Сиэрдээх чэкиис добун олоҕо
Cэбиэскэй былаас олохтонуоҕуттан саха омукка уонунан сыллар тухары ыар буруйдааһын биир көстүүтүнэн национализмҥа күтүрээһин буолара. Саха омук чулуу дьонун – Максим Кирович Аммосовы, Платон Алексеевич Ойуунускайы, Исидор Никифорович Бараховы, Степан Максимович Аржакову уо.д.а. национализмҥа буруйдаан өлөртөөбүттэрин уонна Георгий Прокопьевич Башарины, Василий Семёнович Яковлев-Даланы, Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэни, Егор Егорович Алексеевы уо.д.а. национализмна күтүрээн уһуннук сойуоласпыттарын саха дьоно умнубакка, өйүн-санаатын, сүрэҕин түгэҕигэр сөҥөрөн илдьэ сылдьара.
Чулуу дьоммутун национализмҥа буруйдааһыннарын дьоммут-сэргэбит саха омугу бүттүүнүн буруйдааһын курдук ылынар этэ. Эбиитин уорганнар кэмиттэн кэмигэр ону санатар-өйдөтөр буолаллара, 1980-с сыллар ортолоругар-бүтүүлэригэр, баартыйа актыыбын мунньан баран, сахалар национализмнарын туһунан КГБ эппиэттээх үлэһиттэрэ лиэксийэ ааҕаллара, бэчээккэ суруйаллара. Ол курдук, «Социалистическая Якутия» диэн бырабыыталыстыба хаһыатыгар «Разорванная паутина» диэн ааттаах, Таатта олохтоохторо Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕана сэбиэскэй былааһы утаран бастаанньа бэлэмнии сылдьыбыттарын курдук, олох сымыйа ис хоһоонноох ыстатыйаны оччотооҕу Саха сирин КГБытын салайааччыта бэчээттэтэн турардаах.
«Тоҕуһуонус сыллар» диэн аатынан дьон өйүгэр санаатыгар иҥпит уларыта тутуу сыллара хас да өрүттээх уустук сыллар этилэр. Ол эрэн, ити сыллары саха омук иккис тыынын ылбыт, сайдыы суолугар үктэммит сылларынан ааҕар эмиэ сөптөөх буолуо дии саныыбын.
Ити кэрчик кэмҥэ саха бастыҥ учуонайдара, суруйааччылара, суруналыыстара – Егор Алексеев, Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ, Василий Яковлев-Далан, Дмитрий Кустуров, Иван Николаев, Иван Ушницкай уонна да атыттар – докумуоннарга олоҕуран, бары дакаастабыллары түмэн, анааран саха омугу национализмҥа буруйдааһын олоҕо суоҕун саас-сааһынан быһааран биэрбиттэрин элбэх саха ис сүрэҕиттэн ылынан, сорох долгуйан да туран аахпыта, астыммыта, уонунан сылларга омугу баттыы сылдьыбыт ыар сүгэһэртэн босхоломмут курдук санаммыта.
Норуот өйө-санаата уһуктарыгар, бэйэтигэр эрэлэ эбиллэригэр, көҥүл сайдыы кэллэ диэн итэҕэйэригэр бу дьон олук буолбуттара, дьон-сэргэ олоҕор суолталаах аналларын-соруктарын (историческая миссия) толорбуттара.
Итинник улахан хамсааһыннар тас көстүүлэрин кэтэҕэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ улаханнык биллибэккэ-көстүбэккэ, олус элбэҕи оҥорбут, быһаарар оруолу ылбыт саха дьоно баалларын билэбит.
Хайа баҕарар омук кэмиттэн кэмигэр дьылҕатыгар улаханнык дьайар тургутуулары ааһар, нууччалыы эттэххэ, «исторические вызовы» диэни. Күүстээх, инникигэ кэскиллээх омук итинник кэмнэргэ күүһүрэн-кыаҕыран, тыыллан-хабыллан турар. Итини ситиһэр инниттэн олох бары хайысхатыгар норуот бэйэтин иһиттэн бэлэмнээх, хорсун, норуоттарын иннигэр сиэртибэлэнэр кыахтаах, ураты хаачыстыбалаах дьону иитэн таһаарар. Ол оннук ураты дьонтон биирдэстэринэн Афанасий Павлович Кириллин буолар диэн этэр сөптөөх.
Түҥ былыргыттан араас дойду өйдөөхтөрө «бу сир үрдүгэр хас биирдии киһи араас таһымнаах туох эрэ аналлаах-соруктаах (миссиялаах) ананан кэлэр» дииллэр. Ол аналы-соругу толоруу – киһи аайы кыаллыбат уустук сорук. Быһаарыылаах түгэниҥ кэлэригэр эн уһаарыллыы бары көрүҥүн ааһан, ону тулуйан, этэҥҥэ туораан бэлэм киһи тиийиэхтээххин.
Афанасий Павлович кыра сааһыттан уһаарыллыы, сайдыы бары таһымын ааспыта. Кини соҕотох ийэ оҕото буолан кыра оҕо сылдьан, сэрии кэннинээҕи аас-туор олох бары ыарахаттарын этинэн-хаанынан билбитэ. Таайын Давид Михайлович Егоров дьиэ кэргэнин кытта төрөөбүт төрүт түөлбэтиттэн арахсан Абый, Аллайыаха оройуоннарыгар олорбута, үөрэммитэ. 1961 с. Чокуурдаах орто оскуолатын бүтэрбитэ. Бу отой туһунан эйгэлээх, атын өйдөөх санаалаах ыраах хоту сирдэргэ араас оскуолаларга үөрэниитэ кини уһаарыллыытын бастакы кэрдииһэ этэ. Ити кэми хайдах ааспытын кини оскуола лиидэрэ, хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ буолбута, успуорт элбэх көрүҥэр инники күөҥҥэ тахсыбыта арылхайдык көрдөрөр.
Кини 19 сааһын туолан, Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, Забайкальскай байыаннай уокурукка сулууспалыыр. Ол саҕана Сэбиэскэй аармыйа сэбилэниитигэр саҥа күүскэ киирэн эрэр стратегическай суолталаах баллистическай аракыаталары көрөр-истэр, наада буоллаҕына туттар чып кистэлэҥ байыаннай чаастар тэриллэн эрэр кэмнэрэ этэ. Ити чаастарга улахан сыымайдааһын түмүгүнэн уһулуччу эрэллээх, уустук тиэхиньикэни баһылыыр кыахтаах саллааттары эрэ талан ылаллара. Афанасий Павлович ити ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир буолан, үс сыл устата хайа быыһыгар кистэнэ сытар чааска сулууспалыыр. Барыларыттан кыра уҥуохтаах, дьарамай уол сотору буолаат, сулууспа бары хайысхаларынан инники күөҥҥэ тахсар уонна саллаакка тиксэр наҕараадалары үксүлэрин хомуйан, үс сылынан дойдутугар эргиллэр. Онон уһаарыллыытын иккис кэрдииһин эмиэ ситиһиилээхтик ааһар.
Сулууспа кэнниттэн Афанасий Кириллин Москубаҕа Сэбиэскэй Сойуус КГБытын Феликс Дзержинскэй аатынан Үрдүкү оскуолатыгар талыллан үөрэнэр уонна 1973 с. бүтэрэр. Үөрэнэр кэмигэр биир бастыҥ, эргиччи сайдыылаах курсаан быһыытынан бэйэтин көрдөрөр. Манна даҕатан эттэххэ, перекладинаҕа тардыныыга КГБ Үрдүкү оскуолатын рекордун охсубута уһуннук турбута диэн буолар. Кыра уҥуохтаах киһи диэтэххэ, волейболга оонньуура билиҥҥэ диэри номоххо сылдьар, кини ити көрүҥҥэ КГБ оскуолатын, Саха сирин КГБытын, «Динамо» уопсастыба сүүмэрдэммит хамаандаларыгар оонньообута киһини эрэ сөхтөрөр.
Кини олоҕор ситиһиилээх, куруук инники күөҥҥэ сылдьар киһи буолан, уҥуоҕа кыратын санаа баттыга оҥостубат, хата, онно сөптөөх күлүүлээх түгэннэри кэпсээччи. Кини Мииринэйгэ үлэтинэн сырыттаҕына, эмиэ кыра уҥуохтааҕынан биллэр, сахалартан алмаас бырамыысыланнаһыгар биир саамай үрдүк дуоһунаска үлэлээбит, ол саҕана Мииринэй улууһун баһылыгынан үлэлии сылдьар Анатолий Тарасович Попов Афанасий Павловиһы эргийэ хааман элиэтии сылдьар үһү. Афанасий Павлович күлэн баран: «Олус да эрэйдэнниҥ, доҕор, чэ, кэл, тэҥнэһиэххэ», – диэбит. Киһитэ хап-сабар ойон кэлэн тэҥнэспиттэрэ Анатолий Тарасович кыранан өндөс буолан биэрбит уонна онтон олус үөрбүт. Биллэн турар, саха икки саарынын ити оонньуулара кинилэр ис-истэриттэн көрүдьүөстээхтэрин, бэтиэхэлээхтэрин, киһилии майгылаахтарын уонна өй-санаа өттүнэн таһымнара үрдүгүн көрдөрөр.
Афанасий Кириллин бэйэтин үлэлиир уустук эйгэтигэр дьиҥнээх профессионал уонна киһи быһыытынан эрэллээх, тургутуу бары таһымын ааспыт исписэлиис буоларын толору дакаастаан, дуоһунастан дуоһунаска сыыйа үрдээн испитэ. 1985 сылтан саҕаламмыт уларыта тутуу, быраапка олоҕурбут (правовой) судаарыстыбаны олохтооһун, бары араҥаҕа демократия өйдөбүллэрин киллэрии кэмигэр кини Куттал суох буолуутун кэмитиэтин салалтатын үрдүкү кэрдииһигэр тиийэ үүммүтэ. Ити курдук эргиччи бэлэмнээх, дьиҥнээх патриот киһи судаарыстыба, омук, биирдиилээн дьон дьылҕатыгар быһаччы дьайар кыахтаах тэрилтэ салалтатыгар кэлэктиип бэйэтин иһиттэн үүнэн тахсыыта сахаларга улахан суолталаах этэ.
Судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун хааччыйар кэмитиэт уонна саха интэлигиэнсийэтин икки ардыгар сыһыан ханнык да кэмҥэ уустук буолара. Кэмитиэт «карающий меч диктатуры пролетариата» диэн сыаллаах-соруктаах тэриллибитин бары өйдүүбүт, ити соругун кини сороҕор олус кырыктаахтык толорбутун эмиэ билэбит. Онон саха интэлигиэнсийэтин көҥүл өйдөөх-санаалаах араҥатын өттүттэн «хотугу ыалларбытыгар» (КГБ – эвфемизм) тоҥуй, дьаарханар, сороҕор абааһы көрөр сыһыан баар буолара. Биллэн турар, ити өйдөнөр, кэмитиэттэн толлуу, сэрэнии булгуччу баар буолуохтаах, ол араас экстремистии дьайыылартан туттунар, аһара барыылары тохтотор күүс буолар. Ол эрэн, ити сыһыан икки өттүттэн абааһы көрсүүгэ, утарыта турууга тиийэрэ судаарыстыба тутулугар, биирдиилээн дьон дьылҕатыгар охсуута улахан буолуон сөп.
Ол иһин кэмитиэт иһигэр үлэлии сылдьар, кэм-кэрдии, олох сайдыытын хаамыытын уонна кэмитиэт, судаарыстыба тутулун эрэ көмүскүүр сыаллаах-соруктаах буолбакка, дьон быраабын хайаан да көмүскүүр аналлааҕын табатык өйдүүр дьон салалтаҕа тахсан баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылаллара, кэмитиэт үлэтин философиятын уларыталлара, киһи диэки хайыһыннараллара булгуччу наадалаах буолбута.
Бу уустук, үлэ хайысхатын уларытыы кэмигэр кэмитиэт иһигэр идэтийэн үлэлии сылдьар, инники күөҥҥэ тахсыбыт, үрдүк интеллектээх, эргиччи сайдыылаах бэйэбит дьоммут күүстээх араҥалара үөскээһинэ биһиги улахан табыллыыбыт буолар. Бу араҥа дьиҥнээх бас-көс киһитэ, салайааччыта, үөскээбит идиэйэлэри хамсатааччы, туруулаһааччы, олоххо киллэрээччи Афанасий Павлович Кириллин буолара мөккүөрэ суох. Кини аттыгар турбут, нэһилиэнньэҕэ элбэх туһаны аҕалбыт дьон быһыытынан С.В. Лыткины, В.И. Домрачевы, Р.С. Хасиевы, В.И. Пахаревы, Е.Ф. Нартаховы, С.К. Петровы, А.И. Карамзины уо.д.а. ааттыыр сөптөөх.
Биллэн турар, дойду үрдүнэн ыытыллар бэлиитикэ уларыйыыта, сымнааһына тоҕоостоох кэмҥэ Афанасий Кириллин хамаандатыгар улахан кыахтары үөскэппитэ. Ол кыаҕы толору сатаан туһаныы, өссө күүһүрдэн биэрии лиидэртэн, хамаанда хас биирдии киһититтэн тутулуктааҕа өйдөнөр. Афанасий Павлович сатабыллаах салалтатынан баар балаһыанньаны таба сыаналаан сөптөөх үлэ ыытыллан, саха айар интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрэ, учуонайдара кэмитиэт архыыбыгар сылдьар бырааптанан, урукку өттүгэр кистэлэҥҥэ сыппыт матырыйааллары чинчийэр, үөрэтэр кыахтаммыттара. Ол суолтатын туһунан үөһэ ыйыллыбыта.
Афанасий Павлович, салайааччы эрэ быһыытынан буолбакка, бэйэтин киһи быһыытынан хаачыстыбатынан, киэҥ билиитинэн, омугун сиэрин-туомун, олоҕу анаарыытын, ыра санаатын, ааспыт олоҕун устуоруйатын билэринэн саха айар интэлигиэнсийэтин сөхтөрөрө. Ол да иһин, саха бастыҥ дьонун куттарын туппута. Өргөстөөх Өлөксүөйэп диэн аатынан биллибит, үйэтин тухары омугун национализмҥа буруйдааһыны утары, саха интэлигиэнсийэтин чулуу дьонун онно суох хараардыллыбыт ааттарын тилиннэрии туһугар турууласпыт устуоруйа билимин дуоктара Е.Е. Алексеев буруйа суохтарыгар балыллан, национализмҥа буруйданан хаайылла сылдьыбыт саха саарыннара Василий Яковлев-Далан, Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ Афанасий Павлович туһунан ахтыыларын ааҕан, хайдах курдук бу дьон кинини үрдүктүк сыаналыылларын сөҕөҕүн.
Холобур, Е.Е. Алексеев сыанабылын биир эрэ абзаһа бу баар: «Глубокий ум и дальновидность, умение прогнозировать и понимать перспективу, искреннее желание изменить имидж органов госбезопасности, которые с 1928 года воспринимались только как карательные, достойны глубочайшего уважения».
Афанасий Павлович үлэтин чараас муус устун хаамар курдук уустук, сэрэхтээх хайысхатыгар туруоруммут сыалын үксүн ситиспитэ. Омугар, дьонугар-сэргэтигэр оҥорбут үтүөтэ туһааннаах, толкуйдуур дьоҕурдаах араҥаҕа сөптөөхтүк сыаналана туруо, умнуллуо суоҕа диэн эрэниэххэ сөп.
Өрөспүүбүлүкэ тургутуу сылларыгар инники хардыылыырыгар, сайдарыгар биллэн турар, улахан оруолу Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларацияны, ону бигэргэтэр Төрүт Сокуону (Конституцияны) ылыныы, көҥүл диэки хайыһыы улахан оруолу ылбыта саарбахтаммат. Ол эрэн, ити, философия өйдөбүлүнэн эттэххэ, надстройка эрэ, экэниэмикэ бөҕө тирэҕэ (базиһа) суох буоллаҕына кыайан туһалаабат. Дьэ, ол иһин иккис өрөспүүбүлүкэни төрүттээһин үлэтэ саҕаланыаҕыттан М.Е. Николаев хамаандата экэниэмикэҕэ бэйэни бас билинии туһугар турууласпытынан барбыта. Бу хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэбит, омукпут салайааччылара, анал үөрэхтээх, идэтийбит дьоно кыахтарын барытын биэрэн туран үлэлэспиттэрэ. Кинилэр ортолоругар Афанасий Кириллин эмиэ тутаах миэстэни ылар этэ.
Киһи сөҕүөн иһин, бу хайысхаҕа Афанасий Павлович эмиэ анал бэлэми барбыта. 1984 с. Афанасий Павлович Саха АССӨ КГБытын экэниэмикэҕэ салаатын (экономическая контразведка) начаалынньыгын солбуйааччынан ананан үлэлиир. 1989–1992 сс. салаа (отдел) начаалынньыга буолар. Бу үлэлиир сылларыгар экэниэмикэҕэ дойду үрдүнэн уларыйыы-тэлэрийии, түҥ-таҥ түһүү бөҕө буолбута. Салаа (отдел) сүрүн соругунан норуот хаһаайыстыбатын, экэниэмикэ бары хайысхаларын үлэлэрин сүнньүнэн оперативнай, ол иһигэр кистэлэҥ, информацияны хомуйуу, хомуллубут информацияны чинчийии, анаарыы, түмүктэрин туһааннаах тэрилтэлэргэ, былаас уорганнарыгар тириэрдии буолара. Онон ол саҕанааҕы экэниэмикэ балаһыанньата өрөспүүбүлүкэҕэ, дойду үрдүнэн ханнык таһымҥа турарын, атын субъектар туох-ханнык хамнаныыны оҥороллорун, туох итэҕэс-быһаҕас баарын, кимнээх өрөспүүбүлүкэ баайын-дуолун иҥэринээри суудайалларын Афанасий Павлович барытын билэн олороро. Михаил Ефимовиһы кытта кини үлэ сүнньүнэн эрэ буолбакка, киһи быһыытынан истиҥ сыһыаннаах буолан, өрөспүүбүлүкэбит аҕа баһылыга олус элбэх боппуруоска Афанасий Павловиһы кытта киэҥ эйгэҕэ сүбэлэһэр, информация ылар этэ. Ол Михаил Ефимович олох араас хайысхатыгар сөптөөх дьаһаллары ыларыгар төһүү күүс буолбута чахчы.
Билигин, хаһан баҕарар буоларын курдук, «АЛРОСА» АХ тэриллиитигэр, алмаас бырамыысыланнаһа сайдарыгар, «Якутуголь» АХ кыаҕырарыгар ураты кылааты киллэрсибит дьон бириэмэ аастаҕын аайы сылтан сыл элбээн, эбиллэн иһэллэр. Ол өйдөнөр эрээри, дьиҥнээхтик күүс-көмө буолбут, элбэх боппуруоһу быһаарбыт дьоммут, саҥата-иҥэтэ суох сылдьалларыгар тэптэрэн, иһиллибэккэ-биллибэккэ хаалар түгэннэрэ элбэх.
«АЛРОСА» АХ тэриллиитигэр, туруктаах буоларыгар, «Якутуголь» АХ саҥа хайысхаҕа киирэригэр, бу икки тутаах тэрилтэлэрбит норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсалларыгар өрөспүүбүлүкэ КГБытын экэниэмикэҕэ салаатын уонна салаа салалтатын оруола олус улахан. Михаил Ефимович уустук, отой саҥа суоллары арыйар боппуруостары быһаарарыгар Афанасий Павловиһы кытта сүбэлэспитэ элбэх. Ордук биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастаан аан дойду таһымыгар тахсарыгар, араас омук дойдуларын кытта дуогабар түһэрсиилэргэ Афанасий Павлович көмөтө, сүбэтэ, сорох түгэннэргэ быһаччы да орооһуута үгүс. Афанасий Павлович 1989-1992 cc., этиллибитин курдук, экэниэмикэ салаатын начаалынньыгынан, 1992-1994 сс. кэмитиэт салайааччытын бастакы солбуйааччынан, 1994 с. сахаттан аан бастаан куттал суох буолуутун миниистиринэн ананан үлэлээбитэ. Кини өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин сайдыытыгар туох-ханнык оруоллааҕын ити да көрдөрөр. Ол иһин даҕаны кини 46 сааһыгар өрөспүүбүлүкэҕэ норуот хаһаайыстыбата, экэниэмикэ сайдыытыгар, туруктаах буоларыгар киллэрбит кылаатын учуоттаан, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» диэн үрдүк ааты кэмитиэт үлэһиттэриттэн аан бастакынан ыллаҕа.
Онон, Афанасий Кириллин иккис өрөспүүбүкэбит экэниэмикэ өттүнэн күүһүрэригэр, саҥа ырыынак хайысхатыгар ыарыыта суох киирэригэр бэйэтин улахан суолталаах аналын-соругун толорбута диэн сыаналыах тустаахпыт.
Афанасий Павлович үлэлиир кэлэктиибигэр уһулуччу улахан аптарытыатынан туһанара, кини эргиччи сайдыытынан, профессионал быһыытынан таһымынан уһулуччу инники барбытын биир түгэн арылыччы көрдөрөр дии саныыбын.
Кини 1984 c., этиллибитин курдук, өрөспүүбүкэ КГБытын экэниэмикэҕэ салаатын начаалынньыгын солбуйааччынан үлэҕэ ананан кэлбитэ. Салааны Владимир Николаевич Гришин диэн улахан тэрийэр-салайар дьоҕурдаах, уруккута сэбиэт-баартыйа үлэһитэ, 52 саастаах үлэтин үгэнигэр сылдьар полковник салайара. Салаалара кэмитиэт иһигэр биир бастыҥ үлэлээҕинэн ааҕыллара.
Владимир Николаевич бииргэ үлэлии сылдьан, Афанасий Павлович үлэтин, кини төһө таһымнааҕын анаан кэтээн көрөн баран, олус соһуччу түмүккэ кэлбитэ. Өрөспүүбүлүкэ КГБытын бэрэссэдээтэлин В.Д.Кондраков аатыгар, кинини үлэтиттэн босхолоон, салаа начаалынньыгын дуоһунаһыгар дьиҥнээх профессионалы, үлэни тэрийэр ураты дьоҕурдаах Афанасий Кириллини аныыр наадалааҕын туһунан араапар түһэрбитэ, бэйэтэ киниэхэ солбуйааччынан үлэлииргэ бэлэмин туһунан суруйбута. Бу судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун хааччыйар сулууспаҕа хаһан да буолбатах түгэн – иккиэннэрин киһи уонна профессионал быһыытынан хайдахтаах курдук үрдүк чыпчаалга туралларын кэрэһилиир ураты дьайыы.
Евгений Гришин араапарын генерал Валентин Кондраков өйөөн, дойду КГБытын дьаһалынан Афанасий Кириллин ити салаа начаалынньыгынан 1989 с. анаммыта.
Афанасий Павлович үлэлиирин устата үксэ кэлии дьонтон састааптаах, элбэх араас омуктар үлэлиир кэлэктииптэрин салайан кэлбитэ. Ол былаһын тухары кэлиилэр-олохтоохтор диэн атааннаһыы, омугумсуйуу салгына кини салайар кэлэктииптэрин таарыйбатаҕа. Итини таһынан 1990-c дьалхааннаах сылларга национализм, сепаратизм олохтоох нэһилиэнньэҕэ, бырамыысыланнас оройуоннарыгар күөдьүйэр куттала үөскүү сылдьыбыта баар суол. Ол көрдүгэннии сытар кыымы күөдьүппэккэ, күүс өттүнэн хам баттыы сатаан утарыта турсууну тэрийбэккэ, былаас уонна уопсастыба итиэннэ норуоттар икки ардыларыгар аһаҕастык кэпсэтиини тэрийэн итэҕэйсии суолун тобулуу, дьону-сэргэни уоскутуу өрөспүүбүкэ иннигэр күүскэ турбута. Бу боппуруос эйэ дэмнээхтик быһаарылларыгар кини оруола олус улахан диэн этэр оруннаах. Ити саҕана төһөлөөх сыыһа-халты туттубут, алҕас аһара барыталаабыт ыччаппыт национализмҥа буруйданан дьылҕалара алдьаныахтааҕын Афанасий Павлович хамаандата дьоҥҥо харыстабыллаах сыһыана, сокуону таба туһанара быыһаабыта-араҥаччылаабыта буолуой?
Кини судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун хааччыйар эрэгийиэннээҕи сулууспа салайааччыларыттан бастакынан айар интэлигиэнсийэни, медиа эйгэни, уопсастыбаннаһы кытта аһаҕас кэпсэтиигэ, сырдатыыга киирбит салайааччы буолар. Ол да иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов: «Новым руководителем госбезопасности республики стал интересный человек, с большим здравым умом, чистой душой и настоящий патриот Афанасий Павлович Кириллин», – диэн эттэҕэ.
Быйыл сахалар биир уҺулуччулаах киһибит, сиэрдээх чэкиис Афанасий Павлович Кириллин 80 сааһын туолла. Итиннэ даҕатан ыстатыйабын биллиилээх устуорук, политолог, суруналыыс Иван Николаев кини туһунан ыстатыйатыгар бэлиэтээһининэн түмүктүүбүн: «Я бы хотел предложить властям республики подумать о том, чтобы настолько же справедливо оценить заслуги достойного гражданина, насколько он вложил большие усилия в обеспечении экономической безопасности республики, а также в восстановлении исторической, политической и гуманитарной справедливости в отношении незаконно репрессированных представителей якутского народа».
Игорь Игнатьевич НИКОЛАЕВ, СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ, Сунтаар уонна Таатта улуустарын ытык олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: