Сибиир, Уһук Илин эрэгийиэннэригэр таас чоҕунан оттуллар хочуоллар туруоруллуохтара
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин алтынньы 30 күнүгэр бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытары көрүстэ. Мунньахха тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын биир кэлим сайдыытын, нэһилиэктэргэ оттугу хааччыйыы боппуруостарын ырыттылар.
Мунньахха Энергетика миниистирэ Сергей Цивилев Сибиир уонна Уһук Илин эрэгийиэннэригэр таас чоҕунан оттуллар анал хочуоллары оҥоруу, ону нэһилиэнньэҕэ тиэрдии социальнай бырагыраамата оҥоһулла сылдьарын иһитиннэрдэ.
— Бу анал хочуоллар таас чоҕу кыраны сииллэринэн, туттуллаллара судургутунан, тулалыыр эйгэҕэ кыра хоромньуну таһааралларынан быдан көдьүүстээх буолуохтара. Билигин таас чоҕунан барар хочуоллаах нэһилиэнньэлээх пууннар кыһын устата хаардара барыта хап-хара буолар. Билигин бу хочуоллар “Ыраас салгын” барыгарааманан кыралаан туһаныллаллар, — диэн бэлиэтиир мунньах кэмигэр миниистир Сергей Евгеньевич.
Социальнай гаастааһын туһунан иһитиннэрэригэр Сергей Цивилев гаас ситимин тардыы сорох эрэгийиэннэргэ олус уустугун уонна сыаната ыараханын этэн туран, бу нэһилиэнньэлээх пууннарга таас чоҕунан барар хочуоллары туруоруу ордугун эттэ.
— 2020 сылтан, Владимир Владимирович, эһиги этиигитинэн нэһилиэнньэлээх пууннарга социальнай гаастааһыны киллэрии көдьүүстээхтик бара турар. Ол эрээри бары эрэгийиэннэргэ нэһилиэнньэлээх пууннарга гаас ситимин киллэрии олус уустук. Төһөнөн нэһилиэнньэлээх пуун сүрүн гаас ситимиттэн тэйиччи да, оччонон онно гааһы киллэрии сыаната ыараан тахсар. Ол иһин маннык сирдэргэ таас чоҕунан барар хочуоллары туруоруу сөп. Нэһилиэнньэ манна чэпчэтиинэн туһаныаҕа. Бастатан туран, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, элбэх оҕолоох ыалларга, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоннорго босхо туруоруллуоҕа, — диэн этэр кини.
Мунньахха эппиттэринэн, билигин таас чоҕунан оттуллар хочуоллары 155 тыһыынчаттан тахса дьиэҕэ киллэрэр былааннаахтар, салгыы бу бырагыраама балтараа мөлүйүөн дьиэни хабыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: