Сибиинньэ кириибиттэн хайдах харыстанабыт?
Нутрициолог Любовь Сотникова этэринэн, сибиинньэ кириибинэн ыалдьыбат туһугар куртах үлэтин тупсарарга кыһаныахтаахпыт.
Ол курдук, куртах диэн киһи иммунитетын сүрүннүүр уорган буолар. Кини этэринэн, сөптөөх аһааһынтан улахан тутулуктаах. Ордук оҕуруот аһын, ферментированнай бородууктанан аһыыр туһалааҕын бэлиэтээбит. Бурдук аһынан, минньигэһинэн үлүһүйүү иммунитеты мөлтөтөр. Иммунитет күүстээхтик үлэлииригэр ферменнэр уонна пептиднэй гормоннар наадалар. Балары үөскэтэргэ аминокислоталар наадалар. Ордук эт мииниттэн маннык аминокислоталар үөскээн киһи этигэр-сиинигэр иммунитеты үөскэтэллэр.
— Доруобуйа, эт-сиин барыта аһылыктан тутулуктаах. Куртахпыт микрофлората сөбө суохтук үлэлиирэ иммунитеты мөлтөтөр. Вируснай дьаҥҥа сыстыбат туһуттан киһи рациона битэмииннээх аһынан толору буолуохтаах, — диэн нутрициолог этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: