Кэрэ аҥаардар кылгас сайыҥҥа дьиэлэрин таһын араас аныгы сибэккинэн симиир буоллулар. Бу сибэккилэри хаһан олордор ордугуй? Хайдах буор табыгастааҕый? Ити уонна да атын сүрүн ыйытыыларга АГАТУ ойуур комплексын уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ Мария Лукина хоруйдуур.
Хаһан олордобут?
Ханнык баҕарар үүнээйи буорга ыһыллыаҕыттан ситиэр диэри бэйэтэ кэмнээх, ону тутуспатахха, сибэкки хойутуон, эрдэлиэн эбэтэр ситэ сибэккилээбэккэ хаалыан сөп.
Кулун тутарга астра, гацания, вербена, львинай зев, портулак, амарант, арктотис, георгин, Кытай гвоздиката, левкой, петуния кустовой, шафран, венидиум, дихондра серебристай, декоративнай хаппыыста, агератум, титония, алисум, рудбекия, эхинацея, колеус, флокс, кохия үүннэриллэр. Үнүгэстэрэ 5-15 хонуктарынан быгыахтара.
Муус устарга агератум, алиссум, гацания, левкой, аквилегия, бархатцы, годеция, лобулярия, настурция, хризантема, цинния, душистай табак курдук сибэккилэр арассаадаланаллар.
Ыам ыйыгар гладиолус бөлчүөгүн (хортуоппуйун) уһугуннарабыт, 3-4 нэдиэлэ олордуох иннинэ таһаарабыт. Подсолнечник, сафлор, стахис, эшшольция, аквилегия, лен, настурция олордуллар.
Сибэккилэрбит сиэмэлэрин препараттарынан обработкаламмыттары оннук ыһабыт, онтон бэйэтинэн сылдьар сиэмэни ыарыылары утары уонна уһугуннарар араас миэтэттэринэн булгуччу бэлэмниибит.
Холобура эустома, дельфиниум сиэмэлэрин хайаан да тымныыга туруорабыт, холодильникка +4 ºC. Дельфиниум сиэмэтэ сылааска турдаҕына араскыланара түргэнник сүтэр, 6 ый иһинэн үүнэр хаачыстыбата мөлтүүр.
Сиэмэни вируснай, бактериальнай араас ыарыылартан эмтиибит, саамай судургутук тэтэркэй өҥнөөх марганцовкаҕа 8-12 чаас устата эбэтэр фитоспорин-М 1-2 чаас устата сытыарыллар, раствор оҥорон баран 2-4 хаапыланы 1 ыстакаан ууга булкуйабыт. Суурадаһын оҥорорго 1-2 чаас иннинэ эрдэттэн сухуой бороһуогу, паастаны тутатына суурайан раствор бэлэмнэниллэр, сибэккигэ 1 л ууга 3 кыраамы суоттаныллар. Эбэтэр 12-24 чаас устата борнай кислоталаах ууга сиэмэлэри сытыарабыт
(1 л. ууга 0,2 г борнай кислота). Үнүгэстэри күүһүрдэргэ эбии эттигинэн (биопрепараттарынан) байытабыт: 1 ыстакаан ууга 1 хааппыла НВ-101 эбэтэр эпини эбэтэр циркону суурайабыт, сиэмэни 2-4 чаас сытыаран ылаҕыт. Эустома, дельфиниум сиэмэлэрин обработкалаан баран араскылата уурдахха сылаас уонна тымныы ньымалары туһанабыт. Ол курдук 6-8 ч. сылааска 25-28 ºC сииккэ туруоран баран, 1 суукка +4 кыраадыска холодильникка туруорабыт, ити кэннэ ыһабыт.
Итиини, тымныыны тулуйа үөрэтэргэ стратификация ньымата туттулар. Ол аата сиэмэни сиигирдэн, бөскөтөн баран, тымныыга туруоран ылыллар, быһата, албыннаан, кыһыҥҥы усулуобуйаны тэрийиллэр, оччоҕуна тахсыылара икки төгүл үрдүүр. Дельфиниум стратификацията суох тыллыбат эбэтэр олус бытааннык үүнэр. Тымныыны туhанан ыhарга хаар 1-1% см халыннаах буорга ууруллар, ол үрдүнэн сиэмэни уурабыт. Туустаах ууга 1 л биир кыра ньуоска туус кутан сиэмэ хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиибит, өрө дагдайан тахсыбыт аһа суох сиэмэлэри быраҕыллар, аллара тимирбит чэгиэн сиэмэлэри ылан буорга баттанар.
Үчүгэй буору хатыҥ эбэтэр долохоно (боярышник) үүнэр сириттэн хоруйан ылыахха сөп. Бааһына, оҕуруот буора эмиэ барсар. Буору кырыс сиртэн ылан бэлэмниир өссө ордук. Ону маннык оҥоһуллар: кырыһы саралаан ылан оттоох өттүнэн умсары уран саһааннаан таһаарыллар. Манна сайын ынах иигин уонна ууну кутан илитиллэр. Оччоҕо кырыс түргэнник сытыйар уонна хаачыстыбата тупсар.
