Сунтаар улууһун Сиэйэтигэр саҥа үлэҕэ киирбит успуорт саалаҕа Аан дойду дьахталларын күнүгэр аналлаах кыраккыыга (городки) биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһии буолан ааста. Ону таһынан дартстка эмиэ күрэхтэстилэр.
Ыаллыы сытар Ньурба улууһуттан элбэх киһи кытынна. Саастарынан икки бөлөххө арахсан күрэхтэстилэр. Кыраккыыга 19-54 саастаахтарга аҕыс кэрэ аҥардар кытыннылар. Бастакы миэстэни Уһун Күөлтэн Татьяна Григорьева ылла, иккис миэстэҕэ Ньурбаттан Анна Егорова тигистэ, үһүс миэстэҕэ Ньурбаттан Сусанна Габышева буолла.
Эдэрдэргэ аҕыс буолан кыттыбыт буоллахтарына, бэтэрээннэргэ, 55 сааһыттан аҕа саастаахтарга, 18 буолан кэрэ аҥардар күрэхтэстилэр. Бастакы миэстэни Уһун Күөлтэн Надежда Павлова эрэллээхтик элбэх очкону ылан бастаата, иккис миэстэни Сунтаартан Таисия Ксенофонтова, үһүс миэстэни Сунтаартан Валентина Иванова ыллылар. Сиэйэлэр успуорт саалалара киэҥэ-куоҥа, сылааһа, тупсаҕай көстүүлээҕэ, буфеттааҕа киһини сөхтөрөр. «Городки» Федерациятын аатыттан Сиэйэ баһылыгар Александр Николаевичка уонна успуорт инструкторга Борис Александровичка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Ньурба кыттааччыларыгар күрэхтэһиини ырыа кэһиилээх кэлбиттэригэр махтанабыт. Чэгиэн, доруобай буолуҥ!
Ким Павлов
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…