Сиэйэ Уолун «Сылаас салгына»

Share

Итинник ааттаах Виктор Иванов-Сиэйэ Уолун айар кэнсиэрэ икки чаас устата бүгүн  үрдүк таһымнаахтык ааста.

Сиэйэ Уола норуот ырыаһыта диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саала иһэ тобус-толору. Биһиги түөрт чаастан буолбут бастакы кэнсиэригэр сырыттыбыт. Виктор тыл суолтатын таба өйдөөн, ис дууһатыттан ылынан, дьиҥнээхтик турукка киирэн ыллыыр. Ол иһин хас биирдии ырыатын толоруута дьэ, ырыаһыт бэйэтэ эппитин курдук,киһи салгын кутун күн уотун сылааһыныы сырдыгынан сыдьаайарынан уратылаах. Онон истэ олорон кутаа уотугар атаххын иттэ олорор курдук, ип-итии дьайар эбит. Ити кэнсиэргэ олорон атаҕым икки чааһы тулуйбакка, кыайан хамсаппата буолуо дии санаабытым, ырыаларынан угуттанан, атахпар соһуллубакка туран соһуйдум, бэйэм да билбэппинэн эмтэнэн хааллым.

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ

Бу күн Виктор үс сыл устата айбыт саҥа ырыаларын толордо. Барыта мэлдьи да буоларын курдук истиҥнэр. «Сардаана» ырыатын саха театрын опера уонна балет солистката М.Потапова арфаҕа доҕуһуоллаата. Онон Виктор Иванов бу да сырыыга айар кэнсиэрэ көрөөччүлүүн биир ситимҥэ киирдэ. Бу хас биирдии ырыаһыкка ыллыҥ да кыаллан испэтэ чуолкай. Викторбыт хас биирдии ырыатын быһааран, кэпсээн биэрдэ. Онно истибиппитинэн биэс уолламмыттар. Таптал,ийэҕэ, аҕаҕа, айылҕаҕа, төрөөбүт дойдуга махтал тылларынан иэйиилээх ырыаларыгар Сиэйэ Уолугар — Виктор Ивановка Махтал! Таптал! Эрэл! тылларынан кэнсиэртэн дуоһуйбут санаабытын үллэһиннибит.

Марта Николаева

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

38 минут ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

54 минуты ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

1 час ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

1 час ago