Перегнойу (кунуһу) пиэрмэттэн эбэтэр компост оҥорон төһөнү баҕарар булуохха сөп.
Кырыһы уонна кунуһу эрдэттэн сиидэлээн, булкадаһык оҥорон бэлэмниир үчүгэй. 1 биэдэрэ ноһуом эбэтэр торфа, онно 1 биэдэрэ кумах булкуллар. Билигин торфа атыыга тахсар, холобура, «АGRO», «Верховой торф», «Торф Чародей» уо.д.а. бааллар.
Олордор сиргит тураҥнаах буоллаҕына, сир үрдүнэн полиэтилен пленканы тэлгэтиллэр уонна 20-25 см халыҥнаахтык мас хатырыгын, мас сыыһын, бытархай тааһы, кумаҕы тэлгэтиллэр. Ол кэнниттэн кырыс буорун (50-60%) уонна күҥкүйбүт ноһуому (40-50%) булкуйан 25 см халыҥ гына кутуллар онно эбии 1 биэдэрэ кумах эбиллэр. Нуормата 1 кв. м иэҥҥэ 150-400 л уу кутуллар.
Буору бастаан сиидэлиибит, буорбут көпсөркөй, салгын киирэр-тахсар буолуохтаах. Онтон Фитоспорин-М эбэтэр 2 кыраам борнай кислотаны 10 л ууга суурайан буорга кутуллар. Борнай кислотаны суурайарга уутун кыраадыһа сылаас буолуохтаах, оччоҕо үчүгэйдик суурайыллар.
Сиэмэни тылыннарарга торфа, сир кырса эбэтэр оҕуруот буора, өрүс кумаҕа (3:1:1) булкуллубута ордук. Дезинфекциялаан духуопкаҕа, микроволновкаҕа туруоруллар, оргуйбут итии уунан эбэтэр фитоспорин-М кутуллар. Эбии иҥэмтэлээх эттиктэринэн баай азотофоска, суперфосфат минераллары 1 ост. нь. 10 л буорга суоттаан кутабыт. Буорбутун уунан ыhан сиигирдэбит. Арассааданы торфалаах табылыаккаҕа эбэтэр муохха үүннэриэххэ эмиэ сөп.
Сиэмэни буорга баттыах иннинэ, бастакы үнүгэс сэрбэйиэр диэри сиигэ тиийэрин курдук, хото уу кутуллар. Эрдэттэн бэлэмнэммит лууҥкаларга сиэмэлэри бэйэ-бэйэлэриттэн 3 сантиметр тэйиччи ууруллар. Бытархай сиэмэлэри кумаҕы кытта булкуйан ыһар ордук, холобур, лобелия сибэккини (кумах хайаан да микроволновкаҕа, духуопкаҕа обеззараженнай буолуохтаах). Эустома, петуния, лобелия сибэккилэри үрдүнэн буору куппакка аһаҕастыы ыһыллар. Георгин, астра уонна да атын сибэккилэр сиэмэлэрин үрдүгэр буору ыһабыт. Үрдүн полиэтиленинэн бүрүйүллэр. Yнүгэhэ тахсыар диэри 25-300С сылааска тутабыт. Эбии уот тыктарабыт, ортотунан 12-14 ч. сырдыкка туруохтаах. Сабыыга мустар таммахтары сотон кэбиһиллэр уонна кэмиттэн кэмигэр салгылатыллар. Аһара сииктээх буорга сиэмэ сытыйар. Ол да буоллар буор биллэр сииктээх буолуохтаах. Үнүгэстэр быкталлар эрэ, 22-25 ºC тутабыт уонна сырдык эрээри, күн уота тэһэ көрбөт сиригэр туруорабыт. Бу кэннэ НВ-101, Циркон нэдиэлэҕэ биирдэ үөһэттэн ыраахтан таммалатан биэрэбит. Ону таһынан силистэрэ бөҕөргүүллэрин курдук, үүнээйи уһууругар Корневины ыстарыллар.
Үнүгэс тахсыар диэри сиэмэлээх буорга ууну олох сэрэнэн ибиирдэн эбэтэр иһиккэ түгэҕэр кутабыт. Уу быһа холуйан 25-30 ºC сылаас буолуохтаах. Тымныы ууну кутуллубат, үүнээйи “чернай ножканан” ыалдьыан сөп. Ардахтатан ыһыллар эбэтэр грушанан, испирииһинэн, пульверизаторынан миэстэтигэр кутуллар. Уу кутан баран бэрэбиэркэлиир буолуҥ, петуния, лобелия сууллубут буоллахтарына хайаан да туруоруллар. Буорбут сиигирээhинэ харахха биллэр буолуохтаах, торфалаах, торфяной таблетка олус түргэнник куураллар ону учуоттуохха наада. Нэдиэлэҕэ биирдэ Корневин, НВ-101, Циркон, Эпин курдук биопрепараттары талан ыстарыллар.
Хаппырыыс эрээри, дьон хараҕын үөрдэр сибэккилэри бу ньымалары туһанан көрүөххэ-харайыахха сөп. Оттон бэлэм арассааданы АГАТУ муус устартан атыыга таһаарыаҕа.
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…