Сибэкки Дуунньа Саҥа дьылга оҕурсунан күндүлүө (ВИДЕО)

Share

Нам улууһун олохтооҕо, сибэккини, оҕуруот аһын арааһын олордуунан утумнаахтык дьарыктанар Евдокия Степановна Гаврильева — Сибэкки Дуунньа дьону-сэргэни кыһыннары сибиэһэй оҕурсунан күндүлүүр баҕалаах. Бу күннэргэ кыһыҥҥы тэпилииссэтигэр оҕурсуларын олорто. 

Кыһыҥҥы тэпилииссэ

Тиэргэҥҥэ улахан тэпилииссэҕэ үлэ оргуйан олорор. Бу Евдокия Степановна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Агростартап куонкуруһугар ситиһиилээхтик кыттан, граҥҥа тиксэн ылбыт үбүнэн туттарбыт. Ыра санаата туолан эрэриттэн үөрүүтэ улахан.

Тэпилииссэ 224 кв м. иэннээх. Туората аҕыс миэтэрэ. Уһуна 28 м. Валентин Егоров биригээдэтэ туппут. Хаһаайка быһаарарынан, үрдэ 1  см, салгыы 2,5 см поликарбонат. Ойоҕоһо 15-тээх сэндвич-панель. Гаас киирбит, сылаас.

Оҕурсу олордор хоруудаларын Гаврильевтар дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Анатолий Николаевич оҥорбут. 45 см дириҥнээхтэр, 60 см кэтиттээхтэр, 24 м уһуннаахтар. Барыта алта эрээт. Буору таһар, сиидэлиир сыралаах үлэҕэ бастаан сиэннэрэ, салгыы педагогическай кэллиэс устудьуоннара, биллэриинэн Алексей Дьячковскай кэлэн көмөлөспүттэр. Выпускнига Степан Колесов (Евдокия Степановна оскуолаҕа нуучча тылын, литературатын учууталынан үлэлээбит) батареяларын аҕалбыт, буор, кумах тиэйиитигэр дьону булан көмөлөһүннэрбит.

— Хас да сыл сытан эргэрбит хара буору Таастаахтан аҕалтарбытым. Онно саха ынахтара бааллар. Эбии бааһына буора, кумах, сапропель (күөл былыыга), ынах, сылгы ноһуомнара кутулуннулар. Олордорго 300 арассаада бэлэм. Ол гынан баран, быйыл биир эрээккэ күөх үүнээйини олордуом, — диэн кэпсиир. Саҥа дьылы көрсө, дойдулаахтарын сибиэһэй оҕурсунан күндүлүөн баҕарарын этэр. —Бу күннэргэ үс сүүсчэкэ арассааданы көһөрдүбүт. Сайын тэпилииссэҕэ олортоххо, оҕурсу тута үүнэн, улаатан, тупсан барааччы. Оттон манна, бастаан утаа, тэпилииссэ бетон муостата дөйө тоҥон хаалбыт буолан, тымныыны биэрэ сыппыт эбит.  Ол иһин, оҕурсулар тымныырҕатан, «соһуйан» балачча өр кэмҥэ туох да уларыйыыта суох, эбиллибэккэ, улааппакка турбуттар. Билигин дьэ, муостата арыый аҕай ирэн, саҥа «уһуктан», үүнэн эрэллэр. Онон маннык тэпилииссэҕэ муостата эрдэттэн сылаас буолара наада эбит.

Фитолаапма туһата

Сибэкки Дуунньа уот-күөс, уу-хаар, сылаас баар буоллаҕына, оҕурсу кыһыннары үчүгэйдик үүнэригэр эрэнэр. Таганрог куораттан фитолаампалары сакаастаан ылбыт.

— Бу фитолаампалар 97% күн уотун солбуйуохтаахтар. Отуту сакаастаабытым тиийбэккэ, өссө 33 эбии сакаастаабытым бүгүн кэллэ. Барыта 63 фитолаампа буолуохтаах. Хас биирдии кв. миэтэрэтин учуоттаатым. Бу лаампалары бу күннэргэ туруоруохтара.

Уу-хаар боппуруоһугар тиийдэххэ, үстүү туонна киирэр  үс анал иһити үөрэнээччим Михаил Овчинников оҥорбута. Оҕурсуга элбэх уу наада. Онон кыһынын төһө да сыаналааҕын иһин, массыынанан куттарабын. Кэпсэппит массыынам уутун туох да күүттэриитэ суох аҕалан кутар. Сылаас да, тымныы да уу баар буолуо, үүнээйигэ аргыыйдык (капельнай полив) таммалыы туруо. Ону сыҕарыта сылдьар гына оҥотторуом.

Эбии аһатыы оруола эмиэ улахан. Оҕуруотум аһыгар, сибэккилэрбэр бэйэм бурда диэн уоҕурдуубун сөбүлээн туттабын. Судургу, элбэх харчы бараммат, барыстаах. Онно киирэр:  күөх маасса, ынах ноһуома, мас күлэ, доруоһа, аһыйбыт үүт эбэтэр суорат. Маны үс күн көөнньөрөбүн. Онтон 10 л. ууга 700-800 гр бурданы булкуйабын. Ол кэнниттэн уута иҥпит, тот, улахан үүнээйигэ быһа холуйан 300-400 гр. кутан эбии аһатабын. Оттон бэлэм уоҕурдуулартан Vertera-Gumin ордоробун.

Манна эбии аһатыы туһунан эбэн эттэхпинэ, бастаан арассаадаларбын сэтинньи 2 күнүгэр дьиэттэн тэпилииссэҕэ таһаартаабыппыт. Үөрэтэн диэн ааттаан. Онтон сэтинньи сэттэ күнүгэр буорга көһөртөөбүппүт. Салгыы, 16 чыыһылаҕа, уоҕурдуунан (мочевинанан) эбии аһаттыбыт.

«Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат»

Сыана ыараан, 2 мөл.700 солк. граныгар Евдокия Степановна эбии кирэдьиит ылбыт. Маныаха атаҕар турарыгар диэн, нэһилиэк дьаһалтата 500 тыһ. солк., улуустааҕы социальнай управление (начаалынньык Феврония Охлопкова) 250 тыһ. солк. көмөлөспүттэр.

Аны туран, кэрэни үксэтэр киһиэхэ күнэ-дьыла кытары сымнаан биэрбит. Гаас киириэр диэри халлаан улаханнык тымныйбатах. Онон уута, буора дөйө тоҥмотох. Гааһы киллэрэргэ «Сахатранснефтегаз» АУо Намнааҕы учаастагын салайааччыта Андрей Новгородов, «Строй-универсал» кыһамньыларын уурбуттар.  Маны сэргэ, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыгар Владимир Макаровка, сэлиэнньэ баһылыга Петр Сокольниковка, улуус баһылыга Юрий Слепцовка, куруук көмөлөһөр дьүөгэлэригэр, дьахталлар сэбиэттэригэр, түөлбэтин дьонугар, үлэни саҕалыаҕыттан батыһыннара сылдьан сүбэлээбит, улуус дьаһалтатыгар  архитектордаабыт Анна Сысолятинаҕа, уо.д.а. махтанар. Өрүү өйүүр бигэ тирэҕинэн кэргэнэ Анатолий Николаевич уонна оҕолоро эмиэ буолаллар. «Көмөтө суох маннык үлэни хайдах да кыайа туппаппын», — диир Евдокия Степановна. Манна даҕатан эттэххэ, кыһыҥҥы тэпилииссэтин күүскэ үлэлэтэр соруктаах билиҥҥитэ биир үлэ миэстэтин тэрийбит.

Сибэкки Дуунньа сүбэлэриттэн

Евдокия Степановна сибэкки олордуутунан дьарыктаммыта отучча сыл буолла. «Сибэкки сипсиэрэ» кинигэлээх, хас да сыл «Айар» кинигэ кыһата таһаарбыт «Саха халандаарын», «Кыыс Куо, Далбар Хотун» энциклопедиятын хос ааптардара. Хаһыаттар, сурунааллар, «Саха» НКИХ киэн туттар дьоруойдара. Арассыыйа тэлэбиидэнньэтэ кини туһунан иккитэ кэпсээн, РФ «Хозяйство» сурунаалыгар 2019, 2020 сылларга киэн тутта сырдатан тураллар.

Манна Сибэкки Дуунньа сүбэтиттэн билиһиннэрэбит.

* Сибэкки Дуунньа тиэргэнигэр аҥаардас розаларын арааһа сүүрбэччэ. Бу саадка үүнэр кэрэ розалара күһүн сибэккилээн бүттэхтэринэ, киллэрэн быһар, салааларыттан 20-25 см хаалларар. Онтон ыарыыттан (Фитоспорин), үөнтэн (Фитоверм, Актара) эмтиир. Сөрүүн сиргэ уурар.

* Винограды 20-чэ угу үүннэрэр. «Аладдин», «Кишмиш», «Руслан» суортары сэргиир. «Виноград олунньуга тылыннаҕына (үчүгэй уот-күөс баар буоллаҕына), сайын аһын иккитэ хомуйуохха сөп. Үөҥҥэ-көйүүргэ наһаа бэриммэт. Ууну аһын биэриэн иннинэ элбэҕи кутаҕын. Аһа быктаҕына, горох саҕа буолуор диэри тохтотоҕун. Онтон салгыы улаатан истэҕинэ, ууну эмиэ балачча куппутунан бараҕын», — диир, эбии аһатар наадатын бэлиэтиир. Маны сэргэ, Евдокия Степановна винограды хайдах кыстатары сүбэлээтэ:

—Сорохторго виноградтара хойутаан, билигин ас биэрэ турар. Ону хайдах гынабыт диэн ыйыталлар. Аһын хойутаан биэрбит да буоллаҕына, дьон оҕолоругар, сиэннэригэр амсатаары туруорааччылар. Дьэ Итиннэ күн уотун солбуйар фитолаампа хайаан да наада буолар. Виноградка кырата 12 чаас күн уота тыгыахтаах. Оттон биһиэхэ, күн кылгаабытынан, фитолаампанан үчүгэйдик сырдатар, тыктарар наада.  Аны туран, виноград сэбирдэҕэ күөх эрдэҕинэ, наадалаах битэмииннэрэ силиһигэр тиийбэттэр. Оттон туран эрэ сэбирдэхтэрэ сыыйа саһаран, түһэн бардахтарына, битэмиинин силиһигэр биэрэр. Онон сэбирдэхтэрэ саһаран, түһэн бүппүттэрин кэнниттэн биирдэ быһыллар. Быһарга, холобур, биир, икки сыл кыстаабыт виноградка икки саамай үчүгэй, бөҕө салааны хаалларабыт. Биир үчүгэй бөҕө-таҕа салаатыгар аҕыс бүөрү хаалларабыт. Арыый кыра салааҕа биэс бүөрү хаалларабыт. Салгыы үөнтэн-көҥүүртэн харыстаан «Фитовермынан» эбэтэр «Актаранан» эмтиибит. Үс-түөрт күн туруорабыт. Ол кэнниттэн ыарыыттан «Фитоспоринынан» эмтиибит. Онтон сииктээх, төһөнөн элбэх буорга олордобут да, соччонон үчүгэйдик кыстыыр. +10 кыраадыска диэри сылаас сиргэ уурабыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago