Сибэкки кэрэ феята — Марфа Петрова

Share

Горнай улууһугар Бэрдьигэстээх олохтооҕо, култуура бэтэрээнэ Марфа Николаевна Петрова дьиэ сибэккитин үлуһүйэн, умсугуйан туран үүннэрэр. Кини сибэкки дьикти, нарын абылаҥар куустаран, үүнээйитин арааһын сыллата элбэтэр.

–Сибэккини, дьэ, сөбүлээн таптаан үүннэрэбин. Ордук өр турар сибэккилээхтэри олордобун. Ол курдук бегониялар араастарыттан олордубутум уонча сыл буолла.

Биэс сыллааҕыта Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинэ сибэкки олордооччуларга күрэс ыыппытыгар кыайыылаах буолбутум. Онно Дьокуускай куоракка «Зеленый рай» сибэкки маҕаһыыныттан сэртипикээт биэрбиттэрэ. Маҕаһыынтан бегониялары ылбытым, сылын аайы умнаһыттан саҥардан иһэбин.

Хаартыска: М.Петрова тиксэриитэ

Бегония, герань, катарантус , глоксиния араас көрүҥнэрэ уонна мас буолар үүнээйилэр араастара алаһа дьиэбин киэргэтэллэр.

Хаартыска М.Петрова тиксэриитэ

Сибэккини бүөбэйдииргэ кистэлэҥнэрбиттэн үллэстэбин. Сибэккилиир үүнээйилэрбин кыра иһиккэ олордобун, оччоҕо сибэккитэ хойуу буолар. Бегониялары,глоксиниялары уутун кыралаан буора арыый куурбутун кэнниттэн кутабын. Ыйга биирдэ кыра саахардаах уунан уонна биирдэ-иккитэ НВ-101 уоҕурдуунан эбии аһатабын. Миэстэлэрин хамсаппаппын, бегония да, глоксиния да миэстэтин хамсатары сөбүлээбэттэр.
Итиэннэ хас биирдиилэригэр болҕомто уурар, таптыы, хайгыы сылдьар оруола муҥура суох. Үүнээйигэр болҕомтону ууран, куруук кэпсэтэ сылдьыахха наада.

Хаартыскалар М.Петрова дьиэтээҕи альбомуттан

Айталина Санникова,

Горнай, Бэрдьигэстээх.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

24 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago