Сибиинньэ гириибэ эрэгийиэннэргэ билиннэ
“РИА-Новости” иһитиннэрбитинэн, РФ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко доруобуйа харыстабылыгар аналлаах Арассыыйа-Армения пуорумугар сибиинньэ гириибэ (H1N1) актыыбынайдыырын туһунан эттэ.
«Ол иһин, ыарыыны сэрэтэр хайысхалар – гирииби, ковид-инфекцияны, пневмококковай инфекцияны утары быһыыны ылыы суолталаах”, — диэтэ миниистир. Миниистир эппитинэн, билигин аденовируснай инфекцияны утары эмиэ охсуһар “Спутник” диэн интраназальнай баксыына туттуллар. 2009 сыллаахха дойдуга тура сылдьыбыт сибиинньэ гириибэ A(H1N1) билигин да дьон доруобуйатыгар биллэр кутталы үөскэтэр.
Онтон РФ Роспотребнадзора иһитиннэрэринэн, гириип А(H1N1)-2009 штама – сибиинньэ гириибэ дойду 55 эрэгийиэнигэр бэлиэтэннэ. Исписэлиистэр этэллэринэн, сибиинньэ гириибэ, эмиэ COVID-19 курдук, сүрүннээн салгынынан бэриллэр.
СӨ Роспотребнадзор управлениета өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун гирииби уонна короновирус саҥа инфекциятын (COVID -19) утары быһыыны ыларга ыҥырар. Ону таһынан дьон элбэхтик сылдьар сиригэр сылдьар бириэмэни аҕыйатарга, мэдиссиинискэй маасканы кэтэргэ сүбэлииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: