Сиэйэ Уола төрөппүт аҕатын булбут үһү…
20.02.2023, 20:40
Бөлөххө киир:
Виктор Иванов — Сиэйэ Уола төрөппүт аҕатын булбут үһү диэн сурах куйаар ситиминэн тэлэһийэ сүүрдэ. Сурах быһыытынан кэпсээтэххэ, кини аҕата Амма Сулҕаччытыгар олорор ырыаһыт, музыкант, мелодист Анатолий Слепцов үһү…
Үөрүүлээх сонуну истээт, кырдьыгын-сымыйатын билээри Бииктэргэ тахса сырыттыбыт. Онуоха, киһибит эппиэтэ маннык буолан биэрдэ: «Саха сиригэр сүүс киһи иһигэр үс майгыннаһар дьон баар курдук буолаллар эбит. Дьон майгыннатан инньэ диир», — диэтэ.
Чэ, буоллун! Баҕар маннык үтүө сонунтан тэптэрэн, Сиэйэ Уола чугас дьонун көрсүө турдаҕа диэн Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
+1
3
+1
+1
+1
+1
1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: