"Полярные авиалинии" авиахампаанньа хаартыскалара.
«Полярные авиалинии» авиахампаанньа сөмөлүөттэрэ ураты пассажирдардаах рейскэ көттүлэр. Ол курдук, Орто Халымаҕа уонна Белай Гораҕа сибиинньэ оҕолоро уонна кууруссалар Ан-26 сөмөлүөтүнэн көтөн тиийдилэр. Ол туһунан авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сөмөлүөт үлэһиттэрэ этэллэринэн, сибинньэлэр уонна кууруссалар ыраах айаны этэҥҥэ аһарбыттар.
Авиахампаанньаҕа бу рейстэри оҥороругар сайаапкалар Орто Халыма уонна Абый улуустарын тыа хаһаайыстыбатыгар управлениеларыттан киирбиттэр. Сибиинньэ оҕолоро кууруссалар хаһаайыстыбаларга ылыллыбыттар. Салгыы кинилэри ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга массыынанан тиэрдиэхтэрэ.
Сергей Степанович Васильев – Борогонскай аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ уонна улуустааҕы көрбөттөр уопсастыбалара “Үрүҥ торуоска”…
Саха сирин курдук уустук суоллаах-иистээх, ураты килиимэттээх дойдуга килиэбинэн хааччыллыы диэн тыын боппуруос буоллаҕа. Быйыл…
Алтынньы – Хотой Айыы ыйа. Бэрт сэргэх тэрээһин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыыттылынна.…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа сорох сиринэн кыралаан хаардыыр. Түүн -7-12°, хотугулуу-илин -18-23°,…
Бу күн Сатурн планета салайыытынан ааһар, онон дьиссипилиинэни, эппиэтинэһи уонна күүһү ирдиир. Күн күүстээх уонна…
Үлэлиир төрөппүттэр оҕо 1,5 сааһын туолуор диэри оҕо көрөн олорорго бэриллэр босуобуйаны ылар кыахтаахтар. …