Сибэкки Дуня кыһыҥҥы үүнээйи кистэлэҥин арыйар

Сибэкки Дуня кыһыҥҥы үүнээйи кистэлэҥин арыйар

Ааптар:
09.01.2025, 19:00
Людмила Попова хаартыската
Бөлөххө киир:

Олох хаамыытын батыһан, билигин дьиэни-уоту бэрт тупсаҕайдык уонна толору хааччыллыылаах оҥостор буоллулар. Дьэ маннык дьиэлэри күөх үүнээйи, сибэкки киэргэтиэҕэ, силигин ситэриэҕэ. Ити иһин бүгүн биһиги хаһыаппыт ааҕааччыларыгар Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуня кыһыҥҥы сибэккилэри көрүүгэ-истиигэ маннык сүбэлиир.

Тыа сиригэр сибэккини олордорго табыгастаах усулуобуйа барыта баар. Ол, бастатан туран, ыраас уу. Иккиһинэн, мас дьиэ салгыннаах уонна тула өттө эргиччи түннүктэрдээх буолан, үүнээйини ханна баҕарар туруоруллар. Оттон куорат таас дьиэтэ салгына суох итиэннэ кыбартыыра, офис биир эрэ эҥээринэн түннүктээх буолан, көрүдүөр, киирэ түһүү хостор электрическэй лаампанан эрэ сырдатыллар буоланнар, уустуктардаахтар.

Иһит
. Маҕаһыыҥҥа атыыланар пластмасса вазон тутарга-хабарга, сууйарга-соторго табыгастаах эрээри, кутуллубут ууну эргиппэт буолан, үүнээйи силиһин сытытар кутталлаах. Онон, сибэккини мас иһиккэ эбэтэр лааҕа суох туой көһүйэҕэ олордор ордук. Үүнээйи бастаан силиһэ ситэр, ол эрэ кэнниттэн бэйэтэ үүнэр буолан, улахан иһиккэ олордуллубут сибэкки силиһэ аһары улаатар, умнаһа уһаан хаалар.

Буор.
Бастаан иһит түгэҕэр салгын хачайданарыгар анаан, өрүс тааһын, керамзиты эбэтэр «буспут» кирпииччэ үлтүркэйин уган, дренаж оҥоһуллар. Ол үрдүгэр кумах, онтон буор кутуллар. Итиннэ биири өйдүүр наада. Хайа баҕарар сибэкки тропическай дойдуга үөскээбит үүнээйи буолан, биһиги буорбутун “ыарырҕатар”. Инньэ гынан, мин маҕаһыыҥҥа атыыланар буору ордоробун.

Бэлэм буор хас көрүҥ аайы тус-туһунан буолар. Холобур, кактустарга, розаларга эбэтэр сибэккилэнээччилэргэ диэн. Оннук буор суох түбэлтэтигэр урукку тарҕаммыт ньыманы туһаныллар: мас чоҕор кунус кутуллар, онно торфаны уонна кур сэбирдэх, мутукча дьапталҕаланан буордуйбут араҥатын эбиллэр, уҥуох күлүн, хара буору булкуйуллар.

Уу.
Кыһын үүнээйи “утуйар”, онон ууну тарда кутуллар, ый устатыгар биирдэ-иккитэ эрэ сиигирдиллэр. Хаар уута, муус уута ордук иҥэмтэлээх, ону эрдэ бэлэмнээн, хос иһинээҕи температураҕа тутан баран туттуллар.
Эбии аһатыы наада эрээри, үүнээйи “утуйар” кэмигэр аһаппат ордук. Арай тыллар, сибэккилиир кэмигэр, ол эбэтэр кулун тутартан балаҕан ыйыгар диэри, саас ыйга иккитэ, сайын уоннуу хоно-хоно эбии аһатыллар. Үүнээйи араас көрүҥнэригэр аналлаах эбии аһылык эгэлгэтэ сибэкки маҕаһыыннарыгар баар буолааччы.

Сибэкки барыта бэйэтэ миэстэлээх

1. Куукунаҕа, гаас оһох турар сиригэр — хлорофитум.
2. Саамай сырдык сиргэ, күн уота оонньуур түннүгэр — абутилон, евгения, сансивиер, клеродондрон, кринум, цитрусовайдар.
3. Сырдыкка — амариллис, антуриум, аралия, калла, кипарис.
4. Күлүктээх соҕус сиргэ аукуба, юкка, драцена.
5. Киэҥ саалаҕа уонна фойеҕа гортензия, фикус, канна, олеандр, Кытай розата, бамбук,.
6. Хоту түннүккэ бегония, фиалка, аралия, гиппоаструм.
7. Мөлтөһүөр сырдыктаах муннукка аспидис, папоротник, пальма, хамедорея.

Төһө да итии дойдуттан төрүттээх буоллаллар, сибэккилэр дьиэ иһэ олус сылааһын уонна оһохтон чугас туралларын сөбүлээбэттэр, сөбүгэр сөрүүн сиргэ туруохтаахтар. Ити иһин мин сибэккилэрбин барытын дьиэттэн туспа, кыһыҥҥы оранжереябар, тутабын. Салгын хамсааһына суох буоллаҕына, ыгыллан хаалаллар, оттон тымныы салгын эмискэ кутулларын тулуйбаттар, онон форточканы хас да хос маарыланан бүрүйэр итиэннэ кэмиттэн кэмигэр ары­йан, дьиэни салгылатар ордук. Үүнээйини үргүйэр түннүккэ, аан таһыгар, салгын курдары охсор сиригэр туруоруллубат. Билигин утуйан тураллар, онон мээнэ хамсатар табыллыбат.

Толстянка

Курааны да, сөрүүнү да тулуйар. Дьиэҕэ-уокка хаппырыыһа суох үүнэр, син биир кактус курдук көрүллэр-истиллэр. Ууну тарда кутуллар. Силиһэ наһаа сиигирдэҕинэ сэбирдэҕэр бороҥнуҥу бээтинэ тахсар уонна туллан түһэр. Бэйэтигэр сөп, дьоҕус иһит ордук. Буорун үс гыммыт биирэ хара буор, үс гыммыт биирэ кумах, үс гыммыт биирэ от-мас буордуйбут араҥата буолар. Эппитим курдук, кыһын эбии аһатыллыбат, сылаас кэмҥэ ыйга иккигэ аһатыллар. Күнү төһө даҕаны сөбүлүүр буоллар, тэһэ көрөр күн уотуттан сэрэнэр. Толстянканы бу сүбэни тутуһан үүннэриҥ, уйгулаах олох бэлиэтэ оҥостуҥ.

Бегония

Сырдыгы уонна сииги сөбүлүүр, ол эрээри күүстээх күн уотугар “умайан” хаалар. Кыһын 17-18 кыраадыс, сайын 22-23 кыраадыс сылааска турар. Ууну кутарга ардахтатыллыбат, аһары сиигирдэҕинэ, эмсэҕирэр, сэбирдэҕэр толбоннор тахсаллар. Ол иһин ууну иһитин поддонугар кутуллар. Кыһын уу кутары сэдэхситиллэр. Көрүүтүн таптахха, сааскыттан саҕалаан ыкса күһүҥҥэ диэри сибэккилиир.

Герань

Табыллан үүннэҕинэ, эмиэ саас эрдэттэн ыкса кыһыҥҥа диэри сибэккилиир. Урут бу үүнээйини мэссээннии олох бэлиэтин быһыытынан көрөн, атарахсыта сылдьыбыттара эрээри, бу кэлин сөргүтүлүннэ.

Кыһын ууну иһититтэн көрөн кутуллар: улахан иһиккэ турааччыга ыйга биирдэ, кыра иһиттээххэ уоннуу хоно-хоно. Эмиэ сырдыгы сөбүлүүр эрээри, сайын күлүктээх соҕус сиргэ туруоруллар.

Каланхоэ

Кыһын 13-15° кыраадыс сылааска турар. Алтынньыттан саҕалаан олунньуга диэри ууну ыйга биирдэ-иккитэ, буорун сиигирдэр эрэ гына кутуллар. Ол оннугар салгыҥҥа сиик хааччылларын курдук, аттыгар уулаах иһити ууруллар. Саас, күн уһаатаҕына, күлүккэ туруоруллар.

Шефлера

Сөрүүнү сөбүлүүр, хаппырыыһа суох. Силиһин таһыгар уу мустарын сөбүлээбэт, ол оннугар ардах уутун сөбүлүүр. Тыынар хайаҕастара бүөлэннэҕинэ, сэбирдэҕэ ньалыбыраан хаалар, оттон сымнаҕас тирээпкэнэн сото сырыттахха, чаҕылыс гына түһэр.

Кыһын наһаа сылаас уонна сиик суох түбэлтэтигэр, сэбирдэҕэ түһэн хаалар. Ону быраҕымаҥ, уон сантиметр уста­лаах умнаһы хааллардахха, саҥаттан үүнэр.

Раиса Сибирякова, edersaas.ru саайт 2019 сыллаах архыыбыттан

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
10 января
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: