Атырдьах ыйын 1-2 күннэригэр Дьокуускай куоракка үгэс буолбут, сыл аайы ыытыллар «Северные лилии» бэстибээл саҕаланна. Бэстибээл РНА СС Биологическай проблемалар уонна криолитозона институтун Ботаническай саадыгар ыытыллар, кэлбит ыалдьыттар сардаана сибэкки арааһын көрдүлэр.
Бастакы күн хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх киһи РНА СС Биологическай проблемалар уонна криолитозона институтун «Ботаническай саадыгар» экскурсияҕа сырыттылар.
Сарсыардаттан күн чаҕылыйбыта эрээри, эбиэттэн былытыран, ардах түстэр даҕаны, кэрэни көрөөрү элбэх киһи муһунна. Ботаническай саад үлэһиттэрэ кэлбит дьону хас даҕаны бөлөҕүнэн арааран экскурсиялаттылар.
Анал үөрэхтээх исписэлиистэр саадка баар үүнээйилэри кэритэ сылдьан көрдөрөн, кинилэр тустарынан кэпсээтилэр. Балартан дьон-сэргэ кутун туппутунан сардаана сибэккилэр алыптаах хонууларын ааттыахха сөп. Дьон-сэргэ олус интэриэһиргээн бу дьикти кэрэ сибэкки туһунан иһиттилэр, хаартыскаҕа түстүлэр.
Сардаана сибэккилэринэн дьарыктанар «Ботаническай саад» научнай үлэһитэ, биологическай билим хандьыдаата Екатерина Афанасьева бу курдук кэпсиир:
— Манна азиатскай сардаана сибэкки 80-ча араас суорда баар. Онтон икки-үс суорда ЛА-гибрид. Биһиги бу сибэккилэри 2016 сылтан саҕалаан хомуйан үүннэрэбит. Сүрүн матырыйаал университет Ботаническай саадыттан ылыллыбыта. Ол кэнниттэн атын эрэгийиэннэр Барнаул, Новосибирскай, Москва, Мичуринскай ботаническай саадтарыттан хомуйбуппут. Быйыл сааспыт хойутаан кэлэн, сайын саҕаланыыта тымныы буолан, сибэккилэрбит сорох суортара биир нэдиэлэ курдук, сорохторо үс-түөрт күн хойутаан тылыннылар. Сыл аайы кэтээн көрөрбүтүнэн, орто көрдөрүүнэн хойутаатылар диэххэ сөп.
Оттон бу дьон кутун туппут тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыттааччынан РНА СС Биологическай проблемалар уонна криолитозона институтун уопсастыбаннаһы кытары үлэҕэ исписэлииһэ Екатерина Евсеева маннык кэпсиир:
— «Северные лилии» бэстибээл номнуо төрдүс төгүлүн ыытыллар. Тэрээһин сыалынан-соругунан ботаническай билими тарҕатыы, Саха сирин араас үүнээйилэрин харыстааһын, Дьокуускай ботаническай саадын билимигэр олоҕуран, сибэкки биизинэһин сайыннарыы буолар. Быйыл бэстибээл чэрчитинэн, атырдьах ыйын 1-2 күннэригэр ботаническай саадка араас үүнээйини уонна сардаана сибэкки арааһын экскурсиятын тэрийэбит. Оттон атырдьах ыйын 4-5 күннэригэр, бэстибээл сүрүн чааһыгар, сардааналар быыстапкалара (30 суорт), маастар-кылаастар, фотосессия, уо.д.а тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Ону таһынан, үс куонкурус: флористиканы сөбүлээччилэргэ «Краса Якутии» (устудьуоннарга уонна оскуола үөрэнээччилэригэр), доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго «Мы рисуем лилии» уруһуй куонкурса, өр сыллаах үүнээйилэри үүннэрии «Лилия – царица северного сада» хаартыска куонкурса ыытыллаллар. Түмүгэ бэстибээл сабыллыытыгар биллиэ, кыайыылаахтарга сыаналаах, өйдөбүнньүк бириистэр туттарыллыахтара.
Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…
ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруоруммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…