Сибэккилэри олордор, көрөр-харайар куорат олохтооҕо наҕараадаланна
Биһиги куораппытыгар бэйэтэ ис сүрэҕиттэн сибэкки олордор, сайыны быһа көрөр-харайар киһи баар. Кини — 77 саастаах Тамара Торокова. Соторутааҕыта кини сырата сыаналанан, куонкуруска миэстэлэстэ.
Тамара Никаноровна Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тиэргэнин сибэккинэн симэммит саадка кубулуппута. Бу сибэккилэри кини босхо олордор уонна көрөр-истэр, уу кутар. Киһи сөҕөр-махтайар! Оттон балыыһа үлэһиттэрэ махтанан, кинини босхо көрөллөр, эмтииллэр.
Дьокуускай куорат күнүгэр «Зеленый кубок столицы» куонкурус түмүгүн таһаарбыттара. Манна уокуруктар, тэрилтэлэр, чааһынай дьон кыттыбыттара. Тамара Торокова «Цветущее долголетие» номинацияҕа 3-с миэстэ буолла.
— Атаҕым хаамарын тухары, тапталлаах куораппын киэргэтэн, сибэккилэри, мастары олордо туруом! Мин оҕом суох, онон туох баар күүспүн, сырабын куораты киэргэтиигэ ыытабын. Бу куораттан аан бастаан наҕараада ылан, үөрэн-көтөн турабын, — диэн Тамара Никаноровна этэр.
Кини сирень, яблоня курдук сибэккилээх мастары олордуон баҕарар эбит, ол эрээри, хантан атыылаһарын билбэт. Хатыҥ Үрэх суолугар «Стройопт» маҕаһыын аттыгар мастары олордубут, онуоха буорга наадыйар диэн «СахаДэй» суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: