Салгыы
Бит-билгэ: Кыра оҕо битэ уонна оҕону түһээн көрүүнү тойоннооһун

Бит-билгэ: Кыра оҕо битэ уонна оҕону түһээн көрүүнү тойоннооһун

Ааптар:
15.10.2024, 15:00
Хаартыска: ЗАГС управлениета.
Бөлөххө киир:

Кыра оҕо битин уонна оҕону түһээн көрүүнү хайдах тойоннуулларый?

Кыра оҕо битэ. Биттэнии диэн киһи этинэн-сиининэн сэрэйэн эбэтэр туохха эмэ олоҕуран бу күннэргэ туох буолуохтааҕын эрдэ билэр. Биттэнии арааһа элбэх. Киэҥник тарҕаммыт, үксүбүт билэр көннөрү биттэнии холобурдара:

Хаампыт оҕо муостаҕа икки илиитинэн тайанан баран икки ардынан көрөр (кэннинэн харахтанар) — ыраахтан киһи иһэр.

Олорор оҕо силин бырдьыгыната оонньуур («ас таһаарар») — бултуу барбыт дьонноох буоллаххына, бултуйан кэлэллэр эбэтэр хантан эрэ кэһии кэлэр.

Үс-түөрт ыйдаах оҕо илиитинэн атаҕын төбөтүн тардыһа сылдьар буоллаҕына — эбии оҕолоноҕут. Бу бити «балыс тардыһар» диэн ааттанар.

Оҕону түһээн көрүүнү тойоннооһун. Түүл  араас  буолар…  Бааллар,  өйгө-санааҕа  иҥэн,  дууһаны  самнары  баттыыр ыарахан түүллэр.  Бааллар,  киһини  кынаттыыр,  биллибэт  күүһү  угар дьиктилээхэй  түүллэр.  Сорохтор,  бэл,  түүл  киһи иккис  олоҕо  дииллэр…  түүлү  билиҥҥэ  диэри  итэҕэйэллэр.  Ону дьарыктанан  кэтээн  көрдөххө,  сороҕо сөп  түбэһэр  курдук.

Киһи  түһээн  быһаҕы,  сүгэни,  оҕу,  батаһы  булара  —  уол  оҕо төрүүр түһэ. Оттон  кыптыыйы,  иннэни,  ыаҕаһы  эҥин  булара  —  кыыс  оҕо төрүүр түһэ.

Кыра,  этиргэн  оҕо  —  ситиһииттэн  дьоллонорго,  этэҥҥэ  сылдьарга.

Кыра оҕону ньээҥкэлээһин  — тапталга,  үпкэ-харчыга табыллыы.

Ытыыр,  муҥхаалланар оҕо — сирэй  көрбөх дьон атахтыылларыгар.

Оҕону таһыйыы, кэтэххэ биэрии — иэрэн-сааран  балаһыанньаҕа киирэргэ,  дьыала-куолу  иннэ-кэннэ  биллибэт буоларыгар.

Ийэ  оҕото  ыалдьыбытын  көрөрө —  оҕото  этэҥҥэ  сылдьарыгар.

Быраҕыллыбыт оҕону булуу  —  баай-дуол  кэлэригэр.

Бэйэҕэр маарыҥныыр кыра оҕо көстүүтэ — өй-санаа өссө да ситэ сайда  илигин,  оҕотук санааҥ сорох  өрүттэргэ  баһыйарын ыйар.

«Оҕо барахсан» кинигэттэн, 2018 с.

+1
14
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: