Сиэр-майгы доҕолоҥноотоҕуна…
Социальнай ситимҥэ Үөһээ Бүлүү улууһугар бэһис кылаас кыргыттара кыра саастаах уолаттары кырбаабыттарын туһунан видеолаах сурах өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүтэ.
Өссө иккис кылаас оҕото суорума суолламмыт үһү диэн сурах кэлбитэ. Видеоҕа көстөрүнэн, кыыс бэйэтинээҕэр кыра уҥуохтаах уолчааны моонньуттан тутан умса баттаан турара көстөр. Ити кэмҥэ уолчаан өйүн сүтэрэн охтор. Оҕолор онно дьэ, куттанан уолчаан тула үмүөрүһэллэр. СӨ силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата бу быһылааҥҥа оҕо өлбүтүн туһунан сурах сымыйа диэн иһитиннэрбитэ. Ол эрээри, хомойуох иһин, оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр кырыктаах сыһыаннарын туһунан сурахтар үгүстүк чахчы буолаллар.
Оттон уопсастыбаҕа көстүбэтинэн, биллибэтинэн маныаха майгынныыр төһөлөөх элбэх түгэн баара буолуой?
Сүппүт аҥаар этэрбэс
«Кыыһым этэрбэһин аҥаарын кылааһын оҕолоро кистээн кэбиспиттэр, оҕом эрийэн ытаабатаҕа буоллар мин төрүт да тугу да билбэккэ сылдьыа эбиппин», — диэн хас да сыллааҕыта биир ийэ кэпсээнин өйдөөн хаалбыппын. Кыысчаана аһары муҥкук буолан кылааска туоратыллар, оҕолору кытта уопсай тылы сатаан булбат эбит. Ити айдаан тахсыар диэри ийэ барахсан оҕотун кыһалҕатын билбэккэ сылдьыбыт. Этэрбэс сүтээһиннээх айдаан кэнниттэн кини биирдэ өйдөөбүт, оҕото бэһис кылааска тахсыар диэри биир даҕаны дьүөгэтэ, доҕоро даҕаны суоҕун. Уйулҕа үлэһиттэрэ маны судургутук буллинг диэн научнай тылынан быһаараллар. Оҕо уопсастыбаҕа тапсыбат, уопсай тылы булбат буоллаҕына, кыһалҕаны кини дьиэ кэргэнигэр көрүҥ диэн. Төрөппүт болҕомтотун, тапталын кыра сааһыттан ылбатах оҕо маннык кыһалҕалары көрсөр диэн ыйаллар. Буллинг сиэртибэлэрэ кимнээхтэрий? Буллинг сиэртибэтинэн саастыылаахтарыттан туох эрэ уратылаах, итэҕэстээх оҕону талаллар диэн өйдөбүл сыыһа. Уйулҕа үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, дьон санаатыттан тутулуктаах, ис эйгэтигэр көҥүлэ суох оҕо буолуон сөп. Маннык оҕо кылааска, оскуолаҕа доҕотторо аҕыйах, суоҕун да кэриэтэ.
Буллины хайдах тохтотуохха сөбүй?
Сүрүн дьайыыны улахан дьон оҥорор. Ол эбэтэр учууталлар, төрөппүттэр. Айдаан тахсыбатын диэн оскуола кэлэктиибин иһигэр кыра кыыһырсыыны сабан, кистээн кэбиһиэхтэрин сөп. Ол түмүгэр кэлин улахан айдаан таҕыстаҕына, оҕолор оонньуу сылдьан иирсэн турбуттара, оонньуу сылдьан охсуспуттар диэн сымнатан этэллэр. Ол эрээри маннык түгэҥҥэ төрөппүт хайаатар даҕаны атаҕастаммыт оҕотун көмүскэһэн, киэҥ эйгэҕэ таһаарартан кыбыстыа суохтаах. Уопсастыбаннас кыттыстаҕына, бар дьон билиитигэр айдаан таҕыстаҕына эрэ кыһалҕа быһаарыллар кыахтаах. Буллинг хаһан баҕарар киэҥник тахсар айдаантан куттанар.
Төрөппүт көмүскэһэр бырааптаах дуо?
Оскуола иһигэр саастыылаахтар икки ардыларыгар тахсар айдааны оҕо сатаан салайар кыаҕа суох. Кини көмүскэтэр дьоно төрөппүттэрэ. Ол эрээри, төрөппүт тиийэн туора ыал оҕотун сахсыйар, мөҕөр бырааба суох. Кини айдаан таҕыстаҕына, кылаас салайааччытыгар, ол кыаллыбатаҕына, оскуола дириэктэригэр тиийиэхтээх. Төрөппүттэн ураты оҕо интэриэһин көмүскүүр киһи суох. Дьокуускай куоракка Короленко уулуссаҕа тахсыбыт быһылаан эмиэ икки өрүттээх. Оҕотун көмүскэспит аҕа кэлэн туора ыал оҕотун кэлэн сахсыйбыт видеота эмиэ тарҕаммыта. Төрөппүт ханнык да түгэҥҥэ оҕотун диэки буолуохтаах, ол эрээри кини сааһын ситэ илик оҕолорго илиитин көтөҕөр бырааба суох. Оскуола дьаһалтатыгар быһаччы сибээскэ тахсан балаһыанньаны быһаарыахтаах. Хайа даҕаны төрөппүт оҕото атаҕастаныан баҕарбат, ол иһин кинилэр кыра саастарыттан оҕолорун, чуолаан уолаттарын бэйэни көмүскэнэргэ, утары аахсарга эмиэ үөрэтиэхтэрин сөп. Оскуолаҕа оҕо кырбана, атаҕастана барыа суохтаах. Маннык быһылааннарга кытаанах миэрэ ылыллыахтаах.
Сэрэтэр үлэни оскуола оҥоруохтаах
Ааспыт сайын оскуола оҕото кыыс “Чайхана” кафеҕа туалекка киирэн эрэр кыыһы сидьиҥник кырбаабыт видеота тарҕаммыта. Маннык быһылаан кэнниттэн социальнай ситим киэҥ араҥатыгар айдаан тахсан, дьон-сэргэ кэмэнтээрийэ буруйданааччыны «тутан сиир». Ардыгар гаджеты, интэриниэти буруйдууллар. Аныгы оҕолор бары куһаҕаны көрө-истэ сылдьаллар дииллэр. Сорохтор оскуоланы, төрөппүттэри буруйдууллар. Киһиэхэ кырыктаах быһыыны оҥороллорун саастарын ситэ илик оҕолор өйдөөбөттөр. Кинилэр маннык быһыыланан бэйэлэрин инникилэрин сарбыналларын туһунан сэрэтэр үлэ оскуолаҕа ыытыллыахтаах. Тоҕо оскуолаҕа? Араас төрөппүттээх оҕолор бааллар. Сорохтор оҕолорун кытта кэпсэппэттэр, сорохтор ити туһунан бэйлэрэ даҕаны билбэттэр. Ол иһин оҕо билии ылар тэрилтэтэ оскуолата эрэ бу туһунан бэсиэдэлэри ыытыахтаах. Оҕо буруйу оҥордоҕуна туохха тиийэрин туһунан эрдэттэн сырдатар үлэни ыыта сылдьыахтаах дии саныыбын. Ханнык да түгэҥҥэ сиэр-майгы өттүнэн доҕолоҥнооһуну тохтоторго уопсастыбаннас эмиэ кыттыһыахтаах. Оҕолорбут кэлэр көлүөнэни сүрүннүүр, олоҕу оҥорор дьон буолуохтаахтарын умнуо суохтаахпыт!
САНААЛАР
Леонид Огочонов, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэх управлениетын салайааччытын бастакы солбуйааччыта:
– Ити социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕаммыт видео туһунан этэр буоллахха, оҕолор кыыһырсыылара, тыл-тылга киирсибэт буолуулара оскуола ахсын баар көстүү. Быһылааҥҥа эмсэҕэлээбит, уҥан хаалбыт иккис кылаас уолун санрейсынан Дьокуускайга ыыппыттар диэн сурах тарҕаммыта. Ити сымыйа сурах буолар. Оҕолор оонньуу сылдьаннар кыыһырсан турбуттар. Эмсэҕэлээбит оҕо дабылыанньалаах буолан уҥан хаалбыт. Төрөппүттэртэн туох даҕаны үҥсүү киирбэтэҕэ. Билигин биһиги инникитин маннык хатыламматын туһугар сэрэтэр үлэлэри ыыта сылдьабыт.
Любовь Иванова, төрөппүт, Дьокуускай:
– Билиҥҥи оҕолор наһаа кырыктаахтар. Ити кырыктаах сыһыан дьиэ кэргэнтэн уонна кылаас иһиттэн тахсар. Кылаас, оскуола иһигэр эйэлээх эйгэни учууталлар тэрийиэхтээхтэр. Элбэхтик кылааһынан бииргэ сылдьан, алтыһан, күрэхтэһэн кинилэр бииргэ төрөөбүт курдук чугастыы буолуохтаахтар этэ. Онуоха билигин оҕолорбутугар итинник иитии суох курдук көрөбүн. Наһаа бэйэмсэх көлүөнэ улаатан эрэр.
Евгений Васильев, төрөппүт, Дьокуускай:
– Оҕо иитиитин туһунан этэр буоллахха, аныгы, түргэн тэтимнээх олоххо төрөппүттэр оҕолоругар болҕомто уурбаттарыттан бары кыһалҕалар үөскүүллэр дии саныыбын. Хас биирдии ыал кирэдьииттээх. Харчы эккирэтиһиитигэр сылдьар төрөппүт оҕотугар уурар болҕомтото кыра. Дьиҥэр, кинилэр оҕолорун иитээри, дьону кытта тэҥҥэ олороору түүннэри-күнүстэри сүүрүүлэрэ атын өрүттээх буолар. Ханнык даҕаны гаджет төрөппүт истиҥ сыһыанын оҕоҕо солбуйбат. Ол иһин тоҥ, бүтэй уонна бэйэмсэх, ардыгар кырыктаах оҕолор үүнэн тахсыахтарын сөп дии саныыбын.
Лина Сергеева, төрөппүт, Мэҥэ Хаҥалас улууһа:
– Билиҥҥи оҕолору үлэнэн иитиэххэ наада. Урут биһиги оскуолаҕа күһүн күнүс кутан, түннүк сууйсан, хаар түһэрэн үлэ бөҕөтө буоларбыт. Билигин оҕолору аһары харыстаан туох да үлэҕэ кытыннарбаттар. Ол түмүгэр атын дьарыга суох оҕолор эниэргийэлэрин таһаарар сирдэрэ суох. Аны физкультура уруога нэдиэлэҕэ биирдэ иккитэ эрэ буолар, дьиҥэ оҕону эт-сиин өттүнэн эрчийии нэдиэлэҕэ түөртэ ыытыллыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: