Сибиир, Уһук Илин эрэгийиэннэригэр таас чоҕунан оттуллар хочуоллар туруоруллуохтара

Share

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин алтынньы 30 күнүгэр бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытары көрүстэ. Мунньахха тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын биир кэлим сайдыытын, нэһилиэктэргэ оттугу хааччыйыы боппуруостарын ырыттылар.

Мунньахха Энергетика миниистирэ Сергей Цивилев Сибиир уонна Уһук Илин эрэгийиэннэригэр таас чоҕунан оттуллар анал хочуоллары оҥоруу, ону нэһилиэнньэҕэ тиэрдии социальнай бырагыраамата оҥоһулла сылдьарын иһитиннэрдэ.

Бу анал хочуоллар таас чоҕу кыраны сииллэринэн, туттуллаллара судургутунан, тулалыыр эйгэҕэ кыра хоромньуну таһааралларынан быдан көдьүүстээх буолуохтара. Билигин таас чоҕунан барар хочуоллаах нэһилиэнньэлээх пууннар кыһын устата хаардара барыта хап-хара буолар. Билигин бу хочуоллар “Ыраас салгын” барыгарааманан кыралаан туһаныллаллар, — диэн бэлиэтиир мунньах кэмигэр миниистир Сергей Евгеньевич.

Социальнай гаастааһын туһунан иһитиннэрэригэр Сергей Цивилев гаас ситимин тардыы сорох эрэгийиэннэргэ олус уустугун уонна сыаната ыараханын этэн туран, бу нэһилиэнньэлээх пууннарга таас чоҕунан барар хочуоллары туруоруу ордугун эттэ.

2020 сылтан, Владимир Владимирович, эһиги этиигитинэн нэһилиэнньэлээх пууннарга социальнай гаастааһыны киллэрии көдьүүстээхтик бара турар. Ол эрээри бары эрэгийиэннэргэ нэһилиэнньэлээх пууннарга гаас ситимин киллэрии олус уустук. Төһөнөн нэһилиэнньэлээх пуун сүрүн гаас ситимиттэн тэйиччи да, оччонон онно гааһы киллэрии сыаната ыараан тахсар. Ол иһин маннык сирдэргэ таас чоҕунан барар хочуоллары туруоруу сөп. Нэһилиэнньэ манна чэпчэтиинэн туһаныаҕа. Бастатан туран, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, элбэх оҕолоох ыалларга, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоннорго босхо туруоруллуоҕа, — диэн этэр кини.

Мунньахха эппиттэринэн, билигин таас чоҕунан оттуллар хочуоллары 155 тыһыынчаттан тахса дьиэҕэ киллэрэр былааннаахтар, салгыы бу бырагыраама балтараа мөлүйүөн дьиэни хабыахтаах.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Уһук Илиҥҥи гектары дьон хайдах туһанарый?

Гектары бас билэллэринэн эрэ муҥурдаммакка, манна биисинэстэрин саҕалаан эрэр дьон элбээтэр элбээн иһэллэр. Нам улууһугар…

6 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Үтүө киһи үтүөнү түмэр

Быйыл атырдьах ыйыгар Дьокуускай куоракка  СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, А.М.Горькай аатынан  литература институтун устудьуона Любовь…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр MAX платформаҕа 3000-тан тахса дьиэ чата оҥоһулунна

Саха сиригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр уопсай чаттара МАХ национальнай мессенджергэ көһөн эрэллэр. Хайыы-үйэ 3000-тан тахса…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: ДЬИЭҔЭ ХАННЫК ҮҮНЭЭЙИЛЭРИ ОЛОРДОР ТАБЫГАСТААҔЫЙ?

Дьиэни эбэтэр кыбартыыраны өрөмүөн кэнниттэн дьиҥнээх оранжереяҕа кубулутан, хойуу сибэккилээх үүнээйинэн киэргэтэр кыах идэтийбит флористарга…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

“Мэдиссиинэ көмөлөһөөччүтүн” нөҥүө быраастарга суруйтарыы элбиир

Бүгүҥҥү күн туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ “Мэдиссиинэ көмөлөһөөччүтүн” нөҥүө 11 194 киһи быраастарга суруйтарбыт, ол онтон 4646-та…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Сергей Потапов «Ньургуһуннар» киинэтин көрбүккүт дуо?

Ахсынньыга режиссер, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Сергей Потапов 50 сааһа туоларынан, бэстибээл саҕаланна. Бүгүн, ахсынньы…

2 часа ago