Сиэйэ Уола-Айыллыатта Дьырылыат саҥа килиибэ күн сирин көрдө (видео)
Ырыаһыт Виктор Иванов-Сиэйэ Уола-Айыллыатта Дьырылыат быйыл икки килииби устан, кини талааныгар сүгүрүйээччилэргэ улахан бэлэҕи оҥордо.
Онтон бэҕэһээ «Өбүгэ чорооно» килиибэ күн сирин көрдө. Виктор Иванов саҥа үлэҕэ хайдах ылсыбыттарын туһунан кэпсээтэ:
-Киһи бу Орто дойдуга кыраттан сэмээр астына уонна махтана сырыттаҕына, санаабыт санааҥ кэмигэр сатанар курдук эбит.
Маннык диэн кэпсээтэххэ, килиип оҥоруута үлэлээх уонна элбэх үбү эрэйэр. Ону хас да килииппин Сунтаарым улууһун култуурата, дьаһалтата бэйэбиттэн биир да харчыны көрдөөбөккө, ис сүрэхтэн оҥорбуттара. Холобур, «Отуу уота», «Чох хара харахтарыҥ», «Сэбирдэх түһүөҕүн иннинэ» уонна «Сылаас салгын» килииптэр күн сирин көрбүттэрэ.
Оттон бу билигин Олимпиада Спиридонова тылларыгар уонна Гаврил Пахомов мелодиятыгар «Өбүгэ Чорооно» ырыаны Гаврил Гаврильевич Вырдылин салайааччылаах Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ мин баҕа санаам хоту барытын тэрийэн, оҥорон, уһулан биэрдилэр. Доҕорбор Гаврил Гаврильевичка, килииби устубут уолбар Степан Атастыырапка уонна баайаҕаларга, ытык киһибит Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус дьиэ кэргэнигэр, бары кыттыспыт улахан уустарбытыгар уонна Сунтаарбыттан чуһуурбаҕа оонньуур, бу дьикти үчүгэй тыаһы таһаарар үнүстүрүмүөммүтүн бэйэтэ оҥорор ыччаппытыгар Дмитрий Поповка, устан ыыппыт Радомир Сергеевкэ, ырыам хоһоонун суруйбут Олимпиада Спиридоноваҕа, мелодиспар Гаврил Пахомовка барыларыгар дириҥ махталлаахпын.
Былыргы өбүгэлэрбититтэн саҕалаан туттар иһиппит, үтүөнү, дьолу-соргуну түстүүр биир сүдү ымыылаах чорооммут үйэлэргэ сүппэтин курдук ис хоһоонун барытын кэриэтэ үөрэппит, тарҕаппыт ытык киһибит Мандар Уус бу сарсыарда эргиччи үлэлэспит дьоҥҥо барыларыгар махталын ыытта уонна «Айар- тутар дьон айыы дьоно буолаҕыт» диэн ис сүрэҕиттэн алгыһын эттэ.
Бу ытыктыыр, сүгүрүйэр киһибит Борис Неустроев—Мандар Уус курдук, кэскилбит, кэнчээрибит туһугар үтүө санаа кынаттаах уустук кэмҥэ бары түмсүүлээх уонна эйэлээх олоҕу түстээн, үчүгэйи ыралааҥ, өбүгэлэри кэриэстээҥ, махталынан, тапталынан ылынан баран иһиэҕиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: