Сибидиэнньэлэргитин хойутаппакка туттарыҥ
СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, бу дьыл бэс ыйын 10 күнүгэр хагдаҥ эһэни, ону тэҥэ уу көтөрдөрүн уонна мас көтөрдөрүн бултааһын түмүктэннэ. Онон тустаах министиэристибэ көҥүлү ылбыт сиргитигэр ылбыт көҥүлгүтүн төннөрүөхтээххит туһунан сэрэтэр.
Туйахтаах кыыллары уонна эһэни бултаабыккыт туһунан уон күн иһигэр, ону тэҥэ булт атын көрүҥнэригэр 20 күн иһигэр сибидиэнньэ биэрбэтэххитинэ, кэһии быһыытынан сыаналанар. Онон булчуттар административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөп. Маны сэргэ Арассыыйа Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин бирикээһинэн бултуурга көҥүлү ылыы бэрээдэгэр көннөрүүлэр киирбиттэринэн, олохтоммут болдьох кэмигэр тугу бултаабыттарын туһунан сибидиэнньэ биэрбэтэх дьоҥҥо үс сыл устата бултуурга ханнык баҕарар көҥүлү ылыыга аккаастыахтара. Онон кытаатыҥ, сибидиэнньэлэргитин хойутаабакка туттарыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: