйара элбээн барбыта, ону тулалыыр дьонум олох сөбүлээбэтэхтэрэ. Балаһыанньам ыараатар ыараан испитэ – эмискэ итэҕэлгэ охтубутум, барыларын утаран, Таҥара тылларын үтүктэр, санатар буолбутум. Миигин кытары дорооболоспот да буолан барбыттара. Кистээбэккэ этэбин, олус ыарахан этэ…
2010 сыллаахха испэр куолас баарын аан бастаан истибитим. Миигин бирикээстиир олус чопчу дьайыылаах куолас этэ… Биир бирикээс тымырбын быстыахтааҕым туһунан этэ…

Психиатрия балыыһата

Бэйэбэр тиийинэ сатаабытым кэнниттэн дьэ, миэхэ болҕомтолорун уурбуттара уонна Психоневрология диспансерыгар ыыппыттара. Манна миэхэ «шизофрения» диэн диагноһы туруоран эмтээн барбыттара. Мин утарса барбатаҕым. Тоҕо диэтэххэ, бэйэлэрин дьыалаларын үчүгэйдик билэр исписэлиистэргэ түбэспитим. Хаһан да аһыллыбатахпын аһыллыбыт психиатрбын кытары бастакы көрсүһүүбүн умнубаппын. Биһиги ыарыым эрэ туһунан буолбакка, олус элбэҕи кэпсэппиппит, мин киниттэн эмтэниэхтээхпин уонна үтүөрүөхтээхпин диэн бигэ эрэллээх тахсыбытым.

Быраас уонна эмтэнээччи быстыспат ситимнэрэ

Саамай үчүгэйэ – бэйэҥ ыарыыгын билэн, эмтиир бырааскын кытары чугас сибээһи олохтооһун. Оннук да буолбута. Мин бырааһым уонна атын исписэлиистэр көмөлөрүнэн ыарыым бэлиэлэрин билбитим, эмтэниигэ баҕа өттүбүнэн бэйэм көмөлөспүтүм, эми иһии быраабылатын кытаанахтык тутуспутум. Психотерапевка сеанстарга сылдьан бэйэм турукпун кэтээн көрө уонна турукпун мөлтөтөр түбэлтэлэри кыайарга үөрэммитим, психолокка тиһигин быспакка сылдьыбытым.
Бэйэм ыарыыбыттан муҥутаан куотарга кыһаллыбытым. Ол эбэтэр тулалыыр эйгэбин атын хараҕынан көрөргө, истэргэ, ылынарга үөрэммитим. Эмтэниэхтэрин олох баҕарбат дьон бааллар. Эмтэнии схематын тутуспаттар, быраастар анаабыт эмтэниилэрин аахайбаттар, атын исписэлиистэри кытары бэйэлэрин толору биэрэн туран үлэлии сатаабаттар. Кинилэр бэйэлэрэ быраастардааҕар үчүгэйдик билэллэригэр уонна туруктарын хонтуруолланар кыахтаахтарыгар олус эрэллээхтэр. Итинник быһыы-майгы түмүгэ биллэр – ыарыы сытыырхайар.

Билигин хайдах олоробунуй?

Уопсайынан, психиатрия балыыһатыгар үстэ киирбиппиттэн иккитигэр бэйэм баҕабынан киирбитим. Билигин ремиссияҕа сылдьыбытым алтыс сылыгар барда. Кэмиттэн кэмигэр көрөн, учаастактааҕы психиатрбар уонна психоневрология диспансерын атын да исписэлиистэригэр, эминэн-томунан терапияҕа сылдьабын. Үөһээ эппитим курдук, кэргэннээхпин, уопсастыбаҕа наадалаах үлэлээхпин. Ону тэҥэ ыллыырбын сөбүлүүбүн, ырыаларбын уһултарабын, бэйэм айбыт биир ырыабын оннооҕор араадьыйаҕа иһитиннэрэллэр. Кэргэммин кытары киинэҕэ сылдьарбытын, куорат устун күүлэйдиирбитин сөбүлүүбүт. Инники былааммыт элбэх, ол олоххо киириэн баҕарабыт.

Үлэ – дьол

Психическэй ыарыылаах киһиэхэ үлэ суолтатын туһунан туспа кэпсиэхпин баҕарабын. Эн кимиэхэ эрэ туһалааххын уонна биир идэлээхтэрин ытыктабылларын ылар буоллаххына, олохтон дьиҥнээх дуоһуйууну ылаҕын.

Миэхэ туох көмөлөстө?

Эмтэниим хайа саҕаланыаҕыттан ыла ханнык баҕарар көмөнү, быраастар сүбэлэрин барытын ылыммытым. Саҥа олоҕунан олорорбор уонна уопсастыба дьоһуннаах киһитэ буоларбар көҕүлээһин миэхэ ордук улаханнык көмөлөспүтэ.
Өскөтүн эһиги ханнык эмэ психическэй ыарыы баарын сэрэйдэххитинэ, бырааска хайаан да уталыппакка көрдөрүнүҥ. Миигин «аһара эмтиэхтэрэ» диэн куттана сылдьан, күндү кэмнэргитин мүччү тутуоххутун сөп. Бэйэҕитигэр бэйэҕит кыһаллыҥ.
Түгэнинэн туһанан, психоневрология диспансерын быраастара А.А.Григорьевка, В.И.Егороваҕа, Н.В.Кимҥэ, ону таһынан психологтарга уонна миигин эмтииргэ кыттыспыт дьоҥҥо махтанабын. Туспа махталбын Калисфена Николаевна Егороваҕа этэбин! Биллэн турар, тапталлаах кэргэммэр махтанабын. Кинилэр бары орто дойдуга үчүгэйдик олорорбор кырдьыктыы эрэммиттэрэ. Махтанабын.

(Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

ВИДЕО: Дьокуускайга сылаас тохтобул аанын оҕолор алдьаппыттара билиннэ

Дьокуускай Гагаринскай уокуругар баар сылаас тохтобуллартан биирдэстэрин кимнээх урусхаллаабыттарын полиция быһаарда. Бу туһунан Уопсастыбаннай сирдэр…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары тутардылар

Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө, сэтинньи 22 күнүгэр Саха сиригэр элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары…

26 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ»

Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох" айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ» диэн ураты кинигэ…

36 минут ago
  • Бэрээдэк

Сауна үлэһититтэн төлөпүөн уорбут дьахтар биэс сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускай полициятыгар эр киһи 12 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан иһитиннэрбит диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: «Бэрэсидьиэн этиитин өйүүбүн»

Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ: -- Арҕааҥҥы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн Психолог күнэ бэлиэтэнэр

Сэтинньи 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Психолог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1994 сыллаахха Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба бастакы…

2 часа ago