Сиэйэ Уола: «Сырдык аартык арылыннын»
03.11.2022, 11:58
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 59-с кыттааччыта Виктор Иванов-Сиэйэ Уола:
Сырдык аартык арылыннын
Саатар тылбынан этиим…
Кыһанарбын билиниим,
Көҥүллээн дуу бичийиим,
Сиилээмэҥ дуу- диим!
Тоҕо баҕас соһуччутай,
Ылан барар судургутай,
Уолаттары долгуттаҕай,
Сэрии буолан уолуттаҕай.
Харах уута аргыстаах,
Утуйбатах сылаалаах,
Ис кутугар кыланыылаах,
Атаарара ИЙЭ кыһыылаах.
Хайдах гынан уоскутабыт,
Тугу булан тобулабыт,
Өйү-төйү сааһылыыбыт
Бары бииргэ буолабыт.
Өркөн өйдөөх эппитинии,
Киэҥ көҕүстээх буолуох дииринии,
Туораттан саҥата суох иһиллии,
Туруоҥ дуо?- билигин ама дии…
Ийэ сүрэҕэ долгуйбатын,
Таптыыр оҕото уолуйбатын,
Сырдык аартык арылыннын,
Аар алгыс эйэни аҕаллын!
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: