Салгыы
Сибэккини үүннэрии кистэлэҥнэрэ

Сибэккини үүннэрии кистэлэҥнэрэ

17.03.2024, 15:00
Людмила Попова хаартыската
Бөлөххө киир:

Кэрэ аҥаардар кылгас сайыҥҥа дьиэлэрин таһын араас аныгы сибэккинэн симиир буоллулар. Бу сибэккилэри хаһан олордор ордугуй? Хайдах буор табыгастааҕый? Ити уонна да атын сүрүн ыйытыыларга АГАТУ ойуур комплексын уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ Мария Лукина хоруйдуур.

Хаһан олордобут?

Ханнык баҕарар үүнээйи буорга ыһыллыаҕыттан си­­тиэр диэри бэйэтэ кэмнээх, ону тутуспатахха, сибэкки хойу­туон, эрдэлиэн эбэтэр ситэ сибэккилээбэккэ хаалыан сөп.

Кулун тутарга астра, гацания, вербена, львинай зев, портулак, амарант, арктотис, георгин, Кытай гвоздиката, левкой, петуния кустовой, шафран, венидиум, дихондра серебристай, декоративнай хаппыыста, агератум, титония, алисум, рудбекия, эхинацея, колеус, флокс, кохия үүннэриллэр. Үнүгэстэрэ 5-15 хонуктарынан быгыахтара.

Муус устарга агератум, алиссум, гацания, левкой, аквилегия, бархатцы, годеция, лобулярия, настурция, хризантема, цинния, душистай табак курдук сибэккилэр арассаадаланаллар.

Ыам ыйыгар гладиолус бөлчүөгүн (хортуоппуйун) уһугуннарабыт, 3-4 нэдиэлэ олордуох иннинэ таһаарабыт. Подсолнечник, сафлор, стахис, эшшольция, аквилегия, лен, настурция олордуллар.

Арассааданы бэлэмнээһин

Сибэккилэрбит сиэмэлэрин препараттарынан обработкаламмыттары оннук ыһабыт, онтон бэйэтинэн сылдьар сиэмэни ыарыылары утары уонна уһугуннарар араас миэтэттэринэн булгуччу бэлэм­ниибит.

Холобура эустома, дельфиниум сиэмэлэрин хайаан да тымныыга туруорабыт, холодильникка +4 ºC. Дельфиниум сиэмэтэ сылааска турдаҕына араскыланара түргэнник сүтэр, 6 ый иһинэн үүнэр хаачыстыбата мөлтүүр.

Сиэмэни вируснай, бактериальнай араас ыарыылартан эмтиибит, саамай судургутук тэтэркэй өҥнөөх марганцовкаҕа 8-12 чаас устата эбэтэр фитоспорин-М 1-2 чаас устата сытыарыллар, раствор оҥорон баран 2-4 хаапыланы 1 ыстакаан ууга булкуйабыт. Суурадаһын оҥорорго 1-2 чаас иннинэ эрдэттэн сухуой бороһуогу, паастаны тутатына суурайан раствор бэлэмнэниллэр, сибэккигэ 1 л ууга 3 кыраамы суоттаныллар. Эбэтэр 12-24 чаас устата борнай кислота­лаах ууга сиэмэлэри сытыарабыт
(1 л. ууга 0,2 г борнай кислота). Үнүгэстэри күүһүрдэргэ эбии эттигинэн (биопрепараттарынан) байытабыт: 1 ыстакаан ууга 1 хааппыла НВ-101 эбэтэр эпини эбэтэр циркону суура­йабыт, сиэмэни 2-4 чаас сытыаран ылаҕыт.  Эустома, дельфиниум сиэмэлэрин обработкалаан баран араскылата уурдахха сылаас уонна тымныы ньымалары туһанабыт. Ол курдук 6-8 ч. сылааска 25-28 ºC сииккэ туруоран баран, 1 суукка +4 кыраадыска холодильникка туруорабыт, ити кэннэ ыһабыт.

Итиини, тымныыны тулуйа үөрэтэргэ стратификация ньымата туттулар. Ол аата сиэмэни сиигирдэн, бөскөтөн баран, тымныыга туруоран ылыллар, быһата, албыннаан, кыһыҥҥы усулуобуйаны тэрийиллэр, оччоҕуна тахсыылара икки төгүл үрдүүр. Дельфиниум стратификацията суох тыллыбат эбэтэр олус бытааннык үүнэр. Тымныыны туhанан ыhарга хаар 1-1% см халын­наах буорга ууруллар, ол үрдүнэн сиэмэни уурабыт. Туустаах ууга 1 л биир кыра ньуоска туус кутан сиэмэ хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиибит, өрө дагда­йан тахсыбыт аһа суох сиэмэлэри быраҕыллар, аллара тимирбит чэгиэн сиэмэлэри ылан буорга баттанар.

Буору бэлэмнээһин

Үчүгэй буору хатыҥ эбэтэр долохоно (боярышник) үүнэр сириттэн хору­йан ылыахха сөп. Бааһына, оҕуруот буора эмиэ барсар. Буору кырыс сиртэн ылан бэлэм­ниир өссө ордук. Ону маннык оҥоһуллар: кырыһы сара­лаан ылан оттоох өттүнэн умсары уран саһаан­наан таһаарыллар. Манна сайын ынах иигин уонна ууну кутан илитиллэр. Оччоҕо кырыс түргэнник сытыйар уонна хаачыстыбата тупсар.

Перегнойу (кунуһу) пиэрмэттэн эбэтэр компост оҥорон төһөнү баҕарар булуохха сөп.

Кырыһы уонна кунуһу эрдэттэн сиидэлээн, булкадаһык оҥорон бэлэмниир үчүгэй. 1 биэдэрэ ноһуом эбэтэр торфа, онно 1 биэдэрэ кумах булкуллар. Билигин торфа атыыга тахсар, холобура, «АGRO», «Верховой торф», «Торф Чародей» уо.д.а. бааллар.

Олордор сиргит тураҥнаах буоллаҕына, сир үрдүнэн полиэтилен пленканы тэлгэтиллэр уонна 20-25 см халыҥнаахтык мас хатырыгын, мас сыыһын, бытархай тааһы, кумаҕы тэлгэтиллэр. Ол кэнниттэн кырыс буорун (50-60%) уонна күҥкүйбүт ноһуому (40-50%) булку­йан 25 см халыҥ гына кутуллар онно эбии 1 биэдэрэ кумах эбиллэр. Нуормата 1 кв. м иэҥҥэ 150-400 л уу кутуллар.

Буору бастаан сиидэлиибит, буорбут көпсөркөй, салгын киирэр-тахсар буолуохтаах. Онтон Фитоспорин-М эбэтэр 2 кыраам борнай кислотаны 10 л ууга суурайан буорга кутуллар. Борнай кислотаны суура­йарга уутун кыраадыһа сылаас буолуох­таах, оччоҕо үчүгэйдик суурайыллар.

Сиэмэни тылыннарарга торфа, сир кырса эбэтэр оҕуруот буора, өрүс кумаҕа (3:1:1) булкуллубута ордук. Дезинфекциялаан духуопкаҕа, микроволновкаҕа туруо­руллар, оргуйбут итии уунан эбэтэр фитоспорин-М кутуллар. Эбии иҥэмтэлээх эттиктэринэн баай азотофоска, суперфосфат минераллары 1 ост. нь. 10 л буорга суоттаан кутабыт. ­Буорбутун уунан ыhан сиигирдэбит. Арассааданы торфалаах табылыаккаҕа эбэтэр муох­ха үүннэриэххэ эмиэ сөп.

Арассааданы олордуу

Сиэмэни буорга баттыах иннинэ, бастакы үнүгэс сэрбэ­йиэр диэри сиигэ тиийэ­рин курдук, хото уу кутуллар. Эрдэттэн бэлэмнэммит лууҥкаларга сиэмэлэри бэ­­йэ-бэйэлэриттэн 3 сантиметр тэ­­йиччи ууруллар. Бытархай сиэмэлэри кумаҕы кытта булку­йан ыһар ордук, холобур, лобелия сибэккини (кумах ха­­йаан да микроволновкаҕа, духуопкаҕа обеззараженнай буолуохтаах). Эустома, петуния, лобелия сибэккилэри үрдүнэн буору куппакка аһаҕастыы ыһыллар. Георгин, астра уонна да атын сибэккилэр сиэмэлэрин үрдүгэр буору ыһабыт. Үрдүн полиэтиленинэн бүрү­йүллэр. Yнүгэhэ тахсыар диэри 25-300С сылааска тутабыт. Эбии уот тыктарабыт, ортотунан 12-14 ч. сырдыкка туруохтаах. Сабыыга мустар таммахтары сотон кэбиһиллэр уонна кэмиттэн кэмигэр салгылатыллар. Аһара сииктээх буорга сиэмэ сытыйар. Ол да буоллар буор биллэр сииктээх буолуохтаах. Үнүгэстэр быкталлар эрэ, 22-25 ºC тутабыт уонна сырдык эрээри, күн уота тэһэ көрбөт сиригэр туруорабыт. Бу кэннэ НВ-101, Циркон нэдиэлэҕэ биирдэ үөһэттэн ыраахтан таммалатан биэрэбит. Ону таһынан силистэрэ бөҕөргүүллэрин курдук, үүнээйи уһууругар Корневины ыстарыллар.

Ууну кутуу

Үнүгэс тахсыар диэри сиэмэлээх буорга ууну олох сэрэнэн ибиирдэн эбэтэр иһиккэ түгэҕэр кутабыт. Уу быһа холу­йан 25-30 ºC сылаас буолуохтаах. Тымныы ууну кутуллубат, үүнээйи “чернай ножканан” ыалдьыан сөп. Ардахтатан ыһыллар эбэтэр грушанан, испирииһинэн, пульверизаторынан миэстэтигэр кутуллар. Уу кутан баран бэрэбиэркэлиир буолуҥ, петуния, лобелия сууллубут буоллахтарына хайаан да туруоруллар. Буорбут сиигирээhинэ харахха биллэр буолуохтаах, торфалаах, торфяной таблетка олус түргэнник куураллар ону учуоттуохха наада. Нэдиэлэҕэ биирдэ Корневин, НВ-101, Циркон, Эпин курдук биопрепараттары талан ыстарыллар.

Хаппырыыс эрээри, дьон хараҕын үөрдэр сибэккилэри бу ньымалары туһанан көрүөххэ-харайыахха сөп. Оттон бэлэм арассааданы АГАТУ муус устартан атыыга таһаарыаҕа.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: